Олохтоох каадырдар үлэҕэ ылыллар бырааптара күөмчүлэммэт

Бөлөххө киир:

СӨ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анастасия Позднякова ЛНР уонна ДНР дьонун үлэҕэ ыларга көмөлөһөр дьаһаллар тустарынан билиһиннэрдэ.

— Донецкай уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлэкэлэртэн көһөргө күһэллибит дьоҥҥо көмөнү оҥорууну, ол иһигэр үлэ булалларыгар көмөлөһүүнү, кытта сибээстээх боппуруостарга суһал сибээс үлэтэ тэрилиннэ (122 нүөмэр);

— кинилэр үлэ булалларыгар көмөлөһөргө оробуочай бөлөх тэрилиннэ;

— үлэҕэ ылыллалларыгар былаан бырайыага оҥоһулунна;

— кинилэри үлэҕэ ыларга бэлэм Саха сирин бөдөҥ хампаанньаларыгар 2318 үлэ миэстэтигэр бакаансыйа базата оҥоһулунна.

Өйөбүл бу дьаһаллара өрөспүүбүлүкэ олохтоох каадырдара үлэлэҕэ ылыллар кыахтарын күөмчүлээбэтин бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Билиҥҥи туругунан, 11 тыһыынчаттан тахса оробуочай миэстэҕэ бакаансыйа базата баар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үлэҕэ ыларга хайысхаланар дьаһаллар (идэҕэ үөрэтии, бэйэ дьыалатын арыйыы, уопсастыбаннай үлэлэр, эдэр исписэлиистэр стажировкалара уо.д.а.) сылы быһа былаан быһыытынан ыытыллыахтара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0