Саха сирин тэрилтэлэрэ арҕааҥҥы сааҥсыйа кэмигэр үлэһиттэрин күргүөмүнэн сарбыйар санаалара суох. Үлэ ырыынага пандемия кэнниттэн чөлүгэр түһэн эрэр. 2028 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ орто профессиональнай уонна үрдүк үөрэхтээх өссө 87 тыһыынча исписэлиис наада. Бу туһунан СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Виссарионовна Калашникова кэпсээтэ.
edersaas.ru
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко муус устар 28 күнүгэр экэниэмикэҕэ исписэлиистэрин бэлэмнииргэ 7 сыллаах барыллааһыны бигэргэтэн турар.
«Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама 2017 сылтан үлэлиир. Бырабыыталыстыба чопчу бу бырагыраамаҕа күүскэ үлэлиир былааннаах.
— Елена Виссарионовна, «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырагыраама тыа сирин олохтооҕор туһаайылларынан биллэр. Ити төһө оруннааҕый?
— Бу барыгыраама өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьоҥҥо барытыгар суоттаныллар. Кырдьык, маҥнай утаа элбэх ахсааннаах үлэтэ суох дьонноох тыа сирин олохтоохторун бырамыысыланнаска үлэҕэ ыларга сүрүн хайысха этэ. Ол гынан баран, кэлин ити бырайыак Саха сиригэр барытыгар киэҥник тэнийбитэ. Билигин бырамыысыланнаска үлэни тыа сирин 8 245 олохтооҕо булла. Бу – бырагырааманан үлэҕэ ылыллыбыттартан түөрт гыммыт биирэ.
– Саха сирин олохтоохторун үлэҕэ ылыы былаана тэрилтэлэргэ биллэриллэр дуо? Кинилэр былааны толороллор дуо?
-Бырайыакка кыттааччынан биир бастакынан АЛРОСА буолбута. 2017 сыллаахха АЛРОСА-ҕа 2021 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 1400 олохтооҕун үлэҕэ ыларыгар былаан бэриллибитэ. Биһиэхэ бу сөҕүмэр курдук көстүбүтэ. Ол эрэн, икки сылынан былаан хайыы үйэ аһара туолбута. 2017-2021 сылларга «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырагырааманан 36,5 тыһыынча киһи үлэлэннэ, кинилэртэн 7 тыһыынчата АЛРОСА-ҕа ылыллыбыта.
— Үлэҕэ ылыллыы уонна үлэҕэ киирии диэн уратылаах. Эһиги бу үлэһиттэр дьылҕаларын кэтээн көрөҕүт дуу?
— Биллэн тутар. Үлэҕэ сыһыарыы бырыһыана олус үрдүк. Уопсайынан эттэххэ, 17 тыһыынча киһи эбэтэр үлэҕэ ылыллыбыттар аҥаардарын кэриэтэ – 35-гэр диэри саастаах эдэр дьон, 5,9 тыһыынчата – баахтанан үлэлээччи, 3,9 тыһыынчата – дьыл кэминэн кэлэр үлэһит.
– Үлэҕэ ылыыга улахан олохтоохтук хаалан үлэлээһин олохтоохторго эрэ бэриллэр диэн борокуратуураҕа үҥсүү суоҕа дуо?
– Биирдэ даҕаны айдаан тахсыбатаҕа. Биһиги бу бырайыагы хаста даҕаны эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы уонна федеральнай таһымнарга билиһиннэрбиппит, ону өйөөбүттэрэ. Биһиэхэ үлэтэ суох дьон ахсаана олус элбэх, онон, бастатан туран, олохтоохтору өйүүр туһунан өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх бэлиитикэни ыытар. Аан бастаан бэйэ эрэгийиэнигэр олох хаачыстыбатын үрдэтиллиэхтээх. Ил Дархан тастан киирэр оробуочай күүһү солбуйууга сорук туруорбута. Чуолаан, «Колмарга» омук оробуочайдара элбэхтэр. Ол гынан баран, «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырайыак нөҥүө Ил Дархан сорудаҕа толоруллар.
— Баайдаах сири туһанааччыларга баахта дьонун өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалаллара барыстаах дуо (ханнык да социальнай ноҕуруусканы ылыммат курдук) диэн үгүс киһи ыйытар.
— Ити сыыһа санаа. Үлэни биэрээччи үлэһити эрэгийиэн тас өттүттэн аҕалыаҕынааҕар мантан талара уонна үөрэтэрэ судургу. Атын эрэгийиэнтэн кэлэр үлэһиттэр сотору-сотору уларыйаллар, ол иһин оҥорон таһаарыы үлэтигэр хаһаайынныы сыһыаннаспаттар. Кинилэргэ өссө командировка, айан ороскуоттарын төлүөххэ наада…
Быраактыка көрдөрбүтүнэн, пандемия кэмигэр уонна билиҥҥи сааҥсыйалар усулуобуйаларыгар биһиэхэ бөдөҥ биисинэс социальнай хайысхаланар. Пандемия кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ үлэһиттэри маассабайдык ууратыы биир да түбэлтэтэ бэлиэтэммэтэ! Сааҥсыйаларынан сибээстээн, нэдиэлэ аайы үлэ ырыынагын кэтээн көрөбүт. Адьас соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ 5 тыһыынчаттан тахса үлэни биэрээччитигэр ыйытык оҥорбуппут. Генеральнай дириэктэрдэр бары үлэһиттэри маассабайдык сарбыйыыны былааннаабаттарын уонна кэлэктииби оннунан хаалларарга туох кыаллары барытын оҥоруохтарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ.
«Анаабыр алмаастара» хампаанньа салайааччыта үтүө холобуру көрдөрдө: сыл саҕаланыыта Өлөөн уонна Анаабыр улуустарын үлэтэ уонна дьарыга суох дьонун миэстэтигэр үөрэтэр уонна үлэҕэ ылары мэктиэлиир туһунан этии киллэрбитэ. 45 үлэһит үөрэнэн уонна эксээмэн туттаран, «Анаабыр алмаастарыгар» үлэҕэ ылыллыбыта.
— «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырагыраамаҕа киирэргэ булгуччу үлэтэ суох буолуохтааххын дуо?
— Биһиги дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэбит. Онон, биллэн турар, бастатан туран, үлэтэ суоҕунан учуокка турар дьон үлэлэниэхтээх. Ол гынан баран, бырагыраама кыттыылааҕынан Саха сирин олохтоохторо бары буолуохтарын сөп. Пандемия хааччахтара намыраан, биһиги профориентацияҕа тэрээһиннэрбитин сөргүттүбүт. Муус устарга илин эҥээр улуустарын хаппыппыт, билигин Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кыһыл Сыырга, Ньурбаҕа уонна Сунтаарга бараары сылдьабыт. Бакаансыйа дьаарбаҥкатыгар үлэни биэрээччилэр бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар уонна үлэни көрдүүр дьону кытары тута араас боппуруостары быһаарсаллар.
Өскөтүн киһи үлэлиэн баҕарар эрээри, идэҕэ таһыма суох буоллаҕына, биһиги кинини үөрэттэрэргэ ылсабыт. Үлэни биэрэр бөдөҥ тэрилтэлэр бэйэлэрэ үөрэтэр кииннэрдээхтэр. АЛРОСА үөрэтэр киинэ соторутааҕыта университет статуһун ылбыта. Өскөтүн дьарыга суох киһи үлэлиир сиригэр түптээхтик олоро барарга бэлэм буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ кини дьиэ кэргэнин айанын ороскуотун, хонугун, таһаҕаһын тиэйиини толуйар уонна дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр 17,4 тыһыынча кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү оҥорор.
Саха сиригэр билигин үлэтэ суох киһи ахсаана 7 065 киһиэхэ тэҥнэһэр, бу сыл саҕаланыаҕыттан 978 киһинэн аҕыйах. Оттон бакаансыйа ахсаана тыһыынчанан улаатан, 11 961 буолла. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ каадырга наадыйыы сезона саҕаланар. Орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын сыл аайы 9,5 тыһыынча бүтэрэр. Ол үлэһиккэ наадыйыыны барытын толуйар кыаҕа суох. Анаалыс көрдөрөрүнэн, тиэхиньикуму үгүстэр идэни ылыы үктэлин курдук буолбакка, БКЭ-тэ суох үрдүк үөрэххэ киирии ньыматын курдук көрөллөр. Онон, биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ наадалаах элбэх исписэлииһи таһаарабыт, оттон, хомойуох иһин, кинилэр экэнэмиистэр уонна юристар үлэтэ суох аармыйаларын хаҥатар курдук буолан тахсаллар.
— Кинилэр олорор сирдэринэн үлэлииргэ баҕалаахтар дуу эбэтэр атын оройуоннарга барарга бэлэмнэр дуу?
— Биллэн турар, үгүстэр дьиэлэриттэн чугас үлэлиэхтэрин баҕараллар. Ол гынан баран, көһөргө быһаарыммыт буоллахтарына, саҥа сиргэ социальнай адаптацияны ааһаллар. Хампаанньалар саҥа үлэһити үөрэтэргэ тус систиэмэлээхтэр. Биһиги ону эмиэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар олоххо киллэрэбит. Өскөтүн эдэр исписэлиис үлэҕэ уопута суох буоллаҕына, судаарыстыбаннай бырагыраама суотугар стажировкатын үс бастакы ыйыгар киниэхэ 19 тыһыынча солкуобайы эбии биэрэбит уонна 9,5 тыһыынча солкуобайы үлэҕэ уһуйааччы ылар. Бу – үлэҕэ үөрэтээччигэ уопсастыбаннай ноҕурууска буолбатах, хамнаска эбилик. Кини стажеры үс ый илдьэ сылдьар, үлэни билиһиннэрэр, кэлэктиипкэ киирэригэр көмөлөһөр. Манна даҕатан эттэххэ, үлэҕэ уопута суох киһини ханна да ылбаттар диэн санаа баар. АЛРОСА-ҕа, «Колмарга» эдэр исписэлиистэри социальнай адаптациялааһыҥҥа бэйэлэрэ корпоративнай бырагыраамалаахтар.
Биһиги былырыын «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырайыак түмүктэрин таһаарбыппыт. Үлэҕэ ылыыга бастыҥ түмүктэри көрдөрбүттэрэ: «Колмар» (1657) уонна «Арктик Капитал» (542). Онуоха бырайыагы олоххо киллэрэргэ инники иһээччилэринэн АЛРОСА, «Колмар» уонна «Якутуголь» билиниллибиттэрэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru