Сергей Местников Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниинэн Аммаҕа тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕын ыытта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бүгүн, сэтинньи 18 күнүгэр, Амма улууһугар үлэлиир. Вице-премьер Аммаҕа эбийиэктэр тутуллуохтаах сирдэрин-уоттарын көрдө-иһиттэ. Салгыы куйаар ситиминэн 2024 сылга буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниинэн тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта.
«Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа 2024 сыл биир саамай бэлиэ уонна умнуллубат ураты култуурунай тэрээһининэн буолуохтаах«, — диэн этэр Сергей Местников.
СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев ыһыах култуурунай бырагырааматын, бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан сырдатта. Олоҥхо тыйаатырын, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун, Олоҥхо Ассоциациятын кытары Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын Кэнсиэпсийэтин бырайыага оҥоһуллубут. Амма оройуонун дьаһалтатынан логотибы оҥорууга куонкурус ыытыллыбыт. Сүрүн режиссерунан СӨ Судаарыстыбаннай циркэтин дириэктэрэ, уус уран салайааччыта Сергей Расторгуев буолар.
Амма улууһугар 2024 сылга 21 эбийиэк былааннанар. Олор ортолоругар Аал-Луук мас, сценалаах тырыбына, Моҕол ураһа, күнү көрсөргө түһүлгэ, Аал уот олоҕо, Ытык Дуоҕаны туруорар сир, уустар түһүлгэлэрэ, күрэстэри, араас тэрээһиннэри тэрийэр, ыытар сирдэр, уо.д.а. бааллар. Маны сэргэ, ипподрому саҥардан оҥоруу, уопсастыбаннай миэстэни тупсарыы былааннаналлар.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин салайыытынан Амма улууһун дьаһалтата улахан үлэни ыытар. Ол курдук, «Олоҥхо ыһыаҕын десана» тэриллибит. Ыччаттарга муҥха саҕана, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта уонна Дьокуускай куорат олоҥхоһуттара кыттыылаах «Муҥха олоҥхото» күөн күрэс буолбут. Маны таһынан, ахсынньы аҕыс күнүгэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии иитинэн, уустар күрэхтэһиилэрэ былааннанар.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3377865 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата