Бүгүҥҥү ыалдьыппыт СӨ култууратын туйгуна, култуура ветерана, Аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы киинэ бэстибээлин лауреата, Саха сиригэр аан бастакынан уоттаах-күөстээх дискотеканы уонна ааспыт кэм ахтылҕанын санатар «Ностальжи» киэһэни тэрийсибит Василий Петрович Чупров буолар.
— Дьэ эрэ, Василий Петрович култуура киэҥ киэлитигэр аан бастаан хайдах киирбиккиний? — диэн ыйытыыттан мин кинини кытта кэпсэтиибин саҕалаатым.
— Мин култуура эйгэтигэр эмискэ тиийэн кэлбэтэҕим. Бэйэм Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээхпин, киһи туохха барытыгар, өбүгэлэрбит этэллэрин курдук, эрдэттэн ууруллубут – суруллубут суолунан кэлэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Бары сөбүлүүр ырыаһыппыт Эдьиий Марыына бииргэ төрөөбүт эдьиийин оҕото буоларбынан киэн туттуох санаам кэлэр. Хас биирдии саха киһитигэр төрдүгэр-ууһугар талааннаах ырыаһыттардаах, олоҥхоһуттардаах буолар, ол сыдьаана көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ.
—Туох идэни ылбыккыный? Идэҕин сөпкө таллаххына, олоххор дьоллоох буолуоҥ диэн этээччилэр. Эн манна сөбүлэһэҕин дуо?
—1980 с. Кемероватааҕы култуура судаарыстыбаннай институтун бүтэриэхпиттэн, бу эйгэбэр сөбүлээн үлэлии сылдьабын. Чахчы даҕаны идэҕин сөпкө таллаххына, киһи үйэтин-сааһын тухары дьоллоох буолар эбит. Мин үлэбиттэн дуоһуйан ыллыыбын, биэчэрдэри ыытабын, ийэм балта эдьиий Марыына 85 сааһыгар диэри сценаҕа ыллыы сылдьыбытын бары билэн эрдэххит. Кини биһиэхэ холобур буолар.
—Билигин ханна үлэлии сылдьаҕын? Айар үлэҕэр инники былааннарыҥ, кэлэр сылга соруктарыҥ туһунан кылгастык сэһэргээ.
—Куорат таһынааҕы Табаҕатааҕы «Кедр» сынньалаҥ киинин дириэктэринэн үлэлиибин. Оҕолору хомуска дьарыктыыбын. Бу төрүт дорҕооммут нөҥүө оҕо уйулҕатын, саҥа үйэ дирбиэннээх тыаһыттан харыстыыр сыаллаах уһуйааммын ыытабын. Бу санаан көрдөхпүнэ, сааһыран, кэм кэрдиис кэлэн, үбүлүөйдэргэ, малааһыннарга алгыһы оҥорор буоллум. Ол сахалыы эйгэм арыллыытыгар «Арчы» дьиэтин исписэлииһэ А.А.Холмогорова уонна Алгыс Уйбаан, уһуйааччым Афанасий Федоров күүс-көмө буолаллар, ыйан, кэрдэн биэрэллэр. Саҥа кулуупка киириэхпит диэн сыаллаах-соруктаах үлэлиибит.
—Эн быйыл саамай өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх сылыҥ. Бар дьоҥҥун, көрөөччүлэргин мунньан айар киэһэҕин да ыыттыҥ, быыстапка да тэрийдиҥ, эмиэ даҕаны ааспыт кэм ахтылҕанын санатар «Ностальжи» киэһэни тэрийдиҥ. Дьон-сэргэ хайдах ылынна?
—Сахам дьоно барахсаттар миигин киһи быһыытынан өйдүүллэр уонна хайдах баарбынан ылыналлар. Мин онтон наһаа үөрэбин, сценаҕа тахсан ыллаатахпына, санаабыт санаабын сайа эттэхпинэ, Валерий Ноев ырыатыныы «Мин дууһам ыллыыр, күөх халлаан ыллыыр, күөрэгэйим эмиэ ыллыыр», дьонум—сэргэм миигин кытта тэҥҥэ үөрэллэр.
—Василий Петрович, түмүккэ, бар дьоҥҥор туох этэрдээххин?
—Идэлээх фотограф быһыытынан, тус бэйэм түһэрбит биллиилээх артыыстарым, Сахабыт сирин кэрэ хатыламмат айылҕатын, ону таһынан өбүгэбит иһитин-хомуоһун кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрэр үлэлэрдээхпин. Ол хаартысканан быыстапкатын «Үргэл» галереяҕа тэрийиэхтээхпин, ыам ыйын 18–26 күнүгэр диэри кэлэн көрүөххүтүн сөп.
—Василий Петрович, кэпсээниҥ иһин махтал. Бу кэлэр сылга өссө үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан саҥа дабайыылары баҕарабыт.
Любовь ШИШИГИНА — Сыралыма , «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан.