Олоххо тардыһыы: Искэни кыайбыт ийэ

01.12.2020
Бөлөххө киир:

Инстаграм” үөдүйүөҕүттэн, киһи атын дьон олохторун түннүгүнэн курдук сэгэтэн, кэтээн көрөр ээ. Ангелина Шадринаны искэни кытары охсуһар ийэ быһыытынан билэрим. Былырыын баччаларга: “билигин мин доруобайбын диэхпин сөп…” диэн суруйбутугар, тэҥҥэ үөрбүтүм.

edersaas.ru

Мин маннык дьону туох да омуннааһына суох, дьоруойдар дии саныыбын. Төһөлөөх ыарыыны, санаа баттыгын тулуйан, ыксыыры-уолуйары, муҥур уһукка тиийиини кыайан, иккистээн төрөөбүт курдук сананан, өйдүүн-санаалыын бүүс-бүтүннүү уларыйаллара буолуой?! Олоххо тардыһыы, санаа күүһүн көрдөрөр, күннэтэ кыракый хорсун быһыыны оҥорор, холобур буолар дьон – кинилэр, ыарахан ыарыыны кыайбыттар!

Ангелина хатыҥыр, нарын-намчы бэйэтэ олус күүстээх санаалаах, үтүөнү үксэтэ, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар киһи. Хаһан да үҥсэргии, ытыы-соҥуу сылдьыбакка, бэйэтэ аһымал санаа дьыалатынан дьарыктанар, ону тэҥэ, оҕуруонан үчүгэйкээн оҥоһуктары, кэрэни айан тарҕатар.

Аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйаҕа биллэр визажист Гоар Аветисян Дьокуускайга кэлэ сылдьан, маастар-кылааһыгар Ангелинаны кырааскалаабытыгар, бэйэтин уларыйбыт сэбэрэтин көрүнэн баран, чараас уйулҕалаах киһи үөрүүтүттэн, дьолуттан ытаабыта долгутуулаах да этэ… Дойду үрдүнэн Гоар “инстаграмын” мөлүйүөнүнэн сурутааччылара, үгүс кэрэ аҥаардар онно тэҥҥэ ытаспыттара.

Үҥкүүһүт этэ

Кини Кэбээйигэ 5 оҕолоох Софронеевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Елизавета Константиновна уран тарбахтаах иистэнньэҥ, норуот маастара. Аҕата Николай Петрович — ОДьХХ туйгун үлэһитэ. Төрөппүттэрэ иккиэн үлэҕэ-хамнаска, сынньалаҥы тэрийиигэ олус көхтөөх, сэмэй, сэргэх дьон. Ол да иһин бииргэ төрөөбүттэрэ бука бары үҥкүү уонна уруһуй салаатыгар үөрэммиттэрэ.

Ангелина оскуоланы бүтэрэн, култуура колледжыгар хореографическай салааҕа үөрэнэн, үҥкүү кэлэктиибин салайааччы идэтин баһылаабыта. Кэлин Арктикатааҕы култуура, ускуустуба институтугар хореограф идэтигэр үөрэнэ сылдьан, кэргэн тахсыбыта. Кэргэнэ Афанасий экономист, 2 кыыс оҕолоохтор.

Билигин оҕуруонан ааптарыскай оҥоһуктарын оҥорорунан дьарыктанар. Ол дьарыгар олоҕун суола сирдээн аҕалбыта. Урут «иискэ туох да сыһыаным суох» дии саныыра. Ол да буоллар, оҕолоругар таҥаһынан куукула, оонньуур, сымнаҕас кинигэ тигэрэ. 2012 сыллаахха искэн ыарыыта булуллан, инбэлииккэ тахсан, сатаан хамсаммат, идэтинэн үҥкүүлээбэт буолан хаалбыта. 2015 сыллаахха Москва куоракка Блохин аатынан онкология киинигэр 2 ый устата сыппыта.  Субу сүүрэ-көтө, олох үөһүгэр сылдьыбыт эдэр киһи соһуччу  суорҕан-тэллэх киһитэ буолан хаалара өйгө-санааҕа хайдахтаах охсуу буоларын өйдүүргүт буолуо…

Соҕотох буолан, санаата наһаа түһэн, хом санааҕа ылларбыта. Ол сылдьан аралдьыйа таарыйа, дьыалата суох сытар табыллыбат диэн, «Оҕуруонан быысапка» маастар-кылааска суруйтаран, дьарыктанан саҕалаабыта. Үөрүөн иһин, хара маҥнайгыттан оҥоһуктара табыллан, иэйиитэ уһуктан, үлүһүйэн, иистэнэн барбыта.

Бииртэн биир кэрэни айан, ис сүрэхпиттэн үөрэбин, ол иһин дууһам сытар сөбүлүүр дьарыктаахпыттан дьоллонобун. Дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэни кэрэхсэтэн алтыһарбынан дуоһуйабын, эйгэм кэҥиириттэн астынабын», — диэн кини этэр.

Олох туһугар охсуһуу

— Ангелина, ыалдьыбытыҥ туһунан хайдах билбиккиний?

2012 сыл, уопсайынан, дьикти баҕайы этэ. Этим-сииним араас сирдэринэн көҕөрөн тахсар буолбута. Саас хоҥхочохпор (копчик) уонна атахпар искэннэр тахсыбыттара. Ону быраастар үчүгэйдик үөрэппэккэ, көрбөккө, «неизвестной этиологии» диэн диагнозпар суруйан баран, кыра эппэрээссийэ оҥорон, суох гыммыттара. Сайыҥҥыттан бүөрүм диэкинэн сиһим ыалдьар буолбута. Быраастарга үлэбэр курдук сылдьар этим да, «сылайбыккын, бүөргүн, сискин тоҥорбуккун» диэн аахайбатахтара. Онтон 2013 сыл саҕаланыыта, Саҥа дьыл кэннэ, биир күн ороҥҥо сытан баран, сатаан турбатаҕым. Харахпыттан уот чаҕылыйыар диэри соһуччу, күүскэ ыалдьыбыта. «Суһал көмө” кэлэн «сис тоноҕоһун тостуута» диэн диагноһу туруоран, балыыһаҕа илдьэ барбыта.

Дьэ, онтон ыла алдьархай ыарахан кэмнэр саҕаламмыттара. МРТ-га түһэрэн баран, искэнтэн сиһим 2 тоноҕоһо бытарыйбыт диэн диагноһу туруорбуттара. Онон 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа бастакы улахан эппэрээссийэбин ааспытым, тоноҕоспор тимир импланты туруорбуттара. Түгэнинэн туһанан, көмүс илиилээх быраастарбар Корякин Гаврил Иннокентьевичка уонна Яхонтов Игорь Спартаковичка, туох баар мэдиссиинэ үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдиэм этэ.

Дьэ, бу курдук олох туһугар охсуһуум саҕаламмыта: үтүөрүү, ыалдьыы, бэргээһинӨссө биир тоноҕос алдьанан, 2017 сыллаахха Блохин аатынан кииҥҥэ иккис улахан эппэрээссийэни ааспытым, үтүөрүү, онтон эмиэ ыалдьыы… Бу сыллар тухары бииргэ төрөөбүттэрим, ийэм, аҕам, дьиэ кэргэним бэйэбит күүспүтүнэн, туохпутун барытын ууран туран, эмтэнэ сатаабыппыт.

Былырыын доруобуйам туруга мөлтөөн, АХШ Нью-Йорк куоратыгар 9 ый олорон, Memorial Sloan Kettering килииникэҕэ 3 улахан эппэрээссийэни ааһан, атахпар турдум.

Мантан инбэлиит кэлээскитинэн нэһиилэ сылдьар, сатаан аһаабат, олорбот, утуйбат, 41 киилэ ыйааһыннаах киһи барбытым уонна бэйэм икки атахпынан хааман кэлбитим. Ол барарбар дойдум туох баар үтүө, амарах, ыраас санаалаах дьоно-сэргэтэ миэхэ сүүнэ таптал туоһута, улахан эрэл-тирэх буолан, ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүттэрэ. Ол түгэннэр ынырык да ыарахан, долгутуулаах этилэр. Билигин санаатахпына, хайдах итиччэлээҕи ааспыппытый, дьоммут-сэргэбит көмөлөспөтөҕө эбитэ буоллар, хайдах буолуо этибиний диэн толкуй киирэр…

Дьон көмөтүн дууһам бары намчы-нарын, сылаас эрэ иэйиилэринэн саныыбын. АХШ курдук ыраах, букатын билбэт дойдубутугар английскай тылынан саҥарбат дьон барарбыт олус да кутталлаах, ыарахан этэ. Ийэкэм барахсан дойдум буорун мөһөөччүккэ уган биэрбитин, сиэппэр укта сылдьыбытым.

Онно дьон өйө-санаата, олохторун таһыма, таҥна-сапта сылдьаллара олох атын планетаҕа тиийбит курдук этэ. Кэргэним суоҕа буоллар уонна Нью-Йорк куоракка баар биир дойдулаахтарбыт көмөлөрө суох бастакы ыйбар төннөн кэлиэх эбиппин.

Кэргэним, уопсайынан, саамай тутаах, чугас, көмө киһим. Омуннаабакка эттэххэ, бу 19 сыл бииргэ олорбуппут тухары ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьар. Кини курдук хоһуун, кытаанах санаалаах, чугас киһитин туһугар тугун барытын, олоҕун, доруобуйатын ууран туран, олох туһугар охсуһар киһи аҕыйаҕа буолуо дии саныыбын.

«Билигин мин атын киһибин”

— Киһи бэйэтэ, өйө-санаата хайдах уларыйарый? Ыарахан кэмҥэ туох күүс биэрэрий?

Мин билигин өйбүнэн-санаабынан атын киһибин диэххэ сөптөөх. Ыалдьыам иннинэ да дьоҥҥо көмөлөһөр этим эрээри, хайдах курдук кинилэргэ ыараханын, олох сыанатын өйдөөбөт эбиппин ол кэмҥэ. Киһи ыараханы билэ илигинэ күннээҕинэн олорор, оҕолоргун аһаппыт, бу күнү этэҥҥэ ааспыт эрэ киһи дии саныыгын, ис туруккар улахан оруолу уурбаккын. Баччалаах ыарахан кэмнэри ааһан, мин дьону, олоҕу сыаналыырга, кыраттан кыыһырбат буоларга, Айыыларбар махтанарга, хас биир күнү таптыырга үөрэнним.

Оҕолорбор күн аайы этэбин: «Бу күн аны хаһан да буолуо суоҕа. Хас биир күнү сыаналааҥ, кыра да буоллар, саатар биир үтүө дьыаланы оҥоро сатааҥ. Саатар, кырдьаҕас киһиэхэ суолу туоруурга көмөлөһөн, дьиэтэ суох ыты аһатан, үтүө тылынан ким эмит санаатын көтөҕөн, үтүөнү үксэтиҥ». Билигин мин бүтэһик олбохпор «олохпун үчүгэйдик, туһалаахтык олордум» диир курдук олоруохтаахпын диэни тутуһабын.

— Эн санааҕар, кыһалҕа, ыарыы киһиэхэ тоҕо бэриллэрий?

Сорох дьон ыарыы аньыыгыт-хараҕыт иһин бэриллэр дииллэр. Ол сыыһа дии саныыбын. Мин Блохин киинигэр онкология отделениетыгар сытан, араас олохтоох дьону көрбүтүм. Кып-кырачаан саҥа төрөөбүт оҕолор, олохторун тухары манастыырга олорбут матушкалар, Айыы үлэһитин дьоно, мусульманнар, христианнар, үйэлэрин тухары испит-аһаабыт, бэйдиэ сылдьыбыт дьоҥҥо тиийэ…

Биир күн 2 дьахтардыын билсиһиим өйбөр хатанан хаалбыта. Бастакы, атаҕа суох кыыс олоҕун тухары спортсменка, кырасаабысса, детдом үлэһитэ, наар үтүө дьыаланан дьарыктанар кыыс этэ. Иккис – сирэйэ көстүбэт буолбут уп-улахан искэннээх, хараҕа суох дьахтардыын билсиспитим. Кини кэпсээбитэ:

«Олоҕум тухары кылаабынай буҕаалтырынан үлэлээбитим. Харчы, баай-дуол, үөрүүкөтүү, босхо бырааһынньык олохтооҕум. Этэргэ дылы, «первая красавица» этим. Хаста да кэргэн тахсарбар ыҥыра сылдьыбыттара. Сирэн-талан тахсыбатаҕым, оҕоломмотоҕум. 45 сааспар сирэйбэр искэн тахсыбыта. Дьэ, онтон олоҕум таҥнары барбыта. Үлэтэ да, кэрэ сэбэрэтэ да, үбэ-харчыта уонна, саамай сүрүнэ, доруобуйата суох хаалбытым. Биирдэ өйдөөбүтүм, үлэбиттэн уонна кэрэ сэбэрэбиттэн ураты, олохпор туох да суолталаах, бэл, оҕом да суох эбит. Били сайыны быһа көрүлээбит тэмэлдьигэн туһунан остуоруйаҕа курдук, олоҕум салалынна. Онно бэйэм эрэ буруйдаахпын» диэн баран, ытамньыйбыта. Пааспарын көрдөрбүтэ, кырдьык, олус кэрэчээн сэбэрэлээх кыыс көрөн олороро

Ол күн мин дэлби ытаабытым уонна өйүм, толкуйум тосту уларыйбыта. Ыарыы талбат эн итэҕэлгиттэн, толкуйгуттан, аньыыгыттан-хараҕыттан. Ол эрээри чөл олох улахан оруолу оонньуон сөп дии саныыбын.

Үтүө үтүөнү ыҥырар

— Дьол диэни хайдах өйдүүгүн? Саамай дьоллоох күнүҥ?

Мин дьоллоох киһибин! Киһи дьонунан баай дии саныыбын. Дьол диэн итии чэй, сылаас илии, үтүө тыл, чугас дьонум, тэлгэһэм. Оҕолорум, кэргэним күнү быра кууһа, сыллыы сылдьалларыттан ордук туох да үчүгэй суох. Оҕолоргутун сыллаан, бырастыы көрдөһөргүтүн кыбыстымаҥ, «эн туох дии саныыгын?» диэн санааларын ыйытаргытын, таптыыбын дииргитин умнумаҥ диэхпин баҕарабын.

Саамай дьоллоох күнүм элбэх буоллаҕа дии. Бүтэһик саамай кэтэспит түгэним АХШ-тан дойдубар кэлэн, оҕолорбун кууһарым. Хаһан да оҕолорбун кытта итиччэ өр арахсыбатаҕым. Оҕолорум барахсаттар, мин ыалдьаммын, уопсайынан, өйдөрүнэн-санааларынан эрдэ улааппыттара. Кыра кыыһым 8 сааһыгар ыалдьыбытым, ол улаатан эрэр оҕолорго улахан охсуу этэ. Ол эрээри кинилэргэ ол кэмҥэ кытаанах, хоһуун санаа, олоххо тардыһыы, үтүө санаа олуга ууруллубут дии саныыбын.

Кыргыттарым оннооҕор Саҥа дьылга, төрөөбүт күннэригэр эһэлэрэ аах бэлэхтээбит харчыларын мунньан, канцелярскай табаары атыылаһан, интэриниэт-маҕаһыыны арыйан, атыылаан, миигин эмтииргэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Ити 13-15 саастаах оҕолорго улахан дьыала. Билигин да сүрэҕим ньүөлүйэр, ону санаатахпына…

Ону көрөн, бииргэ үөрэнэр оҕолоро, Хатас орто уонна музыкальнай оскуолаларын оҕолоро, учууталлара эмиэ аһымал дьаарбаҥка бөҕөтүн ыыппыттара. Дьэ, онтон ситимнэнэн, барыта саҕаламмыта — улахан аһымал аахсыйалар, кэнсиэртэр… Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыттара дууһабын долгутар. Ол иһин үтүө үтүөнү ыҥырар диэн этэллэр эбит.

«Инники былааным – аһымал аахсыйаларын ыытыы”

— Ыалдьыбыт дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

Маннык ыарахаҥҥа түбэспит дьоҥҥо «санааҕытын түһэримэҥ, көмөнү көрдөһөртөн кыбыстымаҥ, төһө кыалларынан таптыыр дьарыккытынан дьарыктаныҥ, чугас дьоҥҥутун кытта истиҥник кэпсэтиҥ, куһаҕаны саныы сатаамаҥ» диэхпин баҕарабын. Бэйэҕит эмтэнэ сатаамаҥ. Харса суох туох баар выпискаларгытын араас килииникэлэргэ ыытан, араас бырааһы кытта консультациялаһыҥ. Итинник ыарахаттары ааспыт дьону кытта кэпсэтиҥ.

Миэхэ куруук «инстаграмҥа” @ot_angelina суруйаллар. Туох кыалларынан көмөлөһө сатыыбын. Уопсайынан, сатаан төннөрбөт иэстээхпин дьоммор-сэргэбэр, ол иһин саатар төһө эмит аҕыйах чааһын төнүннэрээри, кэргэмминээн аһымал дьыаланан дьарыктанабыт. Арба, быраҕыллыбыт 3 ыты иитэ ылбытым. Билигин саамай улахан сыалым быраҕыллыбыт кыылларга уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо, искэн ыарыылаахтарга аһымал санаа аахсыйаларын ыытыы. Бу күннэргэ «инстаграмҥа” сирэйбэр Лидия Куприяноваҕа аналлаах аһымал аукцион буолуо. Оҥоһуктарбын атыылаһыҥ, 3 оҕолоох соҕотох ийэҕэ көмөлөһүҥ диэн ыҥырабын. Лидия быарыгар уустук эппэрээссийэни барыахтаах.

Инникитин мин оҕуруонан иистэнэргэ аналлаах, бэйэм билиибин, сатабылбын үллэстэр «ютуб» ханаал арыйар былааннаахпын, ол баҕам туолан эрэр. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр, онон салгыы таптыыр дьарыкпын сайыннаран, үлэлээн, дьон миэхэ бэлэхтээбит үтүөтүн төнүннэрэн, аһымал санаа дьыалатынан дьарыктаныахпын баҕарабын. Улаханнык саҥарбаппын, кэргэмминээн былааммыт элбэх.

Түмүкпэр, дойдум туох баар дьонугар-сэргэтигэр сүгүрүйэн туран, барҕа махталбын уонна кэлэн иһэр Саҥа 2021 сылынан эҕэрдэбин тиэрдиэм этэ. Барыгытыгар дьиэ кэргэҥҥитигэр эйэни уонна өйдөһүүнү, тус олоххутугар дьолу-соргуну, таһаарыылаах үлэни, үтүөнү, кэрэни уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын! Таҥара биэрбит күндү бэлэҕин — олоҕу сыаналааҥ, таптааҥ, хас биирдии күнтэн астыныҥ-дуоһуйуҥ!

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0