Олохтоох оҥорон таһаарааччылар интэриниэт-маҕаһыыннара аһылынна
Бүгүн саха дьоно күөх сирэмҥэ үктэнэн, алаадьы, кус миинэ буһаран, унньуктаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораабыттарын бэлиэтиир Ньукуолун уонна Cайылык күнүгэр SAYUN.RU интэриниэт-маҕаһыын саайтын сүрэхтэниитэ ыытылынна. Аныгы олох сиэринэн аны дьиэттэн тахсыбакка эрэ олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын ити саайтан сакаастаан ылыахха сөп. Манна «Топпут Миисэ», «KYN», «ОкСиэ», «Сахачэй», Дьокуускайдааҕы көтөр, үүт собуоттарын бородууксуйалара атыыланар.
edersaas.ru
Артур Аржаков, SAYUN.RU саайты төрүттээччи: «Билигин атыы-эргиэн үксэ интэриниэккэ көһөн эрэр, холобур, Кытайга маҕаһыыннар сабыллан, Taobao уонна Amazon аан дойду ситимигэр улахан былаһааккалар таҕыстылар. Билигин дьон үксэ интэриниэккэ киирэн суши, пицца, бэлэм аһы-үөлү, таҥаһы сакаастыыр. Эдэр ийэлэргэ, маҕаһыын кэрийэллэрин ыарырҕатар дьоҥҥо бу олус табыгастаах өҥө. Оттон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата харайыллар болдьоҕо олус кылгас, үрүҥ ас түргэнник аһыйар. Ол иһин интэриниэтинэн сакаастыыр быдан дөбөҥ буолуо», — диэн эттэ.
Василий Афанасьев, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы: «Икки сыл анараа өттүгэр бу бырайыагы оҥорорбутугар олохтоох оҥорон таһаарааччылары уонна атыылыыр дьону хайдах түмэбит дии санаабыппыт. Саайт кулун тутартан үлэтин саҕалаата, атыылаһааччылар электроннай ситиминэн төлөһүөхтэрин сөп. Интэриниэт-маҕаһыын килийиэннэрэ күн ахсын элбээн-эбиллэн истэхтэринэ саҥа мобильнай сыһыарыы таһаарыахпыт. Мин, холобур, Москваҕа барарбар урут балык, эт, халбаһы илдьэр этим, онтон кэлин дьон саха чэйин сөбүлээн, ону сакаастыыр буоллулар. Кэлиҥҥи кэмҥэ адыгейскай, итальянскай сыырдары оҥорон эрэбит, ону эмиэ сотору саайтка таһаарыахпыт», — диэн билиһиннэрдэ.
«KYN»-нэр отон муорсугар имбирь, лайм, мята эбэн биэрэннэр, утах амтанын байытан биэрэллэр, киһи эрэ сөбүлээн иһэ олоруох курдук. «Топпут Миисэ» бэлимиэнин, беляштарын иһигэр эриллибит эти бөскөччү уураннар, иккини-үһү ылаат, киһи эрэ тотор. Кучу чэйгэ дөлүһүөн, моонньоҕон, отон угун, алаас-сыһыы отун эбэн биэрэннэр, сыта мүөт курдук дыргыйар, амтана кими баҕарар астыннарар. «ОкСиэ» үрүҥ аһы астааччылар суоракка, йогуртка, үүккэ о.д.а. хойуннарар стабилизатор, буортуйбатын туһугар араас консервант туттубаттарын кэпсээтилэр. Бородууксуйа бэлэм бороһуоктан буолбакка ынах үүтүттэн оҥоһулларын эттилэр.
Ньургуйаана Заморщикова, «Сахачэй» хампаанньа дириэктэрэ: «Биһиги 40 тахса араас амтаннаах чэй көрүҥүн оҥорон таһаарабыт. Амтаны биэрэр купажтары оҥорорго кучу чэйгэ баара-суоҕа 10% оттору эбэн биэрэбит. Сахабыт сирин отторо олус күүстээхтэр, ол иһин сэрэнэн туттабыт. Биология институтун үлэһиттэрин уонна отоһуттары кытта ханнык үүнээйи бэйэ-бэйэтин кытта сөп түбэһэрин сүбэлэһэбит. Бэс ыйыгар Японияҕа бараары сылдьабыт, дьоппуоннар биһи чэйбитин кууһунан ылыахтарын баҕараллар. Билиҥҥитэ биһи чэйбит Арассыыйа үрдүнэн «Унция» 78 маҕаһыыннарыгар уонна Казахстаҥҥа, Финляндияҕа, Украинаҕа, Азербайджаҥҥа атыыланар. Саамай хотугу чэй үүнэр сиригэр айылҕата ыраас диэн сэргииллэр, амтанын сөбүлүүллэр», — диэн кэпсиир.
SAYUN.RU саайтка киирэн, 1500 солкуобайга сакаастаатаххына, Дьокуускай куорат иһигэр дьиэҕэр босхо илдьэн биэрэллэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru