Хоту дойду. Алмаас хостуур бириискэ. Күнүскү смена бүтэн, үлэһиттэр киэһэ остолобуойга чэйдээн баран, балоктарыгар тарҕастылар. Ким сытан эрэ кинигэ ааҕар, ким ноутбугунан киинэ көрөр, ким телевизор экраныттан арахпат. Арай үгүстэр, тоҕоэрэ, таһырдьа сотовайдарын тутан баран хаамса сылдьаллар. Манна сибээс хабар, ол иһин дьон күннэтэ дойду сонунун билсэ, кэргэттэрин-оҕолорун кытта билсэ турар.
– Хайа чыычаах, туох сонуннааххыт, оҕолор үөрэхтэрэ хайдаҕый? – биир тор курдук бытыктаах сааһыра барбыт белазист Миитэрэй хараҕа мүчүк гына-гына дьонун кытта кэпсэтэр. – Чэ, пока сыллыыбын-ууруубун, сиэммин Коленьканы мин ааппыттан эмиэ сыллаа, – белазист бытыга хамныы-хамныы мичээрдиир. «Оксиэ, дьон наһаа да истиҥник кэпсэтэр, тугун бэрдэй доҕоор, туораттан көрөргө», — Бүөккэ туораттан ымсыыра көрөр. Наһаа да үчүгэй саастаах дьоҥҥо туох да күн кыһалҕата суох ойохторун, оҕолорун хаалларан баран, бу кэлэн үлэлии сылдьаллар. Онтон мин манна алҕас ыксаан кэлэн хаалбыппын дуу? Бүөккэ мааҕыын уолаттар кэпсэтэллэрин санаата.
– Ээ бүгүн субуота, йоолка эмээххиммэр эрийдэхпинэ сатанар, хайдах сылдьара буолла? Холостуой дьүөгэлэрэ кэлэн буккуйан эрдэхтэрэ буолуо, олох хонтуруолга тута сылдьыахха наада. – Хайыа, эн этэҕин, ити проходчик Бииктэри билэҕин буолбат дуо, кини урут манна бастаан кэлэригэр, эмээхсинэ хайыы-үйэ атын киhини булуммут этэ. Дьукааҕын кытта олорор үhү, дьэ буолар да эбит! Киhи ойоҕун хаалларан абыраныасуох, дьэ дьаабы! Итини барытын толкуйдуу сытан Бүөккэ санаата буолбата, кини эмиэ сороҕор дьиэтигэрэрийдэҕинэ, кэргэнэ ылааччыта суох ээ! Уол өйүгэр араас санаалар охсуллан ыллылар. Баҕар кэргэнэ кини суоҕар холостуой дьүөгэлэрин кытары араас биэчэрдэри эҥин кэрийэрэ буолуо! Оо, абаккам эбит! Оттон кини манна кый ыраах ханна эрэ үөдэн түгэҕэр кэлэн тугу да билбэккэ сытар. Арай, арай…
Бүгүн субуота, бээрэ, бээрэ эрийэн көрүөххэ. Тахсан таhырдьа хаама сылдьан эрийэ сатаата да, туhа суох. Ыҥырар да ылбат. Дьэ, дьаабы дьыала буолла. Ыксаан кэргэнин ийэти[1]гэр эрийдэ, ийэ кынна хата ылла.
– Хайа, Вика баар дуо?
– Суох
– Ханна баарый?
– Балтыларын кытта Куорат күнүгэр салют көрө барбыта.
– Ээ сөп, өйдөннө… Бүөккэ бүүс-бүтүннүү кыынньа санаата. Кини манна үлэлии-хамсыы сэттэ көлөһүнүн тоҕо сырыттаҕына, ойоҕо балтыларын, эдэр кыргыттары кытта күүлэй тэбэ оонньуу сылдьар. Өссө оҕолорун ийэтигэр даачаҕа хаалларан барбыт. Тахсан абатыйан өссө эрийэн көрдө да, телефона арахсыбыт. Оо, абаккам! Бүөккэ кыыhыран телефонун сиргэ хампы быраҕа сыста!
