Ыам ыйын 16-20 күннэригэр Горнай улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер “Онкодесант” биригээдэтэ үлэлиир.
Быраастар бастаан улуус киинигэр Бэрдьигэстээххэ, онтон салгыы Бэс Күөлэ, Күөрэлээх, Орто Сурт сэлиэнньэлэригэр үлэлиэхтэрэ, олохтоохтор доруобуйаларын туругун сиһилии чинчийиэхтэрэ.
Бу маннык биригээдэлэр үлэлэрэ улахан көдьүүстээх, тоҕо диэтэр, эрдэттэн искэни буллахха, бу ыарыы эмтэниллэр, өлүү ахсаана аҕыйыыр. Киһи эрэ барыта күннээҕи түбүктэн, үлэттэн быыс булан, бырааска баран көрдөрүммэт, үксүгэр уһатан-кэҥэтэн, баалатан кэбиһэллэр. Оттон үрдүк квалификациялаах быраастар бэйэлэринэн тиийэн кэлэн, босхо көрөр-истэр буоллахтарына, дьон кэлэн көрдөрүнэр, доруобуйатыгар болҕомтотун уурар. Биригээдэ быраастара искэн ыарыытын сибикитин буллахтарына, салгыы онкодиспансерга бэрэбиэркэҕэ ыҥыраллар.
Ону тэҥэ, диспансер миэдиктэрэ олохтоох быраастары кытары тэҥҥэ алтыһан, сүбэлээн-амалааан, бииргэ үлэлииллэр, онон улуустааҕы исписэлиистэр квалификацияларын үрдэтии эмиэ ыытыллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru
.