“Үс дойду аанын биир суумкаҕа уган айаннаабыппыт” — диэн Олоҥхо тыйаатырын продюсера Прокопий Иванов Индияҕа сылдьыбыттарын туһунан кэпсээн саҕалаата. Ол курдук, бу олунньу ортото, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Индияҕа Нью-Дели куоракка тиийэн «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхо испэктээги сыанаҕа оонньоон көрдөрдүлэр.
— Тыйаатырбыт худуоһунньуга Екатерина Шапошникова олус талааннаах. Кини оҥорбут күн быһыылаах мастан таҥыллан оҥоһуллубут тэрилбитин илдьэ барбыппыт. Онтубут дүҥүр, күн, күлүк түһэр, уопсайынан үс дойду аана буолар, барытыгар барсар испэктээкпит сүрүн декорацията, киэргэлэ олус биһирэннэ. Үс дойду буолан эргийэр-урбайар маспытын сэҥээрдилэр, бачча ыраах сиргэ биир суумкаҕа батаран илдьибиппитин сөхтүлэр. Уопсайынан, сахалар Индияҕа бэстибээлгэ тиийэн биһирэнэн кэллибит.
Олоҥхо ыһыаҕыттан — Индияҕа
— Былырыын Казань куоракка түүр омуктар бэстибээллэрэ буолбута. Роман Дорофеев туруорбут «Үс күн» диэн испэктээгинэн тыйаатырбыт кыттыбыта. Дьэ, онно сылдьан Германияҕа олорор, Арассыыйаттан интэриэһинэй тыйаатырдары тас дойдуларга таһаарыынан дьарыктанар татаар омук продюсера Рустам Ахметшин диэн эдэр киһилиин билсибитим. Кини биһиги улуу суруйааччыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларыттан таҥыллан оҥоһуллубут испэктээкпитин олус сэҥээрбитэ. Билсэн-көрсөн баран, биһиги бу продюсеры Намҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар ыҥырбыппыт. Ыҥырыыбытын ылынан Рустам Ахметшин ыалдьыттаабыта. «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхонон турбут испэктээкпитин наһаа астыммыта уонна биһигини Индияҕа бэстибээлгэ кыттарбытыгар этии киллэрбитэ. Индия туһунан киинэҕэ эрэ көрөр дьон, олус сэргээбиппит, үөрбүппүт. Сыл устата бэлэмнэнэн баран дьэ, кыттан кэллибит. Уопсайа 23 артыыс бара сырытта. Петр Баснаев, Лена Оленова, Гаврил Менкяров, Дмитрий Хоютанов, Мария Тастыгина о.д.а.
«Махабхарата» уонна олоҥхо биир сыанаҕа
— “Махабхарата”— Индия норуотун улуу эпоһа. Биһиги олоҥхобутугар майгынныыр эрээри, быдан былыргы устуоруйалаах. Бу эпос эмиэ «ЮНЕСКО» шедеврдэрин испииһэгэр киирэн турар.
Индияҕа ыытыллыбыт бэстибээлгэ Азия норуоттарын саамай бастыҥ испэктээктэрин түмэн көрдөрдүлэр. Биһиги «Дьырыбына Дьырылыаттабытын» Нью-Делигэ уонна Нагпур диэн куораттарга көрдөрдүбүт. Олоҥхобутун уопсайа 800 киһи көрдө.
Индия норуотун «Махабхарата” ордук хамсаныытынан, дьоҥҥо тиэрдэр иэйиитинэн биһиги олоҥхобутугар майгынныыр. Атын норуоттар испэктээктэрин көрө олорон, киһи бэйэтэ да билбэтинэн, уопут атастаһар, духуобунай сайдыы эргимтэтин ылынар эбит. Аатырбыт «Махабхаратаны” кытта биһиги, сахалар, олоҥхобут биир сыанаҕа туран, үгүс көрөөччү биһирэбилин ылла.
Дүҥүр, күпсүүр, хомус
Дьырыбына Дьырылыатта оруолун Лена Оленова, оттон Хахсаат диэн Абааһы уолун Дмитрий Хоютанов оонньоотулар. Хахсаат оруолун наһаа астыннылар, сэҥээрдилэр. Маныаха, артыыстарбыт хас хамсаныыларын барытын хомус, күпсүүр, дүҥүр, таҕаа (ох курдук быһыылаах) Иванида Алексеева тыыннаах доҕуһуолунан арыаллаан, улахан сэҥээриини ылла. Тас дойду тыйаатыры сэҥээрээччилэрэ биһиги муусукабыт үнүстүрүмүөннэрин тыаһын-ууһун кулгаах-харах буолан олорон иһиттилэр. Холобур, Абааһы уола аллараа дойдуттан тахсыыта туспа тыас-уус, орто дойду олоҕо-дьаһаҕа эмиэ. Дьэ, онон испэктээкпитин көрдөрөн бүппүппүт кэннэ, чаас аҥаарын быһа сүһүөхтэригэр туран ытыстарын таһыннылар. Биһиги онтон наһаа үөрдүбүт да, сөхтүбүт да.
Аһыы астаах Индияҕа
— Бэстибээл тэрээһинин олус сөбүлээтибит. Хас биирдии кыттааччыга күнүскү уонна киэһээҥҥи аһылыкка диэн 600 рупи биэрбиттэрэ. Сарсыарда аһылыкпытын түспүт сирбитигэр аһаан баран бэлэмнэнэр этибит. Бэлэмнэнэн бүтэн баран аһылык көрдүүр кыһалҕалаах этибит. Индия норуотун аһылыга аһары элбэх туустаах-тумалаах, быһата, аһыы аһылык буолан, биһиги, саха дьоно, аһыырҕаппыппыт. Киһи сөҕүөн иһин, оннооҕор ынахтарын үүтэ эмиэ аһыы эбит.
Дьон-сэргэ аламаҕайдара, күлэ-үөрэ сылдьаллара санааны көтөҕөр. Ол эрээри дьиэтэ-уота суох, хордуоҥҥа олорооччу элбэҕин бэлиэтии көрдүбүт. Сылаас дойду буолан, онтуларын улахан кыһалҕа оҥостубаттар дии санаабытым. Олоҕу уратытык ылынар дьикти норуот олоҕун-дьаһаҕын, билиҥҥэ диэри төрүт үгэстэрин, култуураларын илдьэ сылдьар былыргы устуоруйалаах Индия норуотун илэ харахпытынан көрөн, сахабыт олоҥхотун төрүт тылбытынан оонньоон көрдөрөн, духуобунай өйдөһүүнү — тыйаатыр сайдыытын быстыспат ситимин утаҕыттан бэристибит да, бэриһиннэрдибит да.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru