«Омикрон» чэпчэки көрүҥэ да содуллаах буолуон сөп

22.02.2022
Бөлөххө киир:

Ковид «Омикрон» штаммын үгүс дьон чэпчэкитик аһарар. Ол гынан баран, бу штамм кэнниттэн сыыстарыы баар буоларын, ол иһигэр тымыры кэбирэтиэн сөбүн, туһунан аллерголог-иммунолог Владимир Болибок сэрэтэр.

— «Омикрон» кэнниттэн ханнык да сыыстарыы суох диэн мэктиэ суох. SARS-CoV-2 коронавирус хайа баҕарар көрүҥүн курдук, «омикрон» тымырдар салыҥнаах бүрүөлэрин улаханнык уларытыан сөп.

Коронавирус инфекциятын чэпчэкитик аһарбыт кэнниттэн хаан бөлөнүйүүтүн систиэмэтин үлэтигэр улахан кэһиллии тахсыан сөп. Бу, бастатан туран, аҕам саастаах дьоҥҥо кутталлаах.

ОРВИ-га кыраадыс түспүтүн уонна ыарыы ааспытын кэннэ сыыстарыы саҕаланыан сөп. Коронавирус хаан бөлөнүйүүтүгэр кутталы үөскэтэрин өйдүөххэ наада. Киһи төһөнөн саастаах да, тромбоз сайдар куттала улахан. Тоҕо диэтэххэ, сааһыран истэх аайы хаан бөлөнүйүүтэ элбиир, артериялар уонна тымырдар туруктара олус үчүгэйэ суохтар, итиннэ дьэ коронавирус дьапталлар.

Ханнык сибикилэргэ болҕомтону ууруохха?

— Илииҥ уонна атаҕыҥ эмискэ ыалдьан кэлэригэр, былчыҥ (үксүгэр атах) иҥиирэ тардарыгар, атах иһиитигэр, тымыр сиэккэтэ көстөн кэлэригэр болҕомтону ууруохха наада.

— COVID-19 үтүөрбүт кэннэ эмискэ баар буолбут сөтөл тыҥа артериятыгар тромбоэмболия сибикитинэн буолуон сөп.

— Дельта-штаммҥа сыстыы кэнниттэн хаан эргиирин кэһиллиитэ ардыгар харах көрөрө мөлтүүрүгэр тириэрдэр түгэннэрэ баара. «Омикрон» кэнниттэн итинник көстүү элбэхтик бэлиэтэнэр.

Эмтэнэччилэр үксүгэр харахтара ыалдьарын үҥсэргииллэр, харахтара чуолкайа суох көрөр курдук булар, бээтинэлэр көстөллөр. Маннык бэлиэ дельта-штаммҥа эмиэ баара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0