Россия империятын үс үйэлээх олоҕун укулаатын атыйахтаах уулуу аймаабыт Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ суолтата, оруола, ис хоһооно историяҕа ситэ сыаналана, оннун була илик. Бу ыраахтааҕылаах Россияны самнарбыт, Романовтары дойду салалтатыттан туораппыт уонна монархияттан өрөспүүбүлүкэҕэ көһүүнү гуманнайдык саҕалаабыт хамсааһыны «күлүүһэ суох хаайыы» дойдутунан сураҕырбыт түҥкэтэх Саха сирэ уонна саха омук хайдах-туох көрсүбүтэй, ылыммытай?
Бу иннинэ историяҕа Олунньутааҕы диэн ааттаммыт өрөбөлүүссүйэ күнүн-дьылын чопчулуох кэриҥнээхпит. Тоҕо диэтэххэ, 1918 сыллаахха сэбиэскэй Россия аан дойдутааҕы григорианскай күнү-дьылы ааҕыы халандаарыгар көспүтэ. Онон нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, урукку юлианскай истиилинэн олунньу 23 күнүгэр саҕаламмыт өрөбөлүүссүйэлиир хамсааһын билиҥҥи григорианскай истиилинэн кулун тутар 8 күнүгэр түбэһэр. Ол аата, Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ уруккунан кулун тутар 3 күнүгэр, билиҥҥинэн кулун тутар 16 күнүгэр түмүктэммит.
Улуу империя арҕааҥҥы уһугар сытар киин куоратыгар, Петроградка өрөбөлүүссүйэ буолбут – Николай II ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн аккаастаммытын сороххо үөрүүлээх, атыҥҥа сууһарыылаах сүдү сонун дуораана Саха уобалаһын киинигэр, Дьокуускайга уруккунан кулун тутар 2, билиҥҥинэн кулун тутар 15 күнүгэр иһиллибитэ. Ити сураҕы маҥнай хайдах ылыммыттарын, истибиттэрин туһунан саха литературатын классиктара – саха омук духуобунай лидерэ, Саха сирин судаарыстыбаннаһын олохтоспут Былатыан Ойуунускай, Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ, сэбиэскэй былаас уорганнарыгар үлэлээбит, үрүҥ бастаанньыстар хамсааһыннарыгар кытта сылдьыбыт литератураҕа сыстан иһэн репрессия долгунугар оҕустарбыт Герасим Дягилев уонна уос номоҕор ахтылларынан, суруйар дьоҕурдаах, эмиэ үрүҥ хамсааһын кыттыылааҕа Василий Слепцов-Куутуйаарап ахтыыларыттан быһа тардан бэчээккэ бэлэмнээтибит.
Кэм тыынын биэрдин диэн ким ханнык тылынан, хайдах суруйбутун уларыппакка эрэ, хайдах баарынан бэчээттиири оруннааҕынан аахтыбыт.
Былатыан Ойуунускай
ААСПЫТ КҮННЭР-ДЬЫЛЛАР
(ахтыыттан быһа тардыы)
I
Оскуола партатыттан норуот трибунатыгар тахсыы
Кыыдааннаах кыһын ааһан эрэрэ. Олунньу ый уоҕа хараан бүтэн эрэрэ. Якутскай куорат улахан оскуолаларын оҕолоро – наар саха өттө холбоһон, кистээн сурунаал таһаарарбыт. Үҥкүү, вечеринка тэрийбитэ буола-буола, кэпсэтии, мөккүөр аһарбыт, спектакль тэрийэрбит. Куттанан ыраахтааҕы-былаас, тойон-кулут, атыыһыт-хамначчыт, баттал туһунан тугу да суруйбат этибит.
«Штокман доктор» диэн спектакль туһунан Охнянскай диэн политик, ааттаах хаартыһыт Чуохаанча дьиэтигэр Максим биһикки олорор хоспутугар, тыл эттэ. Дьэ, онно биллибит-иһиттибит политик тылын-өһүн. Ол кэнниттэн биирдэ Губельман диэн политик олорор дьиэтигэр, аҕыйах буолан бараммыт, кыра кэпсэтиини иһиттибит. Мин аан бастаан Государственнай дума депутатын Петровскайы онно көрбүтүм. Ол кэпсэтиилэртэн чахчы өйдөөбүтүм эрэ диэн баар: «Революция чугаһаата, онон саха эдэр ыччата көҥүл иннигэр мөккүһэр мөккүөргэ бэлэм буол», – диэн ыҥырбыттарын эрэ.
Аҕыйах хонон баран, Николай Ефимович Олейников диэн биэлсэр, политик, соҕурууттан кэлбит телеграммамманы – революция буолла, Николай Второй бүрүстүөлүттэн аккаастанна, былааһы Государственнай дума совета ылла – диэн бэчээккэ таһааран, куоракка тарҕаппыт уонна Общественнай собрание дьиэтигэр народнай мунньах буолар диэн, биллэрии таһаарбыт эбит. Ону билэн баран, биһиги директорбыт Васильевскай оҕонньор:
– Дьэ, оҕолоор! Революция буолбут. Николай Второй император бүрүстүөлүттэн аккаастаммыт. Онон Государственнай дума совета былааһы ылбыт. Родзянко диэн киһи биллэрии ыыталаабыт, ол киһини бүтүн Россия билэр, ытыгылыыр киһитэ. Онон революция буолбутун сымыйаргыахха сатаммат. Айхаллыыбын саҥа былааһынан, саҥа олоҕунан! Бүгүҥҥү норуот мунньаҕар сылдьаргытыгар көҥүллүүбүн, – диэн эттэ.
«Оскуоланы бүтэрээт, саҥа олоххо киирдэхпит… дьоллоох дьон эбиппит», – диэн саныы-саныы, оскуолабытыттан тарҕастыбыт.
Народнай мунньахха туох солун, улуу-модун тыллары, өргөс-кылаан саҥа кэпсээннэри истэр буоллубут диэн, тиэтэйэ-саарайа аһаат, барыы буолла.
Кэлбиппит – куорат сахата лыык курдук мунньустубут. Мунньаҕы салайарга Василий Васильевич Никифоров диэн киһи, Күлүмнүүр ыччата, талыллыбыт эбит. Ол оҕонньорбут тыл этэн эрэр эбит: «1905 сыллаах дьылга эмиэ революция буола сылдьыбыта. Ол буолан баран революция долгуна, уу баала түһэрин курдук, төттөрү түспүтэ. Элбэх хаан тохтубута. Онон, үөрэх баар буолтун кэннэ, олус соһуйбакка эрэбит, сэрэнэн холбоһон иһиэх тустаахпыт. Олох даҕаны хамсыыра икки сирэйдээх буолар баҕайыта, мэтээл икки сирэйиттэн инникитэ эрэ көстөр, эргиттэххэ эрэ кэлин сирэйэ көстүөхтээх. Онон олох иккис сирэйэ билигин көстүбэт», – диэн. Кини кэнниттэн Максим Аммосов тахсан тыл этэн баран, уустук-ураннык кыайан эппэтэ гынан баран, дьон санаатын бэркэ түмнэ. Бэркэ дьону сэргэхситтэ. Мин этиэ суох буолан уонна толлон да турдахпына, Максим, атын да табаарыстарым: «Чэ, Платон, хайаан да тыл эттэххинэ сөп буолсу. Сатаан этэр киһи эн этэриҥ сөп. Ити Никифоров тылыгар утары эт, дьону таҥнары тардаары гынна»,–диэн дьэ кигии, хаайыы буолла. Кыратык кэтэмэҕэйдээн көрөн баран, төһө да толуннарбын, Никифоров тылыттан кыһыйбытым-кыдьыгырбытым бэрт буолан уонна Максим уоттаахтык эппэтэ диэн абаламмытым бэрт буолан: «Маннык дьикти күннэргэ эппэтэххэ хаһан, ханна тыл этиллиэй?!!» – диэммин, титирии-титириибин тыл ылан, трибунаҕа ойон таҕыстым. Тугу-тугу эппиппин бэрт үдүк-бадык өйдүүбүн. «Мэтээли иилиммиттэр, баайга атыыламмыттар, икки сирэйдээхтэр таҥнары тардаллара кэм да баар эбит. Урукку революцияттан билиҥҥи революцияҕа олох иккис сирэйэ көһµннэ. Билиҥҥи революцияҕа үлэһит бааһынай, норуот, армия икки барылара холбостулар. Онон бу революцня өлбөт, үрдүүр революция. Баайга-токко хара көлөһүнүн сиэппит үлэһит-хамначчыт норуот, батталга олорбут, атыыга сылдьыбыт дьахтар аймах тэҥ быраабы тутарга, көҥүл олоҕу оҥорорго холбоһуох тустаах. Саха үөрэхтээҕэ, норуот диэки санаалааҕа, революцияҕа холбоһон үлэлиэх тустаах», – диэн тыл эппиппин бэрт үдүк-бадык өйдүүбүн. Ол эппиппэр хаһыы-ыһыы, ытыс тыаһа өрө умайа түспүтэ. Билэр-билбэт дьоннордуун илиибин тута-тута, хайҕаабыттара даҕаны, уруйдаабыттара даҕаны, махтал да эппиттэрэ.
Онтон ыла билиҥҥэ диэри үлэһит норуот кыһыл былаахтаах трибунатыгар Максим биһикки тыл этэр дьон буолбуппут. Оччоҕо эдэр ыччаттан тумуһурдаан туран хамначчыт, хара норуот иинигэр этээччи иккиэйэх эрэ этибит.
II
Партиялаһыы
Бу народнай мунньах кэнниттэн билиҥҥи Национальнай театрга (оччоҕо Бирикээсчиктэр кулууптара диэн аатырар этэ) хас да күнү мэлдьи үлэһиттэр-хамначчыттар, социал-демократтар, эсердэр буоланнар мунньах оҥорбуттара, губернаторы былааскын уһул, куорат думатын үлэһит-саллаат депутаттарын советыгар былааскын биэр диэн. Бүтэр күммүтүгэр губернатор кэлэн: «Мин эмиэ сыылкаҕа кэлэр курдук кэлэн, манна губернатор буолбутум. Онон норуот былааһын билинэбин, былааспын биэрэбин. Норуот үлэлээ диэтэҕинэ – үлэттэн аккаастаныам суоҕа, норуот иннигэр үлэлиэм», – диэн тыл этэн баран, саҥа былаас дьонун уруйдуубун диэн Охнянскайы, Петровскайы кытта уураспыта. Онуоха бэркэ абаланан хаһыытаспыппыт: «Позор целоваться с губернатором!» – диэн. Онуоха Охнянскай уоһун сотто-сотто эппитэ: «Иуда уурааһыына аһыы да буолар эбит», – диэн. Онуоха губернатор, барон Тизенгаузен кытаран баран, тахсан барбыта. Ол кэнниттэн Ходалевич исправник тахсан, улахан баҕайы киһи, көдөллөн туран эрэ, бүк-хах түһэ-түһэ, бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, үллэҥнии-үллэҥнии кыайан тыл эппэккэ, ытыы турбута. Онуоха кэлэйэ санаабытым: «Бу маннык да дьон эмиэ тойот буолан олороллор эбит», – диэн.
Онон саҥа былаас турда. Куорат думатын оннугар үлэһит, саллаат депутаттарын совета, губернатор оннугар уобалас комиссара Григорий Иванович Петровскай, ол таһынан Алдьархайы үөскэппэт Саха уобаластааҕы комитета талыллыбыттара.
Бу күннэргэ саха үөрэхтээхтэрэ, саха үөрэнэр ыччаттара хайдыһан тус-туспа бөлөхтөһүү, партиялаһыы буолбута. Максим Аммосов, Платон Слепцов, Степан Васильев, Исидор Иванов (билигин Барахов), Степан Аржаков, Иван Редников, Александр Попов, Степан Гоголев, Михаил Ксенофонтов, Дора Жиркова, Муся Потапова, Александр Кугаевскай, Эдуард Проневич, Клаша Середкина, Таля Атласова буоламмыт социал-демократтар партияларыгар чилиэнинэн киирбиппит. Ол кэнниттэн сылга тиийбэккэ, большевикка-коммуниска холбоспуппут.
Бииргэ холбоһон сылдьыбыт сорох саха оҕолоро эсердэргэ холбоспуттара, сорох өттүлэрэ кэнники федералистарга киирэн бараннар, Советскай былааска утары турууларга холбоспуттара. Революция иннинэ бииргэ холбоһон сылдьыбыт куорат улахан орто оскуолаларын оҕолоро саха өттө, революция маҥнайгы күнүттэн ыла хайдыһан, политическай партияларга холбоспуппут.
Ол кэнниттэн былаас уларыйбытын, саҥа былаас талыллыытын туһунан, мин Александр Поповтуун Байаҕантайга тахсаммыт, мунньах оҥорон, комитет талларбыппыт уонна куоракка киирэр, үс уокурук мунньаҕар сылдьар депутаттары талларбыппыт. Ыраахтааҕы мэтириэтин суулларбыппыт, онно кырдьаҕас өттүлэрэ бэркэ диэн соһуйбуттара. «Сир-халлаан олоҕо уларыйаары гыннаҕа… Үрүҥ ыраахтааҕы уһулуннаҕына, бэстилиэнэй тыһыынча туолуох, «Амтыын кырыыс» төрүөх тустаах сурахтааҕа», – диэн ботур-ботур кистээн кэпсэтии буолла быһыылаах. Оскуола оҕолоругар сылдьаммыт, дакылаат оҥорон, революция ырыаларын ыллаан, кыһыл былаахтанан Ян Христо Ребицкэй диэн кырдьаҕас политик оҕонньорго сылдьаммыт, ыраахтааҕы былааһа түспүтүнэн, үлэһит норуот былааһа турбутунан уруйдаабыппыт. Онуоха өлөөрү көбүөхтүү сытар аарыма кырдьаҕас оҕонньор хараҕа уоттанан, хаар маҥан бытыгын, баттаҕын имэринэн, титирэстии-титирэстии өттүктээн баран: «Саҥа былааска, үлэһит кылааска уруй ыытабын», – диэбитэ. «Өлөр күммэр ыччат дьонум умнубакка кэлэҥҥит революциянан уруйдаабыккытыгар махталла ылыҥ», – диэн баран, харыастан бөтө-бөтө, икки хараҕын уута илибирии түспүтэ… Ол курдук саҥа олох тыллаах тылбаасчыттарын көрсүбүтэ өлөөрү иннин өҥөйбүт аарыма кырдьаҕас политик – Ян Ребицкэй… Сарсыҥҥы күнүгэр таҥараһыт норуот, тиириллэн өлбүт сурахтаах, таҥара уолунан аатырбыт, Христос – еврей этин-хаанын ылар күнүгэр сэттэ күннээх харанан, биэс харчылаах чүмэччинэн айыыттан быыһаныахпыт диэн турдахтарына, –саҥа олох апостоллара Александр Попов биһикки аалтыыр иннигэр тураммыт саҥа олох, көҥүл туһунан, эр-ойох тэҥ быраабы ылбыттарынан тыл этэн хабылыннардыбыт… Онно кырдьаҕас эмээхситтэр тугу эрэ дии санаспыттара буолла?!! Ол курдук сылдьан киирбиппит.
(Ойуунускай П.А. Айымньылар. Сэттис том. Хомуйан оҥордо Окороков Г.Г. Дьокуускай, 1962)
Герасим Дягилев.
АЙХАЛЛААН КӨРСҮҺҮҮ
Саас чугаһаан, күн уһаата, кэм сылыйда. Биһиги күнүскү оскуола таһыгар тахсан оонньуур буоллубут: улахан оҕолор лапталыыллар, онтон биһиги, кыралар, хаарынан бырахсан, сасыһан уонна түү мээчигинэн умуһах сүүрдэн оонньоон тахсабыт.
Биир киэһэ куораттан икки киһи тахсыбыт үһү диэн сурах иһилиннэ. Сарсыарда маҥнайгы уруок кэнниттэн оскуолаҕа сахалаах нуучча кэлэннэр, учуутал хоһугар аастылар. «Куораттан тахсыбыт дьоннор», – дэстилэр улахан оҕолор.
Иккис кылаас учуутала Муксунов, хоһуттан тахсан биһигини барыбытын көрүдүөргэ кэккэлэһиннэри туруортаата. Мин испэр муодарҕаабын. «Тоҕо биһигини эрэ парадтаан туруортаатылар, баҕар, ити ханнык эрэ тойоттор кэллэхтэрэ, ол иһин эмиэ сарсыардааҥы мэлииппэлэрбитин аахтараары гыннахтара», – дии саныыбын. Учуутал хоһуттан били кэлбит икки киһибит уонна учууталыҥсабыт тахсаннар биһиги иннибитигэр кэлэн турдулар.
Онно көрбүтүм: икки эдэр оҕо дьоннор. Сахата – намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, үрүҥ-кубаҕай ыраас сирэйдээх, үрдүк сүүстээх, силии курдук муруннаах, песне ачыкытын тааһын курдаттыы сымнаҕастык сыыйа көрбүт кыараҕастыҥы харахтаах, хаҥас чанчыгынан икки аҥы арааран тарааммыт хара баттахтаах киһи, нууччата – ортону үрдүнэн уҥуохтаах, сааскы күн уотугар сиэппит кыһыллыҥы хара сирэйдээх, ол курдук хара баттахтаах, тор курдук бытыктаах, хонтоҕор муруннаах хайдах эрэ сөҥөдүйбүт, бытаан, туохха да кыһаллыбат курдук, холкутук туттубут киһи.
Биһиги сонун дьону көрөн сэргэҕэлээн, чуумпуран турдубут. Онтон сахата сыыйыллаҕас куолаһынан нууччалыы эппитинэн барда.
Биһигини үөрэнээччилэри уонна учууталлары, көҥүл олох кэлбитинэн эҕэрдэлээтэ. Үс сүүс сыл усталаах-туоратыгар баттаан-үктээн олорбут, хараҥа саарыстыбалаах Романовтар династияларын тиһэх ыраахтааҕыта Николай II бүрүстүөлүттэн уһуллубутун иһитиннэрдэ. Билигин былаас Государственнай Дума председателэ Родзянко баһылыктаах Временнэй правительство илиитигэр киирбитин, – Россия үрдүнэн үйэ тухары күүтүллүбүт революция буолбутун, көҥүл олох кэлбитин кэпсээтэ. Кыра-хара норуот бүтүннүүтэ тэҥ бырааптанарын, киһи киһини баттыыра-атаҕастыыра, баай дьадаҥыны көлөһүннүүрэ суох буоларын иһин биһиги бука бары охсуһуохтаахпытын бэлиэтээтэ.
– Оҕолоор, үөрэххитигэр кыһаныҥ, билиигитин үрдэтиҥ! Кэнникитин үтүө олох иһин эһиги турунуоххут. Эһиги, саҥа олох үөскүүр кэмигэр түбэһэ үөрэнэр оҕолор, дьолгутун онтон булуоххут. Туругурдун революция! –диэбитигэр улахан дьоннору кытта үрдүкү кылаас оҕолоро иилэ хабан эмиэ ураатастылар; оттон биһиги, кыралар, ураатыыр эҥин диэни билбэт дьон буоллубут.
– Туругурдун көҥүл олох! – диэн айхаллааһын кэнниттэн эмиэ ураатастылар, бу сырыыга биһиги ону хаба тардан эмиэ ньиргиһэ түстүбүт.
Митинг кэнниттэн уруокпут оннугар Муксунов учуутал маҥнайгы уонна иккис отделениелартан ураты оҕолору биир кылааска мунньан «Марсельеза» уонна «Смело, товарищи, в ногу!» диэн революционнай ырыалар тылларын суруйтарда уонна хайдах ылланарын үөрэттэ. Онтон хорунан ыллыырга киэһэ буолуор диэри үөрэннибит.
Киэһэ дьиэбитигэр кэлбиппит кэннэ дьиэлээх оҕонньор иккис кылаас иккис отделениетыгар (билиҥҥинэн алтыс кылааска) туйгуннук үөрэнэр Харитон Готовцев диэн уолтан бүгүн туох буолбутун уонна куораттан ханнык «тойоттор» тахсыбыттарын ыйыталаста. Уол ыраахтааҕы уһуллубутун уонна били икки киһи туох наадатыгар тахсыбыттарым кэпсээтэ. Онуоха оҕонньор бэрт улаханнык соһуйда:
– Оо, дьэ, киһи эҥин-эҥини истэр да буолар эбит! Ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн уһуллуо диэн түһээн да баттаппыт суох, таҥараттан ыйаахтаах курдук саныырым. Бука, ньиэмэстэргэ кыайтардаҕа буолуо… Ол иһин, аанньанан арахсыах бэйэлээхтэр буолуо дуо? – Бэйэтэ билэринэн тойоннуу олордо оҕонньорбут. Онуоха Харитон, – төһө да оҕотун, тыа оскуолатыгар үөрэнэ сылдьарын иһин, сөптөөх билиилээх, лоп-бааччы тыллаах-өстөөх уол этэ, – оҕонньор революцияны сыыһа толкуйдуурун, ревлюция буолуута немецтэртэн тутулуга суоҕун, норуот бэйэтэ өрө туран, батталлаах ыраахтааҕы уһуллубутун быһааран биэрдэ. Ону дьэ оҕонньор төһө өйдөөбүтэ эбитэ буолла? Ол эрээри мин бэйэм чааһым революция буолбутун бар дьоҥҥо иһитиннэрэ, дьаһалы олохтуу куораттан кимнээхтэр тахсыбыттарын биллим. Сахата – Платон Алексеевич Слепцов (кэнники Ойуунускай), нуучча духуобунай семинария үөрэнээччитэ Александр Федорович Попов эбиттэр.
Сарсыныгар күн ортотугар диэри ырыаларбытын хорунан ыллыырга өссө үөрэттилэр. Баайаҕа Томторун чугастааҕы олохтоох эдэр дьонноро мунньуһуннулар, эмиэ кылгас митинг буолла.
Сааскы ыраас күн чаҕылыйа тыкпыт, хаар уулла илигин да иһин, сылаас күн буолбут. Кырдьыга даҕаны, күннүүн чэмэлийэ үөрбүккэ дылыта!.. Биһигини оскуола таһыгар таһааран, иккилии кэккэнэн туруортаатылар уонна иннибитигэр икки уһун ураҕаска тиирэ тардыллыбыт «Да здравствует Революция!», «Да здравствует Свобода и Равенство народов России!» – диэн лозуннаах кыһыл былааҕы иккис кылаас икки улахан үөрэнээччилэригэр туттардылар. Кэннибитигэр учууталларбыт, Слепцовтаах Попов уонна мунньустубут атын дьоннор турдулар. Били үөрэппит революционнай ырыаларбытын хорунан ыллыы-ыллыы, балыыһа диэки парадтаан бардыбыт.
Балыыһа хоту өттүгэр турар, били мин бастаан оскуолаҕа саҥа киирээри айаннаан иһэн көрбүт, киэҥ бааһыналаах дьоҕус соҕус дьиэҕэ тиийдибит. Манна Ян Рябицкай диэн «Земля и воля» чилиэнэ народник политсыылынай олорор эбит. Дьиэ иһиттэн муус маҥан баттахтаах, түөһүгэр сэбирийэн түспүт уһун маҥан бытыктаах, кырдьан харах-көс мөлтөөбүт, төбөтө уонна илиилэрэ салҕалас буолбут аарыма кырдьаҕас оҕонньору, икки киһи көтөҕөн таһаараннар, биһиги иннибитигэр кириэһилэ олоппоско олортулар. Олордубуттарын кэннэ иккис кылаас икки туйгун үөрэнээччилэрэ Василий Калининскай уолга чугаһыы сатаата, ону көрөн уол ыкса аттыгар кэлбитигэр, салҕалыы-салҕалыы, моонньуттан кууста уонна ытаан, бөтө-бөтө:
– Наконец-то, пришла долгожданная свобода, за которую боролись! Спасибо, юные друзья, будьте счастливы! – диэн ытык кырдьаҕас үөрүүтүн уонна алгыһын ис сүрэҕиттэн эттэ. Онтон уолу уураан ылла… Төһө да улдьаа мэнигим, үгүһү-элбэҕи өйдөөбөтөҕүм иһин, кырдьаҕас киһи дириҥ үөрүүтүн онно улаханнык уйадыйа көрбүтүм.
Онтон төттөрү эргиллэн, эмиэ ыллыы-ыллыыбыт, аны быраабаҕа бардыбыт. Бырааба дьиэтин иннигэр тиийэн турдубут. Бырааба иһиттэн кулуба суруксутунаан, хас да быыбарынайдар уонна атын кырдьаҕастар тахсаннар, биһиги иннибитигэр тэйэ бөлөхтөһөн турдулар. Онно өйдөөн көрдөхпүнэ, тоҕо эрэ үөрбүт-көппүт быһыылара суох, хата, кэри-куру буолан, сукуһан тураллара. Дьэ, ити курдук, урукку олох тойон ама өттүлэрэ санаалара саппаҕырбыт, оттон биһиги, саҥа олох дьоно, өрөгөйдөөн ахан турабыт…
Слепцов ыраахтааҕы уһуллубутун уонна саҥа былаас бүтүн Россия үрдүнэн олохсуйан эрэрин, онон ыраахтааҕы олохтоох тойотторо уурайан, былаас үлэһит норуот илиитигэр киирэрин туһунан түмүктээн эттэ. Биһиги ол аайы ураатыыбыт, оттон бырааба тойотторо таах тураллар.
Ити курдук биһиги, эдэр ыччаттар, Олунньутааҕы революцияны Слепцов уонна Попов салалталарынан үөрүүлээх митининэн уонна демонстрациянан эҕэрдэлээн көрсүбүппүт.
Революция сабыдыала улам тэнийэн, тарҕанан барбыта. Бырааба дьиэтигэр сөп буола-буола митиннэр уонна мунньахтар буолуталыыллар. Улууска уонна нэһилиэктэргэ куттал суох буолуутун комитеттара тэрилиннилэр, олору салайар комиссардар быыбарданнылар.
Биһиги оскуолабытыгар, үөрэхпит уонна бэрээдэкпит чааһынан ыллахха, революция буолбутун кэннэ биллэр-көстөр уларыйыылар тахсыбатылар. Арай кылаастарга ыйанан турбут ыраахтааҕы мэтириэттэрэ суох буолбуттара.
(Дягилев Г.Т. Саҥа олох күнүн көрсө. Ахтыы. Дьокуускай, 1985)
Василий Слепцов–Куутуйаарап.
Оччотооҕу кэм өйдөбүллэриттэн
Мин Байаҕантай улууһун I-кы Игидэй нэһилиэгэр баай төрүттээх улуус кулубата Петр Петрович Слепцов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Маҥнай Байаҕантай оскуолатыгар 1905 сылтан үс сыл үөрэммитим. Учууталларым Ельпидифор Михайлович Егасов, Ольга Алексеевна Монастырева, Матвей Васильевич Надеин этилэр. Ол кэнниттэн Дьокуускай куоракка духовнай училищеҕа 3-с кылааһы бүтэрбитим. Онтон маҥнайгы империалистическай сэриигэ дьону хомуйалларыттан куттанан, аҕам ууратан, дьиэбэр Баайаҕаҕа тахсан олорбутум. Бэйэм кинигэлэри ааҕан үөрэммитим.
1917 с. кулун тутар ыйга Томтордооҕу Байаҕантай улууһун управатыгар улуус кулубатынан Николай Слепцов диэн Уолбаттан төрүттээх баай киһи олорбута. Ол олордоҕуна куораттан икки эдэр киһи, өрөбөлүүссүйэ сҥІа тойотторо тахсыбыттар диэн иһиттибит. Биирдэһэ Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин киһитэ, Хоочугур уола Платон Алексеевич Слепцов диэн. Иккиһэ Кириэс-Халдьаайы аҕабыыта Федор Попов уола Александр Федорович Попов этилэр.
Ол дьонтон биирдэстэрин чорботон, тылын-өһүн, ууһун-утумун, өйүн, сытыытын сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. «Тас бэйэтин көрүҥэ кыра баҕайы буолан баран, дьэ эргичиҥнээбит, эппит-тыыммыт, кыырт хараҕын курдук ап-араҕаһынан көрбүт, сытыы сирэйдээх-харахтаах, мохсоҕол курдук, хоолдьугун тосту түһэн өлбүт Хоочугуртан төрөөбүт диэтэххэ, хантан кэлбит итинник өйдөөх-мэйиилээх, үөрэхтээх-билиилээх, тыллаах-өстөөх оҕото эбитэ буолла?» – диэн оччотооҕу улуус баайдара, баһылыктара сөҕөн-чаҕыйан кэпсэтэллэрин истэрим. Онтон доҕоро, аҕабыыт уола, аҕыйах саҥалаах, бытаан, мөдөөт дииллэрэ.
Бу дьон барбыттарын кэннэ, хойутуу соҕус земство олохтоммута. Онтон сотору саха үөрэхтээхтэриттэн икки ааттаах бассабыык П. Слепцов, М. Аммосов диэннэр үөскээбиттэрин туһунан иһилиннэ.
(В.П. Слепцов тылыттан ф.н.к. В.А. Семенов суруйбут)
Гаврил АНДРОСОВ бэлэмнээтэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru