Ахсынньы 25 күнүгэр Дьокуускайга Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо Иккис уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай тэрийэр кэмитиэт салайааччыта Александр Жирков Саха сирин Ытык олоҥхоһуттарын уонна “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрин кытта Саҥа Дьыллааҕы көрсүһүүтэ буолла.
Бүгүҥҥү күҥҥэ норуот эпоһын илдьэ сылдьар бастыҥ олоҥхоһуттарбыт Мэҥэ — Хаҥаластан Аркадий Михайлович Захаров, Петр Максимович Тихонов, Сунтаартан Никандр Прокопьевич Тимофеев, Дьокуускайтан Николай Сафонов-Дьырылы, Владимир Данилов-Бэһэлэйдээх, олоҥхону уонна хотугу норуоттар эпостарын толорооччу Валентин Исаков бу дьоро киэһэҕэ күндү ыалдьыт буоллулар. Кинилэр олоҥхоҕо бэйэлэрин бүччүм санааларын үллэһиннилэр, итиэннэ, этэргэ дылы, “хоммут уостарын хоҥнорон, өрөөбүт уостарын өһүлэн”, туойан-олоҥхолоон иһитиннэрдилэр.
Александр Жирков мустубут дьону 2017 сыл ситиһиилээхтик түмүктэнэн эрэринэн уонна кэлэн иһэр 2018 сылынан истиҥник эҕэрдэлээтэ.
—Биһигини түмэр олоҥхобут буолар. Бүгүн манна кэлэн олорор Ытык олоҥхоһуттарбытыгар, уһуйааччыларбытыгар, кимтэн даҕаны ыйыыта-модьуйуута суох, сүрэхтэрин баҕатынан салайтаран, өйдөрүнэн-санааларынан олоҥхоҕо үлэлиир, олоҥхобутун үөрэтэр-чинчийэр, тарҕатар, олоҥхобутун араҥаччылыыр дьоҥҥо бука барыгытыгар махтал буолуохтун!, — диэн киирии тылыгар Александр Николаевич бэлиэтээн туран, “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ I вице-президенэ Елена Протодьяконоваҕа олоҥхоҕо өр сыллаах кыһамньылаах үлэтин иһин Махтал Суругу туттарда, өйдөбүнньүк чаһыны бэлэхтээтэ. Эмиэ итинник наҕарааданы, олоҥхону толорууну пропагандалааһыҥҥа саҥа, сонун сүүрээннэри киллэрэринэн, олоҥхоҕо Ыччат түмсүүтэ (салайааччы Юрий Борисов) тутта.
Истиҥ көрсүһүүгэ, олоҥхоҕо үгүс үтүмэн үлэни ыытар СӨ үөрэҕин миниистирин I солбуйааччы, өр сыл өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо ассоциациятын” салайан кэлбит Феодосия Габышева, “Олоҥхо ассоциацията” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ саҥа талыллыбыт президенэ Февронья Шишигина, култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Владимир Тихонов, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, олоҥхону чинчийээччи, үөрэтээччи, ф.н.д. Василий Илларионов, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын дириэктэрэ Сергей Сюльскэй, “Арчы дьиэтин” дириэктэрэ Валентина Бочонина, Муусука уонна фольклор мусуойун дириэктэрэ Аиза Решетникова, Мэҥэ-Хаҥаластан, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх Аллараа Бэстээхтээҕи Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Евдокия Иванова, саха киэн туттар олоҥхоһуттара Николай Абрамов-Кынат, Николай Степанов-Ноорой сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, Таатта Оросиннарын сыдьааннара, о.д.а. кытыннылар. Олоҥхоҕо олохтоох, ситимнээх үлэни мындырдык салайан ыытар дьоммут – Екатерина Чехордуна, Галина Попова-Санаайа, Зоя Сысолятина, Светлана Мухоплева тирээн турар боппуруостарга санааларын үллэһиннилэр.
Тыл этээччилэр архыыптарга хараллан сытар, кумааҕыга илиинэн суруллубут олоҥхо матырыйаалларын дьылҕаларыгар долгуйалларын, киэҥ маассаны хабар информационнай тэрээһиннэргэ (СМИ) норуот тылынан уус-уран айымньытын сырдатыыга, фольклорга – олоҥхобутугар, тойукпутугар-оһуохайбытыгар болҕомтону өссө күүһүрдэргэ диэн баҕа санааларын биллэрдилэр.
Александр Жирков көрсүһүүнү түмүктүүрүгэр, аны сайын Алдаҥҥа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар олохтоохтук бэлэмнэнэргэ, научнай эйгэҕэ, архыыптарга хараллан сытар матырыйааллары кытта үлэни тэтимирдэргэ, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун кытта архыып боппуруостарыгар ыкса үлэлэһэргэ диэн уо.д.а. кэккэ боппуруостары тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, олоҥхоһуттарбытыгар, олоҥхоҕо үлэлээччилэргэ үүнэн иһэр 2018 сылга саҥа ситиһиилэри баҕарда.
ххх
Олоҥхоҕо үлэлээччилэр, киһи эрэ дьиксиниэх, “олоҥхону охсор илиибин уунан турабын…”, диэбиттии, саханы саха дэппит норуот героическай эпоһын сэҥээрбэт, ону ааһан аанньа ахтыбаттыы туттааччылар, хомойуох иһин, биһиги аттыбытыгар билигин да бааллар, дииллэригэр сөбүлэһэргэр тиийэҕин. Тоҕо диэтэххэ, күннээҕи олохпутугар, үлэбитигэр эмиэ ол ардыгар көстөн ылар…
“Силиһэ суох мас үүммэт” диэн норуот мындыр өһүн хоһооно баар. Ону умнар сатаммат. Олоҥхо – саха өркөн өйүнэн айыллыбыт бүтүн норуот олоҕун-дьаһаҕын философията, өйө-санаата, сиэрэ-майгыта, итэҕэлэ, тылын эгэлгэтэ, баайа-дуола. Олоҥхолоох буоламмыт биһиги дириҥ силистээх, олохтоох омук аатырабыт, олох суолунан эрэллээхтик үктэнэн, иннибит диэки баран иһэбит.
Татьяна МАРКОВА.
Василий КОНОНОВ түһэриитэ.