Онкологическай-амбулаторнай киин аһылынна

19.06.2019
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Онкологическай көмө амбулаторнай кииннэрэ арыллан эрэллэр. Бастакы киин ыам ыйын 29 күнүгэр 3-с №-дээх балыыһа иһинэн аһыллыбыта. Билигин Дьокуускай куоракка икки уонна Мииринэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка маннык кииннэр аһыллан, үлэлии тураллар. Сыл бүтүөр диэри барыта 9 киин арыллара былааннанар.

Бэс ыйын 18 күнүгэр Семен Данилов уулуссатыгар 1-кы №-дээх поликлиника иһинэн Онкологическай амбулаторнай киин аһылынна. Маннык кииннэр искэн ыарыыларын утары охсуһарга көдьүүстээх буолуохтара, тоҕо диэтэр, ыарыыны эрдэ буллахха, үтүөрэр кыах улаатар.

2017 сыл түмүгүнэн Саха сирэ дойду үрдүнэн искэн ыарыытын эрдэ булууга бүтэһиктэн иккис миэстэлээх этэ. Бу куһаҕан ыарыы өлүү биричиинэтин уопсай ахсааныттан иккис миэстэҕэ тахсыбыта. Сыллата 1300-1500 киһи тыына быстар. Үксүгэр дьон хойутаан, ыарыыга баалатан баран кэлэллэр, оннук түгэҥҥэ кыайан быыһамматтар.

Онон эрдэттэн булуу, эмтээһин улахан суолталаах. Былаан быһыытынан, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өссө 15 киини арыйыахтаахтар. Кэлин Дьокуускайга тутулла турар онкологическай диспансеры кытта бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Урут ноҕурууска барыта диспансерга түһэр эбит буоллаҕына, билигин сороҕо бу кииннэргэ барар буолар.

1-кы №-дээх поликлиника иһинэн 5 сытар куойкалаах Онкологическай амбулаторнай киинин аһыллыытыгар доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, РФ доруобуйа харыстабылын миниистирин көмөлөһөөччүтэ Виталий Флек, поликлиника кылаабынай бырааһа Алевтина Эверстова кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттары поликлиника үлэһиттэрин күүстэринэн тэриллибит “Айылгы” хомусчуттар ансаамбыллара эҕэрдэлээтэ.

Федеральнай миниистир көмөлөһөөччүтэ “олоҕу, кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэҕит” диэн хайҕаата. “Амбулатория уонна стационар бииргэ холбоһуулара — нуорма-быраап уларыйбытын туоһута. Биһиги быраап өттүнэн тупсарарга өссө үлэлэһиэхит”, — диэн Виталий Олегович эрэннэрдэ.

Искэннээх ыарыыны эрдэттэн булан эмтииргэ туһуламмыт үлэ барар. 2020 сылга диэри бастакы сүһүөх амбулаторнай систиэмэни тутан бүтэриэхпит. Аныгыс нэдиэлэҕэ өссө икки киин үлэҕэ киириэхтээх. Былырыын радиология киинэ тутуллубута, ол эрээри, Онкология диспансера тутуллара хайаан да наадалаах. “Онкопоиск” аахсыйаҕа 60 тыһыынча киһи баҕа өттүнэн кытынна, бу дьон бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэһэ үрдээн иһэрин көрдөрөр, — диэн миниистир Елена Борисова бэлиэтээтэ.

Киин сэбиэдиссэйэ Надежда Киприянова кэпсээбитинэн, поликлиника бырааһыттан анатан кэлэн, ким баҕарар манна көрдөрүөн сөп. Кинини чинчийэн, диспансерга кэтээн көрөн баран, амбулаторияҕа таһыттан сылдьан, эбэтэр күнүскү стационарга сытыаран 6-с таһымҥа диэри хиимийэнэн эмтииллэр. 12 см диэри хайытан, искэни ылан быраҕыахтарын сөп. Эндоскопия кабинетыгар куртаҕа, оһоҕоһо искэннээх ыарыһахха туруупканы уган, курдары көрөр кыах баар. Кииҥҥэ көмпүүтэр томографията, рентген салаата, амбулаторнай хирургия, тыынар уорганы чөлүгэр түһэрэр респираторнай салаа, УЗИ-кабинета  бааллар.

Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар тыынар уорганнар ыарыыларыттан өлүү инники күөҥҥэ сылдьар. Онон манна респираторнай салааны олохтоотубут. Пациент биир дьиэҕэ эмтэнэрин, бары өҥөнү ыларын курдук усулуобуйаны олохтоотубут. Икки онколог быраас үлэлиир. Сэбиэдиссэйбит – биллиилээх быраас, наука дуоктара Надеждя Киприянова. Петр Ефимов – онкологтарга эмиэ биллэр быраас. Өссө да эдэр быраастары бэлэмнии сылдьабыт.

Биһиги поликлиникабытыгар сыһыарыллыбыт 12 тыһыынча киһиттэн 900, Дьокуускай куорат үрдүнэн 4,5 тыһ. искэннээх ыарыһах учуокка турар. Сыл устата бу кииҥҥэ кэлэн 800-чэ киһи хиимийэнэн эмтэниэн, күҥҥэ 50 киһи көрдөрүөн сөп, — диэн кылаабынай быраас Алевтина Эверстова кэпсээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019-2024 сылларга искэн ыарыыларын утары охсуһар эрэгийиэннээҕи бырагыраама ылыллыбыта. Бырагыраама ыарыыны аҕыйатар, диагностика кэмин кыччатар, эмтээһин хаачыстыбатын үрдэтэр сыаллаах.

 Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Андрей Сорокин түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0