Онколог-быраастар Анаабырга үлэлииллэр

07.04.2022
Бөлөххө киир:

Онкологическай диспансер ыраах сытар, суол-ииһэ суох сирдэргэ “онкодесант” диэн айаннара салҕанар. Билигин диспансер биир биригээдэтэ ыраах Анаабыр улууһугар үлэлии сылдьар диэн СӨ доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу үлэни Ийэ сылынан уонна мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын тупсарар, табыгастаах оҥорор туһуттан ыыталлар.

Биригээдэ муус устар 4-11 күннэригэр Анаабыр улууһугар үлэлиир. Биллэрин курдук, Анаабырга икки эрэ сэлиэнньэ баар. Миэдиктэр Үрүҥ Хайа олохтоохторун көрөн-истэн баран, билигин улуус киинигэр Сааскылаахха тиийдилэр.

Бу дьоҕус биригээдэҕэ онкологическай диспансер кылаабынай бырааһын амбулаторнай-поликлиническай үлэҕэ солбуйааччы Пётр Владимирович Никифоров, УЗИ бырааһа Мария Николаевна Гурьева, онколог-быраас Моника Сергеевна Стручкова, сиэстэрэ Евдокия Николаевна Бысыина үлэлии сылдьаллар.

Ыраах хоту, санаатах аайы көтөн кэлбэт сиргэ тиийэн бу маннык исписэлиистэр баран үлэлииллэрэ, нэһилиэнньэни көрөн-истэн, ыарахан ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыыталлара тыын суолталаах.⠀

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0