Омугумсуйуу буолбатах, норуот туһугар туруулаһыы

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха эр дьонун сырдык эрэ санаанан салайтарар “Үс” түмсүүтүн бу кэлиҥҥи кэмҥэ ол-бу бөрүкүтэ суохха күтүрээн эрэллэр. Сорох-сорохтор, бэл диэтэр, омугумсуйууга. Кэпсэтии ол тула билигин да уҕараабат. Ол кинилэр киин куорат түүҥҥү кулууптарынан сылдьан, эриэйдэ ыыппыттарыттан сылтаан.

edersaas.ru

Биир бэйэм бу түмсүүнү икки ­илиибинэн өйүүбүн. Кинилэр көрсүһүүлэригэр, дьайыыларыгар, үлэлэригэр омугумсуйуу тыына суоҕар бүк эрэнэбин. Онон, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыыһа өйдөбүл үөскээбэтин туһуттан, бу түмсүү түсчүтэ Иннокентий Макаровы ыҥыран кэпсэттим. Иннокентийы саха үксэ билэр – Чурапчыттан төрүттээх, “Дыгын оонньуутун” үс төгүллээх кыайыылааҕа, биллиилээх боотур, милииссийэ бэтэрээнэ, саха ыччатыгар итэҕэли тарҕатыыга сүрэҕинэн-дууһатынан ыалдьар киһи.

— Иннокентий Федорович, бас­таан түмсүүгүт туһунан кыл­гастык билиһиннэриэҥ дуо?

— Түмсүүбүт уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан анал регистрациялаах. “Ү” буукуба суох диэн, “3” сыыппаранан суруйбуттара. Үс диэн – билиҥҥи кэм, өбүгэлэрбит уонна кэлэр кэм диэн. Бэйэбит үс куттаахпыт: салгын кут, ийэ кут, буор кут. Ону тэҥэ орто дойду, аллараа дойду, үөһээ дойду диэн өйдөбүллэр бааллар. Үс – сахаҕа ытык сыыппара. Түмсүүбүт тэриллибитэ үһүс сылыгар барда. Чөл олоҕу туруулаһабыт. Бастаан ахсыа этибит, билигин 5000-тан таҕыстыбыт. Орто сааспыт 25. Мин ити түмсүүгэ түсчүт диэммин. Ол аата, сахалыы өйдөбүлүнэн, сүбэлиир-амалыыр, түмүк тыл оҥорор аналлаах.

— Итинник эриэйдэлэргэ хаһааҥҥыттан сылдьаҕытый? Поли­цияҕа бастаан бэйэҕит этии киллэрбиккит дуу, биитэр кинилэр эппиттэрэ дуу?

— Ааспыт сыл от ыйын бүтүүтүгэр Дьокуускай куорат полициятын начаалынньыга, полковник Николай Кульбертиновка киирэ сылдьыбыппыт. Соҕотох ийэлэргэ, соҕотох аҕаларга, ыарахан иитиилээх оҕолорго көмөлөһүөхпүтүн, участковайдары, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар иниспиэктэрдэри кытта бииргэ үлэлэһиэхпитин баҕарарбытын эппиппит. Ону Николай Иванович тута өйөөбүтэ, биһигини кытта үлэлэһэргэ диэн сулууспалар эппиэтинэстээх дьонун сыһыартаабыта. Полицияны кытта, ол онтон саҕалаан, эриэйдэлэргэ сылдьан барбыппыт: соҕотох ийэлэргэ, аҕаларга таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн, обургу оҕолорго быстах үлэ булан биэриигэ көмөлөспүппүт, үөрэх тээбириннэрин ылан бэлэхтээбиппит.

— Оттон ити түүҥҥү саататар-аралдьытар кулууптарга сылдьыыларгыт сыаллара-соруктара тугуй?

— Ыччаппытын хара дьайтан, арыгылааһынтан, наркоманияттан тэйитэ сатаан бэйэбит харахпыт далыгар, чугас илдьэ сылдьыбыт киһи диэн. Биһиги сырдык өттүнэн сылдьабыт, кими да мөҕө-этэ, охсо-тэбэ сылдьыбаппыт. Ити Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥ кэмигэр сылдьыбыт эриэйдэлэрбит туһунан эттэххэ: тохсунньу 1-2 күннэригэр бу турар бэйэбинэн бастаан соҕотоҕун кэрийбитим уонна онно баар быһыыны-майгыны көрөн, төрүт хааным хойдубута. Ол иһин түмсүү уолаттарын кытта сүбэлэһэн баран, аны 25 буолан сылдьыбыппыт. Түүҥҥү кулууптарга иккитэ сылдьыбыппыт.

“Бакс” диэн кулуупка тиийбиппитигэр, оруобуна полицейскайдар эриэй­дэлии кэлбиттэр этэ, онон, ити суруйалларын курдук, бииргэ буолбакка, оннук сөп түбэсиһэн хаалбыппыт. Туох да утары этии, үтүрүйүү, киэптээһин суоҕа.

— Онно сынньана олорбут ыччаттар эһигини хайдах ылыннылар?

— Үчүгэйдик. Сөпкө этэҕит, сөпкө гынаҕыт дииллэр, сөбүлэһэллэр.

— Ити эриэйдэлэргэ сылдьан, туох санаа үөскээтэ?

—Ыччаппытын көмүскээтэхпитинэ, биһиги эрэ көмүскүүһүбүт, бэйэбит эрэ хамсаннахпытына сатаныыһык диэн. Ити түүҥҥү кулууптарга сылдьан көрдөххө, кыргыттарбыт арыгы, пиибэ бэйэлэрэ иһэллэр, таһырдьа омуктар массыыналарга кэтэһэн олороллор. Онуоха итирэн хаалбыт кыргыттары ханна илдьэллэрэ өйдөнөр. Мин санаабар, итинник хараҥа сирдэргэ үтүрүллүбүт, сириллибит, албыннаппыт, үөҕүллүбүт, саха эр киһититтэн хайҕал, үтүө тыллары истибэтэх кыргыттар иитии, итэҕэл, сөптөөх үлэ суоҕуттан, олох таһыма намыһаҕыттан тиийэллэр. Ону сэргэ, билиҥҥи саха эр киһитэ өй-санаа, эт-хаан өттүнэн мөлтөөбүтэ эмиэ охсор дии саныыбын. Бэйэтин көрүнэр эр киһи ахсааннаах.

— Билиҥҥитэ Дьокуускайга сырыттыгыт, өссө ханнык ­улуус­тарга былаанныыгытый?

— Былырыын саас тоҕус улууска сылдьан, улахан алгыс ыыппыппыт. Дьон баҕаран туран сылдьыбыта. Уус Алдан Суоттутугар 9-с кылаас уолаттара ­ыҥырбыттарыгар, тиийэн көрсүһэ сылдьыбыппыт. Онно үчүгэй кэпсэтии буолбута. Улуустарга филиалларбыт бааллар, өссө да аһыллан иһиэхтэрэ. Ыҥырар улуус, нэһилиэк элбэх.

— Саха ыччатын арыгы­лааһын, наркомания, проституция курдук хараҥа дьайдартан хайдах көмүскүүбүт? Бэрээдэги, сокуону тутуһар буолалларыгар, ким, туох сабыдыаллаах буолуо дии саныыгыный?

— Итэҕэл быыһыа. Былыр-былыргыттан итэҕэллээх омукпут. Атын итэҕэллэр биһигиттэн ылбыттара элбэх. Атын омук дьонун кытта бэйэбит омук быһыытынан итэҕэллээх буолан, биир кэрдиискэ туран ааҕыстахпытына, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.

—————————————————————————————————————————————————————————————————

Николай Тастыгин, Дьокуускай куорат полициятын начаалынньыгын уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа солбуйааччыта, полиция полковнига:

— “Үс” түмсүү Дьокуускай куорат норуот дружинниктарын регистрациялыыр кинигэтигэр суох. Кини “Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччатын гражданскай-патриотическай иитиигэ “Үс” киинэ” диэн коммерческайа суох тэрилтэ быһыытынан регистрациялаах.

Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, “Гражданнар уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа кыттыыларын туһунан” федеральнай сокуон ирдэбилинэн, гражданнар уопсастыбаннай сирдэргэ бэрээдэги көрүүгэ ис дьыала уорганнарыгар көмөлөһөн кытталлара бобуллубат. Түүҥҥү кулууптар, баардар, эрэстэрээннэр уопсастыбаннай сирдэргэ киирсэллэр, онон, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, түмсүүлэр итинник сирдэргэ сылдьалларын сокуонунан хааччахтааһын, бобуу суох.

—————————————————————————————————————————————————————————————————

Интэриниэт-форумнартан дьон санаата

Эркинхан: Бэрт дии, саха уолаттара маннык хамсааһыҥҥа кыттыһан, бэрээдэги тутуо, хонтуруоллуо этибит.

Моҕой: Оннук, бэрт тэрээһиннэр дии саныыбын. Ийэ, аҕа кыайан ииппэтэх буоллахтарына, уопсастыбаннас ылсара ордук.

Эбэ: Бэрт хамсааһын. Итинник эр дьоммут турунан, кэлии омуктары бэрээдэктииллэрэ буоллар, дьахталлар, кыргыттар да бэйэ бодолорун өрө тардыныа этилэр. Эр киһи олохпут укулаата, оҕону-дьахтары көмүскүүр кинилэр аналлара, оҕо-дьахтар аймах көмүскэллээх буоллаҕына, бэйэтин дьонугар тардыһыыта күүһүрүө этэ.

Кыыдаана: Бу хамсааһын өссө да дириҥ силистэнэн, норуот кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр тирэх буоллун!

Булумдьу: Уолаттар маладьыастар, хайгыахха эрэ сөп. Эдэрим буоллар, мин да кинилэртэн туора туран хаалыа суох этим. Урукку өттүгэр маннык хамсаныылар буолбат этилэр. Аныгы үйэ биһиги аҕыйах ахсааннаах норуоппут иннигэр бииртэн-биир ыарахаттары үөскэтэн иһэр. Сахалар өссө да ситэ уһукта илик эрээрибит, сахалыы эттэххэ, көхсүбүт хараҕынан сэрэйэр курдукпут, иэдээн иэнигийэн эрэрин. Дьэ, ол иһин бэйэни көмүскэнэр инниттэн Үрдүк Айыыларбыт өй уганнар, бу маннык хамсааһыннар тахсыталыыллар. “Ураанхай”, “Үс” түмсүүлэр саҕалааһыннара инникилээхтэр уонна саха санаата сайдан-күүһүрэн истэҕин ахсын кыаҕыран иһиэх кэриҥнээхтэр. Уһуну-киэҥи ырыҥалатан санаабат сорох дьон эр хоһууттар Туймаада дьоллоох туонатын үрдүнэн сыллата сатарытар оһуохайдарын сиилиир-сэмэлиир, күлүү-элэк оҥостор этилэр. Дьэ, бу көрүҥ, ити хамсаныылар ытан ыыппыт оноҕосторо саха эр дьонун уһугуннардылар буолбаат? Кытааттыннар, саатар эрэ уостан-умуллан хаалбатыннар, норуоппут чөл туруктаах, инникилээх буоларын туһугар туһуламмыт дьоһуннаах тэрээһиннэр!

Вера Макарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: «Үс» түмсүү архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0