“Олохтоох кулууп дьиэтэ” бырайыак үлэлиир

28.12.2017
Бөлөххө киир:

2017 сылга “Олохтоох кулууп дьиэтэ” партийнай бырайыагы олоххо киллэриигэ Саха сиригэр 25 мөл.169 тыһ. солкуобай суумалаах үп муниципальнай култуура дьиэлэрин өрөмүөннээһиҥҥэ уонна техническэй оборудованиенан хааччыйыыга көрүллүбүтэ.

edersaas.ru


Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл партийнай бырайыакка 25 култуура тэрилтэтэ киирдэ: Кэбээйи улууһун  “Ламынха национальнай нэһилиэк” МТ (“Гяван” ЭКК), Мэҥэ — Хаҥалас улууһун  “II Наахара нэһилиэгэ” МТ (Элбэх хайысхалаах култуура комплекса), Сунтаар улууһун “Тойбохой нэһилиэгэ” МТ (“Кыталык” КК), Таатта улууһун “Дьохсоҕон нэһилиэгэ” МТ (“А.И.Софронов аатынан КК” ), Анаабыр национальнай (долган-эбэҥки) улууһун “Сааскылаах национальнай (эбэҥки) нэһилиэк” (“Алмаас” ЭКК), Өлүөхүмэ оройуонун  “Саҥыйахтаах нэһилиэгэ” МТ (“Калина” КК), Орто Халыма улууһун “Орто Халыма куорат” МТ  (“Кулума” КК), Бүлүү улууһун “I Күүлэт нэһилиэгэ” МТ (“Сайдыы” КСК), Уус Алдан улууһун  “I Хоро нэһилиэгэ” МТ (Чараҥнааҕы И.И.Находкин аатынан КК), Үөһээ Бүлүү улууһун “Оҥхой нэһилиэгэ” МТ (Оҥхойдооҕу КК), Мэҥэ-Хаҥалас улууһун “Доллу нэһилиэгэ” МТ (Элбэх хайысхалаах култуура комплекса), Нам улууһун “Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ” МТ (“Сайдыы” КК), Томпо оройуонун  “Теплай Ключ нэһилиэгэ” СП (“Дорожник” Култуура дьиэтэ), Үөһээ Бүлүү улууһун  “Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ” МТ (Норуот айымньытын киинэ), Чурапчы улууһун “Одьулуун нэһилиэгэ” МТ (“Сайдыс” КК), Нам улууһун “Модут нэһилиэгэ” МТ (И.С.Охлопков аатынан Култуура дьиэтэ), Уус Алдан улууһун “2-с Лөгөй нэһилиэгэ” МТ  (Тулунатааҕы “Сайдыы” КК), Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонун “Эдьигээн нэһилиэгин” “Эйгэ” этнокултуурунай киинэ, Сунтаар улууһун “Сунтаар нэһилиэгэ” МТ (“Добун” С-КК), Уус Майа улууһун “Күп национальнай нэһилиэк” МТ (“Чээчэбил” эбэҥки этнокултуурунай норуот айымньытын киинэ), Эбээн-Бытантай национальнай улууһун  (Аллараа Бытантай нэһилиэгэ) СП (“Маранга”  этнокултуурунай киин), Горнай улууһун “Солоҕон нэһилиэгэ” МТ (Солоҕоннооҕу КК), Хаҥалас улууһун  “I Малдьаҕар нэһилиэгэ” МТ (В.Г.Григорьев аатынан “Дьиэрэй Ырыа” КК), Амма улууһун “Амма нэһилиэгэ” МТ ( Амматааҕы Ф.Потапов аатынан КК), Сунтаар улууһун “Кэмпэндээйи нэһилиэгэ” СП (“Сайдыы” КСК).

Холобур, соторутааҕыта Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар В.Г.Григорьев аатынан Култуура киинэ сабыс-саҥа дьиэҕэ киириитин үөрүүлээх малааһына буолла. Бу тутууга нэһилиэнньэ саамай көхтөөх кыттыыны ылла.

Оттон ахсынньы 28 күнүгэр Сунтаар Тойбохойугар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин Сахам сирэ  ХХI үйэҕэ” Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн “Кыталык”  Култуура киинэ эмиэ сабыс-саҥа бэртээхэй, толору хааччыллыылах дьиэҕэ киирдэ. Бу, саҥа технологиянан тутуллубут биир этээстээх каркаас дьиэ иэнэ балачча киэҥ. Көрөөччүгэ 120 миэстэлээх саалалаах, үҥкүүгэ дьарыктанар анал хостоох, артыыстарга гримернайдаах, душтаах, туспа бойлернайдаах аныгылыы тутуу. Онон, Тойбохой олохтоохторо Саҥа Дьылы саҥа кулууптаах көрсөр буоллулар. Дьон үөрүүтэ-көтүүтэ, биллэн турар, үтүмэн үгүс.

Салайааччы санаата

 

Борис УЛАРОВ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия Сунтаардааҕы олохтоох салаатын ситэриилээх кэмитиэтин салайааччы:

—Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа сиригэр “Олохтоох кулууп дьиэтэ”  партийнай бырайыак чэрчитинэн, бу бырайыагы олоххо киллэриигэ үп көрүллэн, быйыл 25 нэһилиэккэ муниципальнай култуура дьиэлэригэр өрөмүөн ыытылынна, итиэннэ техническэй оборудованиенан хааччылыннылар. Сунтаар улууһугар 3 нэһилиэк бу бырайыагынан хабылынна – Кэмпэндээйи, Сунтаар нэһилиэгэ уонна Тойбохой. Биһиги “Кыталык” Култуура киинин саҥа дьиэтин саалатын кириэһилэлэринэн, уот-күөс, звуковой оборудованиенан, аппаратуранан толору хааччыйдыбыт. Кулууп аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр мин олохтоохторго, бу федеральнай партийнай бырайыак Саха сиринээҕи координаторын, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Эҕэрдэ Суругун туттардым. Олохтоохтор үөрүүлэрэ үрдүк. Маннык үчүгэй дьиэлээх-уоттаах нэһилиэккэ дьон санаата кэлэн, култуура, духуобунас, олох чэчирии сайдыаҕа.

Татьяна МАРКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

Хаартыскаҕа: Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар Култуура киинэ саҥа дьиэҕэ киириитин үөрүүлээх түгэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0