Олорор дьиэтэ-уота суох, ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо…

Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  туга да суох, ол аата бас билэр дьиэтэ, үлэлэрэ суох кумалаан барбыт дьоҥҥо биэнсийэни көрөргө эппитин нэһилиэнньэ үгүс өттө өйөөтө.  «Кинилэр эмиэ дьон буоллахтара», “олох, дьылҕа хаан ыарахан тэбиитигэр оҕустаран итинниккэ тиийбиттэр элбэхтэр ээ”, — диэн дьон санааларын аһаҕастык этиннилэр.

Аны туран, биэнсийэ эрэ буолбакка,  мэдиссиинискэй көрүү эмиэ хайаан да оҥоһуллар буолуоҕа.  Владимир Путин  РФ Бырабыыталыстыбатыгар  ыам ыйын 1 күнүгэр диэри  чороҥ суос-соҕотох сылдьар дьону барыларын учуоттаан, Биэнсийэ пуондатын реестригэр  хайдах-туох быһыылаахтык регистрациялаан киллэрэргэ этиилэрин бэлэмнииллэригэр сорудахтаата. Ускул-тэскил, илиилэрин уунан умнаһыттыы сылдьар дьоҥҥо биэнсийэрэ көрүллэрэ туһунан этии киирбитэ  Арассыыйа социальнай бэлиитикэтэ сөптөөх суолу туһунан сайдан иһэрин толору туоһулуур.

edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0