Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ сабыытыйалара оҕо хараҕынан

Ааптар: 
22.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 19 күнүгэр киин куоракка “Саха сиринээҕи сыылка” мусуой-дьиэтигэр эдэр кыраайы үөрэтээччилэр үгэс буолбут “Саха сирин 1917 сыллааҕы сааһа” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын түмүгүн таһаардылар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Олунньутааҕы өрөбүлүүссүйэҕэ 100 сылыгар анаммыт быйылгы тэрээһиҥҥэ Алдан, Амма, Дьааҥы, Горнай, Нам, Уус Алдан, Усуйаана, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай куорат оскуолаларын 4-11 кылаастарын оҕолоро кытыннылар. Бэһис төгүлүн ыытыллар куонкурус “Арассыыйа монархиятын түҥнэстиитэ”, “Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэтээҕи сабыытыйалар”, “Саха сиригэр 1917 сыллааҕы өрөбүлүүссүйэ историятыгар сыылынайдар оруоллара” тиэмэлэринэн ыытылынна.

Үөрэнээччилэр үлэлэрин история билимин доктора Павел Казарян, ХИФУ историяҕа кафедратын декана, история билимин хандьыдаата Наталья Радченко, Гуманитарнай чинчийии иснтитутун салаатын сэбиэдиссэйэ, история билимин хандьыдаата Егор Антонов, СӨ Национальнай архыыбын сүрүн исписэлииһэ Вячеслав Сивцев, Марха 2 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ, Дьокуускай куорат дууматын дьокутаата Айаан Васильев сыаналаатылар.

Куонкурус түмүгүн таһаарыыга үөрэнээччилэри Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын, култуураларын холбоһуктааах мусуойдарын дириэктэрин солбуйааччы Айталина Решетникова, Ил Түмэн дьокутаата Антонина Григорьева, история билимин доктора Павел Казарян, история билимин хандьыдаата Егор Антонов төрөөбүт Сахабыт сирин баай историятын үөрэтиигэ бастакы хардыыларынан эҕэрдэлээтилэр, куонкуруска киллэриллэр үлэлэр таһымнара сыллата үрдээн, оҕолор кыраайы үөрэтиигэ интэриэстэрэ күүһүрэн иһэрин бэлиэтээтилэр, бүгүн билиһиннэрбит дакылааттарын салгыы сайыннаралларыгар, саҥа ситиһиилэри баҕардылар.

Марха 2 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Айаан Васильев аны күһүн маннык хабааннаах тэрээһини Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 100 сылыгар анаан ыытарга этии киллэрдэ.

Дьокуускай куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ Христина Ковлекова, Вера Попова, Егор Каменевка, Намнааҕы гимназияттан Александр Бочкарев үлэлэрэ биһирэбил бириистэринэн бэлиэтэннилэр.

Эдэр кыраайы үөрэтээччилэр быйылгы куонкурустарыгар Дьааҥы улууһун Сартаҥ оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Уйгулаана Аргунова — үһүс, Дьокууксай 31 №-дээх оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээчитэ Тимур Васильев иккис миэстэлэри ыллылар. Оттон Дьокуускай 26 №-дээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Карина Шахурдина үлэтэ бастыҥынан ааттанна. Киниэхэ бирииһи өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах попечителэ Василий Васильев туттарда.

Христина Чусовская, Дьокуускай 26 №-дээх орто оскуолатын мусуойун салайааччы:

—Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска биһиги оскуолабытыттан 6-с “д” кылаас оҕолоро “Саха сиригэр 1917 сыллааҕы өрөбүлүүссүйэ историятыгар сыылынайдар оруоллара” диэн тиэмэҕэ дакылааттарын аахтылар. Мусуой иһинэн үлэлиир куруһуокка хас да кылаас оҕото дьарыктанар. Маннык тэрээһиннэрэ куруутун кыттабыт.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0