Онкодесаннар ханнык улуустарга тиийиэхтэрэй?

10.02.2020
Бөлөххө киир:

“Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” бырайыак эмтэнээччилэргэ төһүү күүһүнэн буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын отчуотугар бэлиэтэммитинэн, барыта 3676 киһи бу уодаһыннаах ыарыыттан эмтэннэ.

edersaas.ru

“Доруобуйа харыстабыла” бырайыак чэрчитинэн, онкология сулууспатын үлэтэ күүһүрэр. Нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөр-истэр уонна тустаах сүбэлэри биэрэр туһугар анал десаннар өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тиийиэхтэрэ.
2020 сылга киирэн баран, быраастар номнуо Нам, Абый, Таатта уонна Чурапчы улуустарыгар сырыттылар. Көһө сылдьар биригээдэлэргэ сүрүннээн онколог уонна диагностика сулууспатын быраастара киирэллэр. Быраас көрөрүн таһынан, онкоцитологияҕа, хаан онкомаркерыгар уо.д.а анаалыстары ыллылар, УЗД-чинчийиилэри ыыттылар.
Медицинскэй көрүүлэр түмүктэрэ оройуоннааҕы балыыһаларга ыытыллыахтара, оттон ыарыы сибикилэрэ биллибэт ыарыһахтара Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерга салгыы көрдөрүнэ кэлэллэр.
Барыллаан былаанынан, маннык онкодесаннар үгүс улуустарга, ол иһигэр Эбээн Бытантай, Усуйаана, Булуҥ, Орто Халыма, Өлөөн, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Аллайыаха, Анаабыр, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма курдук Арктика улуустарыгар тиийиэхтэрэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0