Соҕуруу сынньана бараргытыгар купальнигы сэргэ сахалыы таҥаскытын илдьээччигит дуо? Аныгы туристар дойдуларын кый ыраах ааттата сылдьаллар.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Василиса Ефимова дьиэ кэргэнинээн Дубайга сахалыы таҥастаах тиийэн, олохтоох омуктары уонна ыалдьыттары сөрү диэн сөхтөрбүттэр.
«Сахалыы таҥаспытын анаан кэппиппит.70 саастаах ийэм, 65-тээх эдьиийим, кэргэним уонна кыыһым буолан сырыттыбыт. Элбэх омук ортотугар, чуолаан, биһиги таҥаспытыгар дьон хараҕа хатаммытыттан астынныбыт. Оҕом оҕуруо илин кэбиһэрин ордук сонурҕаатылар. Арассыыйаттан, Саха сириттэн сылдьабыт диэтэхпитинэ, соһуйаллар. Туристар биһигини кытта хаартыскаҕа элбэхтик түстүлэр. Саха буолан сахалыы таҥастаахпытынан киэн тутуннубут», — диир Василиса.
Сахалыы таҥас күннээҕи олоххо кэтиллэр буолбута ыраатта. Аны эдэрдиин-эмэнниин киэргэл эгэлгэтин үлэҕэ-үөрэххэ кэтэбит.
Соторутааҕыта сахалыы мааны таҥастаах дьон Дьокуускай киин уулуссаларынан хаамсан, тута интэриниэт «сулустара» буола түспүттэрэ. Ити Национальнай художественнай түмэл «Хаарга түспүт кустук» аахсыйата этэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: соц.ситимтэн.