Бу күннэргэ Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи орто анал үөрэх кыһаларын икки ардыларыгар икки күннээх чөмпүйэнээт буолан ааста. Устудьуоннар «Саха сиригэр оҥоһуллубут» диэн урбаан салаатыгар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга туһуламмыт сонун сүүрээннэри олоххо киллэриигэ күрэстэстилэр.
edersaas.ru
Бастакы күн чөмпүйэнээт кыттааччылара Саха сирин ырыынагар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар табаардарын тарҕатыы уонна оҥорон таһаарааччылар “Саха сиригэр оҥоһулунна” диэн официальнай реестргэ киллэриллибит бородууксуйаларын батарыыга, социальнай партнердары кытта үлэҕэ күрэхтэстилэр. Куонкурус Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы халыыпка олоҕуран сыаналанар. Тустаах тиһиги 2017 сылтан СӨ Атыы-эргиэн промышленнай балаатата олоххо киллэриэҕиттэн, 35 тэрилтэ 140 бэйэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйатынан “Саха сиригэр оҥоһулунна” диэн анал бэлиэни ылла.
Үлэлэрин түмүгүн ыччаттар хамыыһыйа иннигэр көмүскээтилэр. Иккис күн устудьуоннар бородууксуйалары “Лена “ киинэ тыйаатырын аттыгар туран, ааһан иһэр дьоҥҥо атыылаатылар.
Чөмпүйэнээккэ уопсайа 11 орто үөрэхтээһин кыһатыттан 55 устудьуон кытынна.
Кинилэр үлэлэрин СӨ Предпринимательство, эргиэн уонна туризм министиэристибэтиттэн, СӨ Атыы=эргиэн промышленнай балаататыттан, профессиональнай үөрэхтээһин сайдыытын институтуттан, “Якутия” технопааркаттан, СӨ үөрэх министиэристибэтиттэн 11 экспертиир сүбэ чилиэннэрэ дьүүллээтилэр.
— Бу аан бастакытын ыытар тэрээһиммитигэр киин куораттан – 7, улуустартан – 4 орто үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ кытталлар. Хамаанда аайы биэстии киһилээх. Кинилэр Арассыыйа стандартыгар киирбит анал сертификаттаах тэрилтэлэр бородууксуйаларын рекламалыыллар. Ол курдук, “Якутия” ФАПК, Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох килиэбин собуота, “Сладкие мечты” минньигэс аһы оҥорон таһаарар фирма, ону тэҥэ мүөт, саха чэйин оҥорор чааһынай тэрилтэлэр бааллар. Уопуттаах предпринимателлэр бородууксуйаларын ыччаттар аныгылыы хараҕынан үөрэтэн көрүөхтэрэ, — диэн СӨ Атыы-эргиэн промышленнай балаататын бэрэстэбиитэлэ Ирина Коба иһитиннэрдэ.
Тэрээһин туһунан тыа хаһаайыстыбатын техникумун экэниэмикэ дьиссипилиинэтигэр үөрэтэр преподаватель Мария Аммосова үллэһиннэ:
— Оҕолор олохтоох табаары батарарга туһуламмыт бары ирдэбиллэри тутуһан үлэлээтилэр. Урбаан салаатыгар бэйэлэрэ бырайыактаах оҕолору кытыннардыбыт. Холобур, Антон Никифоров веб-устуудьуйаны тэрийбитэ. Кини үлэтин сүнньүнэн веб-сайт оҥорбута. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ бу бырайыагын олоххо киллэрэр былааннаах.
Антон ороскуотун уонна дохуотун ааҕан-суоттаан, үлэлииргэ номнуо бэлэм. Ону тэҥэ, интернет маҕаһыыны аһар баҕалаах биир уоллаахпыт. Устудьуоннар иккиэн сир сыһыаннаһыытын исписэлииһин идэтигэр үөрэнэллэр. Мин кыттааччылары барыларын үөрэтэн көрдүм. Кыахтаах ыччаттар, онон куоталаһарга интэриэһинэй.
Бэрт сонун ис хоһоонноох тэрээһин туһунан Нам улууһун Граф биэрэгин техникумун преподавателэ Евгения Федорова үллэстэр:
— Техникуммутугар 300-чэкэ оҕо үөрэнэр. Үөрэхпит кыһатыгар урбааҥҥа сыһыаннаах араас тэрээһиннэр буолаллар. Устудьуоннар бэйэлэрин оробуочай идэлэринэн бырайыактары суруйан көмүскүүллэр. Ол иһин кинилэр маннык чөмпүйэнээттэргэ кыттарга уопуттаахтар. Оҕолорбутугар Нам улууһун “Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибин боородууксуйатын көмүскээһин түбэстэ. Аныгы үйэҕэ ыччат дьону бэйэ дьыалатын тэринэргэ бэлэмниир бэртээхэй, наадалаах тэрээһин.
Аан бастаан ыытыллыбыт «Саха сиригэр оҥоһуллубут» диэн урбаан салаатыгар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга туһуламмыт чөмпүйэнээт түмүгэ маннык буолла:
- «Бастыҥ креативнай реклама” анал номинация тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннарыгар ананна. Орто анал үөрэх кыһатын устудьуоннара Нерюнгритааҕы “Армада” ХЭТ көтөртөн, ынах, убаһа, таба эттэриттэн чипсыларын батарыыга үлэлэрэ бэлиэтэннэ. Былырыын бу бородууксуйа “Арассыыйа 100 бастыҥ табаара” уонна “Саха сирин бастыҥ табаардара” испииһэктэргэ киирбитэ. Ыччаттар үлэлэрин “Армада” ХЭТ салайааччыта Марианна Примаченко бэлиэтээтэ:
— Устудьуоннар бородууксуйабытын батарыыга бэртээхэй идиэйэлэрдээхтэр. Онон маннык ураты көрүүлэрдээх ыччаттары кытта үлэ хайаан да наада.
- «Бастыҥ сонун идиэйэ» — И.И. Фадеев аатынан үп экэнэмиичэскэй колледжа.
- «Килийиэн биһирэбилэ» — К.О. Гаврилов аатынан эргиэн экэнэмиичэскэй колледжа.
- «Эргиэн лиидэрэ» — Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжа.
- 1-кы истиэпэннээх дипломунан уонна 10000 солк. бирииһинэн — К.О. Гаврилов аатынан эргиэн экэнэмиичэскэй колледжа, 2-с истиэпэннээх дипломунан И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж, 3-с истиэпэннээх дипломунан — сервис технологическай техникума бэлиэтэннилэр.
- Ити курдук, ыччаттар урбаан салаатыгар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга туһуламмыт сонун сүүрээннэри олоххо киллэриигэ толору бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru