Аҕыйах хонуктааҕыта “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Виталий Милонов Арассыыйаҕа кулун тутар 2-тин – Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ күнүнэн биллэрэр туһунан сокуон бырайыагын дойду парламенын көрүүтүгэр киллэрдэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Виталий Милонов Бу күн Николай II ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн аккаастаныытыттан, 1917 сыл олунньу 26 күнүгэр саҕаламмыт Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ түмүктэммитин, мантан сылтаан империяҕа бииртэн биир алдьархайдаах, иэдээннээх түбэлтэлэр салҕанан барбыттарын ыйбыт. Дьокутаат сэбиэскэй кэмҥэ Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ оруола ситэ сыаналамматаҕын, таһыма сыччах “буржуазнай” диэнинэн хааччахтаммытын эттэ.
Билигин дойду 15 кэрэ-бэлиэ даатата анал федеральнай сокуонунан сүрүннэнэр. Ол иһигэр историяҕа сыһыаннаах биэс баар: Нуучча сирин сүрэхтэниитин, аан дойду бастакы сэриитигэр өлбүттэри кэриэстээһин, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕаланыытын уонна аан дойду иккис сэриитин түмүктэниитин күннэрэ.
Ыспыраапка
Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ 1917 сыл олунньу эргэтигэр – кулун тутар саҥатыгар буолбута. Петроград гарнизонун саллааттара уонна оробуочайдар бырабыыталыстыбаны утары хамсааһыннарыттан саҕаламмыта. Ол түмүгэр ыраахтааҕы былааһа сууллубута. Сокуону айар итиэннэ ситэриилээх былаас Бириэмэннэй бырабыыталыстыба илиитигэр киирбитэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru