Олорор дьиэ-уот боппуруоһун быһаартарыы бастакы миэстэҕэ турар

Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кулун тутар 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабыгар боломуочунай Сардаана Гурьевалыын көрүстэ.

edersaas.ru

Сардаана Гурьева өрөспүүбүлүкэ баһылыгар 2021 сыллааҕы үлэлэрин-хамнастарын кэпсииригэр нэһилиэнньэ суруктарыгар, үҥсүүлэригэр олорор дьиэ-уот боппуруоһа бастакы миэстэҕэ турарын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ дьону саахалланар туруктаах хаарбах дьиэттэн көһөрөргө хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьаһал ылыллар.
Ол да буоллар, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар быстах олорор дьиэлэр, социальнай дьиэлэри тутуу уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы уо.д.а. боппуруостар дьоһун суолталаахтарынан хаалаллар.
Салайааччылар көрсүһүүгэ бу боппуруостары быһаарыы суолларын көрдүлэр.
Ону таһынан нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн харысхала суох араҥатын -– биэнсийэлээхтэр, соҕотох олорор кырдьаҕастар, элбэх оҕолоох ыал, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит дьон бырааптарын көмүскээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Сардаана Гурьева Нерюнгри оройуонугар командировкаҕа бара сылдьан Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэттэн кэлбит дьону кытары көрсүһүүтүн туһунан кэпсээтэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0