Арассыыйаҕа омикрон-штамм ВА.2 диэн саҥа көрүҥэ баара билиннэ, ол туһунан Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова коронавируһу утары охсуһар Сэбиэт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
«ВА.3 лииньийэ Арассыыйаҕа баара биллэ илик, оттон ВА.2 Москваҕа, Марий Эл Өрөспүүбүлүкэтигэр, Ростов уобалаһыгар, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтигэр тарҕаммыт», — диэн Анна Попова иһитиннэрбит. Кини быһаарарынан бу көрүҥ түргэнник тарҕанан сыстар эбит. B.1.1.529 мутацияламмыт коронавируһу, ол эбэтэр омикрон-штаммы былырыын сэтинньигэ Ботсванаҕа уонна ЮАР-га булбуттара.
BA.2 көрүҥ 2022 сыл саҥатыгар баара биллибитэ уонна Данияҕа тута тарҕаммытынан барбыт. Эспиэртэр вакцина эрэ көмүскүүр кыахтаахҕын ыйбыттар. РФ Доруобуйаҕа харыстабылан миниистирэ Михаил Мурашко ити этиини эмиэ толору бигэргэтэр – вакцина эрэ өрүһүйэр кыахтааҕын.
РИА сонуннарыттан.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru