(Бүтүүтэ. Иннин сэтинньи 27 күнүгэр көр).
Биир куул бурдукка, саахарга, чэйгэ атыыламмыт кыыс төлөһүйбүтүн, тупсубутун, таҥаһа-саба баайын сөҕө көрбүттэрэ. Кыыһын атаараары туран Ырыа Дьаакып оҕото бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ, сүүһүттэн сыллаабыта. Шура Намҥа тиийбитэ — Миитэрэй хаһан да кыыһырбатаҕын кыыһыран олороро: «Аны оскуолаҕа барбаккын, хаартыга дуостал чугаһаабаккын», — диэн кытаанахтык боппута, онон Шура дьиэ хаайыылааҕа буола түспүтэ. Эригэр хадаардаһан уһун суһуоҕун лэппийтэрбитэ. Миитэрэй Шура уһун ньаассын кугастыҥы баттаҕын сөбүлээн имэрийэрэ, сыллыыра, «кырыйтарбат буол» диэн сүбэлиирэ. Уһуун-уһун икки өрүүлээх суһуох кырыллан муостаҕа «лос» гына түспүтүгэр, киһи эрэ буоллар, Шура ытыы сыспыта. Сиэркилэттэн кинини уһун моойдоох, арбаҕар баттахтаах билбэт дьахтара көрөн турара. Онтон ыла ыаллар иллэрэ-эйэлэрэ уостан барбыта, улаханнык айдаарбаталлар да, урукку курдук күлэ-үөрэ кэпсэппэт, арааһы ахтыспат буолбуттара.
Ыраахтааҕы былааһа эстэн, нэһилиэктэргэ саҥа ревкомнар диэн тэриллэн барбыттара. Уон алтатыгар саҥа үктэнэн эрэр Шура киһи сөҕүөн курдук төлөһүйбүтэ, тупсубута, оннооҕор баттаҕа курданарыгар дылы саҥаттан үүммүтэ. Кэргэнин баайын кэлин ааҕа-суоттуу үөрэнсэн, саҥа былаас элбэх сүөһүлээх сэниэ ыаллары кулаактаан эрэллэрин соһуйа истэн, айдааннаах мунньахтарга сылдьар буолбута. Миитэрэй ону бопсубат этэ, туох-ханнык былаас кэлбитин билиэн баҕарара. Саҥа былаас дьоно килэркэй тирии сонноох, өттүктэригэр наганнаах дьон этилэр. Кыаммат-түгэммэт дьон туох да аһара чобоорхойбуттара Шураны сөхтөрбүтэ: «Баайдар сирдэрин, сылгыларын, сүөһүлэрин былдьаан, төрүт саҥа уопсай хаһаайыстыба тэринэллэр үһү, сүрэхтэрэ суох дьон ол хаһаайыстыбаларыгар чахчы бэйэлэрэ үлэлииллэрэ буолуо дуо? Босхо ас-таҥас даҕаны аһара уһаабат ини». Мунньахтары салайар күп-күөх харахтаах, сырдык баттахтаах уһун нуучча киһитэ кыһыл өрбөҕүнэн бүрүллүбүт остуол таһыгар олорон, аһара айманыы буоллаҕына наганынан графины тоҥсуйара, оччоҕуна дьон тутатына чуумпурара. Шура көрдөҕүнэ, бу нуучча наар кинини одуулаһара, ону сөбүлээминэ Шура дьон кэннигэр саһа сатыыра. Бу мунньахтар кэннилэриттэн нэһилиэк, улуус баай, сэниэ ыалларын кулаактаан барбыттара, астарын сэриигэ ыытыах, сүөһүлэрин бүтүннүү уоппустаан саҥа тэриллэр хаһаайыстыбаларыгар биэриэх буолбуттара. Хомойуох иһин, Миитэрэй эмиэ кулаактааһыҥҥа түбэспитэ. Дьиҥинэн, сүөһүтүн туран биэрэн син төлөрүйүөх эбит, ону баара ханнык эрэ уруута өрдөөҕүтэ улууска кинээстээбитэ биллэн төрүт-уус баай буолан хаалбыта. Таҥаһын даҕаны үчүгэйдик таҥыннарбакка, икки саалаах киһи, Миитэрэйи түҥнэритэ анньыалаан Дьокуускай хаайыытыгар илдьэллэригэр Шура ытыы-ытыы эрин кууспута, икки ыйдаах оһоҕостооҕун эппитэ. Миитэрэй эрэйдээх онно үөрбүтүөн! «Ханна даҕаны тиэрдибиттэрин иһин, хайдах да гыммыттарын иһин, ааппын ааттатар ыччаттанар эбиппин. Махтал, күндүттэн күндү чыычааҕым! Кытаатан харыстана сатаар, дойдугун Уус Алданы булаар», — диэхтээбитэ. Илиилэрин бобо баайбыттарын үрдүнэн өр да өр кэннинэн хааман далбаатаабыта. Шура дьиэтигэр кэлбитэ: били нуучча ревкомовец олороро, киниэхэ кумааҕы биэрбитэ — дьулаан ис хоһоонноох докумуон буолбута. Кулаак буолбут дьон уруулара, кэргэттэрэ дьиэлэрин, хотоннорун кумалааннарга, хамначчыттарга бүтүннүү туран биэриэхтээхтэр, бэйэлэрэ олорор сирдэриттэн халбарыйбакка, Дьокуускайтан кулаак буолбут дьиэлээх киһи дьылҕата туох-ханнык буолара быһаарылларын кэтэһиэхтээхтэр диэн этэ. Шуралаах дьиэлэрин, хотоннорун Сүөдэрдээх Татыйаас ылар буолбуттара, эбиитин кинилэргэ уоннуу сүөһүнү анаабыттара. Бу дьон кулаак урууларын икки хонуктан ордук хонноруо суохтаахтара, ону толорботохторуна бэйэлэрэ кулаак хос моонньохторо буолан тутуллуох тустаахтара. Кыайан ытыыр да кыаҕа суох Шура уҥан хаалбытын Татыйаас ороҥҥо сытыарбыта, киэһэ сылаас үүт иһэрдэ-иһэрдэ: «Шура, биһиги эһиэхэ туох да буруйа суохпут, ити ревкомнар кытаанах дьаһаллара буоларын өйдүүр инигин? Таһырдьа айдаара сырыттахтарына аҕыйах таҥаһы былаакка суулаан кыбыы отугар кистээбитим уонна үрүҥ, кыһыл көмүстэргин. Оҕоҥ туһугар тулуйа сатаа дуу», — диэн хараҕыттан уу-хаар баһан олорон сибигинэйбитэ, оройуттан, сүүһүттэн сыллаабыта. Кыыс Татыйааска икки хонон баран Намнаабыта, ревкомҥа сылдьан эрин туһунан ыйыталаспытын, тугу да быһааран эппэтэхтэрэ. Шураны кытта оскуолаҕа үөрэммит үс баай кыргыттара эмиэ кини курдук быста-ойдо сылдьалларын көрсөн, хаһан эрэ ыаллар көһөөрү бырахпыт, өтөхсүйбүтэ ырааппыт дьиэҕэ олохсуйбуттара, ревкомтан быһаарыы кэлэрин куттана кэтэспиттэрэ. Икки дьахтар, оҕолорун урукку хамначчыттарыгар биэртэлээбит буолан, кистээн көрсөллөрө, оттон Шура оҕото куоппута. Тымныы дьиэ, куһаҕан ас, санаа-оноо төрүү илик оҕону төттөрү төлкөлөөбүтэ. Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы: «Хата, Миитэрэйим билбэккэ бараахтаата. Оо, ханна эрэ тириэртилэр, бука, өлөрдүлэр буолуо, онтон атын кини хайдах эмэ суруйуо, биллэриэ этэ», — дии саныыра Шура. Оҕо куоппут дьахтар аны тымныйан оронтон да кыайан турбат буолбута; түөһүн иһэ күп-күүгүнэс сөтөл, сүрэҕэ айаҕар тахсыахтыы мөхсөр буолбута; бииргэ олорбут үс дьахталларын ханна да илдьибиттэрин өйдөөбөккө хаалбыта; ол курдук өлөр-тиллэр икки ардыгар сытаахтаабыта. Бэһис хонугар күөх харахтаах нуучча ревкомовец Шураны Дьокуускайга илдьэ барбыта, хаайыыга киллэрбэккэ быһа балыыһаҕа илдьибитэ. Кэлин билбитэ — балыыһаҕа киирбэтэҕэ буоллар, Шура сыылкаҕа барыахтаах эбит. Балыыһаҕа төбөлөрүнэн ыалдьар дьон баалларын, араастаан кэбилэнэллэрин иһин кини наар кутталга сылдьара, ким эрэ түүн өлөрүө диэн утуйбат да этэ. Күнүс туох да тулуйбат ыһыыта-хаһыыта наһаа сылатара, ас кэмчи буолан Шура уҥуох да тирии буолбута. Баттаҕын балыыһаҕа үүннэрбэккэ кырыйан иһэллэрэ, халааттара быата да, тимэҕэ да суоҕа. Кэлиҥҥинэн Шура күнү-дьылы аахпат, сууммат-тарааммат буолбута, наар сытан тахсара. Иккис ыйыгар, балыыһаттан таһааралларыгар, быраастан ытыы-ытыы салгыы хаалларалларыгар көрдөспүтэ, барар-кэлэр сирэ суоҕун этэн көрбүтэ да, санитардар күүстэринэн балыыһаттан уулуссаҕа аспыттара…
Ангелина Данилова,
«Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн» кинигэтиттэн быһа тардыы.
(Бичик, 2019)