Түүн өссө хаста да эрийэ сатаата да, телефон арахсан баран сылдьар. Нөҥүө күн. Сарсыардаттан сменатыгар бараары туран, эмиэ кэргэнигэр эрийдэ. Бу сырыыга ыҥырда.
– Алло, дорообо, хайа бэҕэһээни быhа эн ханна сырыттыҥ? – Ээ, куорат күнүгэр бара сырыттым, балтыларбын кытта!
– Сымыйалаама! Бэҕэһээ телефоҥҥун арааран баран барбыт этиҥ дии! Тугу сымыйанан кэпсиигин, күүлэйдии сылдьыбыккын буолбат дуо?!
– Суох, Петя мин телефону бэҕэһээ дьиэҕэ хаалларбытым, оҕолор оонньуу хаалбыттара, Васек оонньоон батареятын бүтэрэн кэбиспит этэ.
– Суох сымыйалаама! Мин манна эhигини иитээри-аhатаары үлэлии сылдьабын, онтон эн?! – Бүөккээ, иhит эрэ, мин олох да сымыйалаабаппын, кырдьык, салют көрө сылдьыбыппыт, эн тоҕо… Все, бүттүбүт! – кэргэнигэр ситэ этэрин этиттэрбэккэ Бүөккэ трубкатын арааран кэбистэ.
Үйэтигэр кэргэнигэр маннык хаhыытаабытын, итинник үөхпүтүн өйдөөбөт. Бу туох буолан кини маннык быhыыланнай бүгүн?.. Хаhан да бэйэтин күнүүһүтүнэн ааҕыммат этэ. Хата күлэр буолара күнүү уотугар быhа ылларбыт, умайбыт дьону. Ол бэйэтэ дьэ бу бүгүн күнүү сирэйэ-хараҕа суох баламат уотун биллэҕэ. Дьэ, буолар да эбит, түбэспэтэх суолугар түбэстэҕэ… Аны туран карточкатын бэйэтин кытта илдьэ сылдьар. Манна кэлэригэр кэргэнинээн сүбэлэспиттэрэ, Саҥа дьылга бүтэн кэлэригэр, мунньан куорат таhыгар учаастак ылыахпыт диэн. Билигин кэлэн аны барыта тиэрэ эргийдэ. Ыытан бэрт! Арахсабын акаары дьахтары кытта, эттим да сабаас! Манна үлэлээбит харчыбынан бэйэбэр учаастак ылыам, дьиэни-уоту дьахтарга хаалларыам, алимеҥҥа биэрэр буоллаҕынабиэрдин! Арай оҕолор… Оҕолор барахсаттар туох буруйдаахтарый? Оҕолорго туораттан да сылдьан бэйэм кыахпынан көмөлөһүөм. Ойоҕум син биир ийэлээх, аҕалаах пенсионердар, кинилэр да көмөлөрүнэн олоруоҕа. Соҕотох оҕо, көмөлөһүөхтэрэ. Итинник быhаччы биир түгэҥҥэ Бүөккэуол быһаарынан кэбистэ.
Бүөккэ — бульдозерист. Күнү быhа полигоҥҥа үлэлээн кэлэн баран, киэһэ балогар тиийдэ. Хайдах эрэ кэри-куру буолан киирбитин табаарыһа бииргэ олорор кырдьаҕаhа Мэхээлэбэлиэтии көрдө.
–Хайа нохоо, хайдах эрэ буолбуккун быһыыта, туохтан санааҥ түстэ? – Ээ, таахбэйэм… – Кистэээмэ доҕор, кэпсээтэххинэ бэйэҕэр да чэпчэкибуолуо, киhи маннык ыраах сыл[1]дьан санаа сүгэhэрдээх сылдьара хайдах да сатаммат. Бүөккэсинэ биир диэн баран, барытын
хайдах баарынан кэпсээн биэрдэ. Кырдьык да биллэ чэпчээтэ.
Көр эрэ, кырдьык киhи санаатын этиннэҕинэ кырдьык дадууһалыын да чэпчиир эбит.
– Даа, бөрөкүтэ суох балаhыанньаҕа түбэспиккин кырдьык, быраатым, ол хас сыл бииргэ олордугут?
– Уон икки сыл.
– Ырааппыт дии, ол тухары син бэйэ-бэйэҕитин ситэри билсиэх да баара этэ, иhит эрэ доҕоор мин этиэм этэ, эҥин араас арахсабын-хайыыбын диэн ол-бу буолума, олоххунан оонньоомо, арахсар диэн өр буолбатах, баҕар кырдьык кэргэниҥ этэрэ кырдьык да буолуо, тугун-ханныгын билбэккэ да сылдьан сэмэлиириҥ сыыhа. Төһөтүн да иhин, уонча сыл бииргэ олорбут киһигэр эрэниэхтээх этиҥ. Өйдөө ээ, киниэхэ эмиэ ыарахан билигин, харчыта тиийбэт, оҕолорун бэйэтэ соҕотоҕун илдьэр-аҕалар.
– Ээ, дьоно бааллар дии.
– Суох, эн миигин быhа түһүмэ, иhит. Туох баар харчы, дьиэ-уот кыһалҕата, сүүрүү-көтүү барыта кини үрдүнэн ааһар. Оттон эн манна ыал аҕата дьиҥнээх эр киһи быһыытынан дьоҥҥун иитээри харчы өлөрө сырыттаҕыҥ дии. Дьоҥҥор көмөлөһүөхтээххин, өйүөхтээххин! Эн, ити этиһэбит диигин, ити барыта күннээҕи бытархай. Олоххо оннооҕор буолуох ыарахан буолар. Оттон мин ойохпунаан эмиэ билиҥҥэ диэри этиһэбит, ол ханна барыай? Табаарыстарбын көрсөн кыратык чэйдээн кэллэхпинэ, биллэн турар, ойохпуттан дьарыллабын. Онтон мин билэбин ээ, син биир буруйдаахпын, саҥарбаппын. Ол оннугар сарсыныгар, туох да буолбатаҕын курдук эйэ дэмнээхтик кэпсэтэбит. Хор, оннук ээ Бүөккэ, олох диэн! Санааҕын отой түһэримэ, кырдьаҕас, олоҕу олорбут убайыҥ тылын иһит, ыл хата тахсан кэргэҥҥэр эрийэ сырыт, бырастыы гыннар, көрөөр эрэ санааҥ быдан чэпчиэҕэ. Кырдьаҕас киhи мин тугу этэрбин-тыынарбын билэн эрдэҕим.
Бүөккэ өр утуйбакка эргичиҥнии, өрө мөхсө сытта. Көр эрэ, кырдьаҕаhы хааhахха укта сылдьан сүбэлэт диэн эппиттэрэ эчи бэргэнин баҕаһын! Өскөтүн, бу Мэхээлэ курдук аҕа саастаах сүбэлиир-амалыыр табаарыhа суоҕа буоллар, олох муунту буолан иэдэйиэ эбит. Эдэр уолаттарга санаа үллэстэн туhа суох, хата эбии өссө өрө тэптэрэн кыынньыа, балай хараҕа суох күнүүтүн өссө күөдьүтэн биэриэ этилэр. Эдэр дьон санаалара биир эрэ. Барыта ким кимниин ханна көссүүлэспитэ, күүлэйдээбитэ, арыгылаабыта…
Бүөккэ уута сүгүн кэлбэккэ, таhырдьа тахсан учаастак устун хаамыталаата. Хоту дойду күһүҥҥү хараҥа түүнэ барахсан чэбдик тымныы салгына эчи тыынарга үчүгэйин! Мэктиэтигэр, санаалыын ырааһырда, чэпчээтэ. Үрэх устун кыйа хаамта, кэр[1]гэнин санаата, кырдьык да, бэҕэһээ абарбычча, сыыhа-халты саҥаран сыыспыт эбит. Тугун-ханныгын билбэккэ да сылдьан. Уолҕамдьы, бэйэмсик санаатыгар. Оо, итинник быстах санаа ситимиттэн, туох да төрүөтэ суох санааттан, күнүүттэн төһөлөөх элбэх ыал дьоллоох олоҕо алдьаммыта буолуой?! Киhи-киhи олоҕо араас. Ону барытын биир түгэҥҥэ алдьатар олус судургу, онтон хомуйар уустук. Ол арахсан да баран, кини ханна баран киhи-хара буолуо этэй? Хата эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр барыа этэ. Хараҕа бааллан, күнүүгэ харааран арахсыбыт диэн. Итинник, субу хааман иhэн Бүөккэ уол элбэҕи санаата.
Балогун аттыгар кэлэн, сиэбиттэн телефонун хостоон таhаарда, кэргэнигэр эрийдэ. Телефон ыҥыран иhэн арахсан хаалла. Иккистээн эрийдэ.
–Алло Вика…
– Петя эн аны манна эрийимэ. Кэргэнин куолаhа тыйыс. Телефон эмиэ араҕыста.
Суох, саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой диэн мээнэҕэ эппэттэр эбээт! Бүөккэ эмиэ эрийдэ – Вика, Вика баhаалыста истиий доҕор, мин буруйдаахпын, Вика бырастыы гын. – Уол күөмэйигэр хомуок тиийэн кэллэ, ыксаата, ыгылыйда.
– Суох, Петя ты сам захотел, развестись, обозвал меня последними словами.
– Вика мин буруйбун билинэбин, акаары эбиппин! Бырастыы!
– Петя, хаhан да олоххунан оонньоомо, эн кырдьык да акаары эбиккин. – кэргэнин уйадыйбыт куолаhын истэн, уол бэйэтэ да уйадыйыахча буолла, ыксаан кэпсэтиини уларыта охсоору, хайа Вика, оҕолор хайдахтарый? Кыыс үтүөрдэ дуо? Уол оскуолатыгар барда дуо?
– Барыта этэҥҥэ. Туйаарка үтүөрдэ, Васек оскуолатыгар барда, дьиэбитигэр куоракка итиини биэрэ иликтэр, ол иhин оҕолору күн аайы даачаттан автобуhунан таhабын. Наhаа эрэй. Кыыскынаан кэпсэтэҕин дуо, манна аттыбар баар ээ.
– Чэ эрэ, аҕал эрэ.
– Алло, паапуо привет — трубка анараа өттүгэр оҕо чаҕаарар куолаhа чугдаара түстэ!
— Привет, привет Туйаарыкка! Хайа, туох сонун?
– Үчүгэй ээ барыта, эн хаhан кэлэҕин аҕаа, мин эйигин наhаа аҕынным, күүтэбин.
– Сотору аҕыйах ыйынан кэлиэм hыллыый, тулуй, күүт, папа эйиэхэ кэһии бөҕөтүн аҕалыа, сөп?
– Аhаа, папа, мин «Винкс» кукла баҕарабын. Итинник аҕалаах кыыс өссө да өр кэпсэттилэр. Бүөккэ санаата олус сырдаата. Дьиэ кэргэннээх, эйигин кэтэһэр дьонноох үчүгэйин көр!Таhырдьаттан түүн үөһэ киирдэ. Уоhун иһигэр киҥинэйэн ырыа ыллыы-ыллыы.
– Хайа доҕоор, эппитим дии, кэргэҥҥинээн тубустугут?
– Хараҥаҕа наара улаҕатыттан Мэхээлэ кырдьаҕас эҕэлээх куолаһа иhиллэр.
– Баһыыба убаай, Мэхээлэ, эйиэхэ махталбын тиэрдэбин, кырдьык эн суоҕуҥ буоллар, хайдах-хайдах буоларым биллибэт этэ.
– Олох буоллаҕа дии, Бүөккэ, олоҕу эмиэ сатаан олоруохха наада…
Бүөккэ сылаас уутугар бигэнэн утуйан барда, санаата кый ыраах, дьонугар, сырдык
түүлүгэр кини хайыы-үйэ дойдутугар тиийэн, саҥа дьиэ-уот туттан, дьэндэтэн ырааппыт…
ЧАҔЫЛ