Олоҥхоҕо туойулларынан, Кыыс Тыгына Тойон Мүрү ылгын оҕото буолан, кини хоонньугар ыкса сытар эбит. Бу Өнөр Эбэ сурукка киирэ илик түҥ былыргы аата. Манна күүстээх диэтэххэ күүстээх, быһый диэтэххэ быһый, ырыаһыт диэтэххэ ырыаһыт, үлэһит диэтэххэ үлэһит дьоннор үөскээбит сирдэрэ. Өнөрдөр ытык сирдэрин, төрөөбүт буордарын харахтарын харатын курдук харыстыыллар, туох-баар үчүгэйдэрин, үөрүүлэрин, ситиһиилэрин Эбэлэрин аатын кытта ситимнииллэр
Өнөргө төрөөбүт төрүт сирдэригэр-дойдуларыгар олус бэриниилээх дьон олороллор. Нэһилиэктэрин аатын, түҥ устуоруйатын, мүччүргэннээх мүһэлгэ кэмнэргэ өлөллөрүн утуйарга холоон охсуһан-сэриилэһэн, олорон-үлэлээн ааспыт аҕа көлүөнэ дьоннорун сырдык ааттарын харыстыырга, үйэтитэргэ санааларын түмэн үлэлээбиттэрэ ыраатта.
ТҮМСҮҮЛЭЭХ ӨНӨРДӨР
90-с сылларга Өнөр чаҕылхай ыччата, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс, Теле-араадьыйа госкэмитиэтин Саха сирин соҕуруу өттүгэр бэйэлэрин кэрэспэдьиэннэрэ, кэлин хапытаал үйэтин сокуоннай көстүүтүнэн буолбут, норуот сэҥээриитин ылбыт “Кудай Бахсы” атыы-эргиэн дьиэтин (пуонданы) тэрийбит ситиһиилээх урбаанньыт Николай Черноградскай көҕүлээн, сүрүннээн, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан “Өнөр нэһилиэгэ” кинигэни таһаарбыттара.
— 1995 сыллаахха Николай Николаевич көҕүлээһининэн аан бастаан, Өнөртөн төрүттээх куоракка олорор 100-чэ киһи түмсэммит, биир дойдулаахтар “Өнөр” түмсүүлэрин тэрийэргэ быһаарыммыппыт. Нэһилиэкпит туһунан уонна төрдүбүтүн-ууспутун чуокайдыыр, үйэтитэр сыалтан Төрүччү кинигэтин, икки кинигэни бэлэмнээн таһаарар соругу туруоруммуппут. Онтон ылата түмсүүбүт бүтүн үйэ чиэппэрэ үлэлээн кэллэ. Дойдубутун кытта ситиммитин быспаппыт, араас тэрээһиннэри ыытабыт, кыттабыт. Нэһилиэкпит олоҕор, инники сайдыытыгар күүспүт-кыахпыт тиийэринэн көмөлөһө, өйөбүл-тирэх буола сатыыбыт, — Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үөрэх, култуура эйгэлэрин, успуорт бэтэрээнэ Николай Литвинцев II кэпсэтиибитин саҕалыыр.
Ааспыт сыллаахха, Улуу Кыайыы 75 сылыгар өнөрдөр нэһилиэктэрин сэрии сылларын оҕолорун үйэтитэр аналлаах “Олох өһүөтүн көтөхсөн” дьоһун кинигэни хомуйан таһааран өрөгөйдөрө үрдээтэ.
Уус Алдан бурҕаҥнас буордаах ытык сирэ-уота сэрии, үлэ Дьоруойдарын төрөтөн, саха аатын аар-саарга аатырдыбыта. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов, үс сэрии кыттыылааҕа, алта бойобуой уордьаннаах, номоххо киирбит танкист-хамандыыр Дмитрий Оллонов ааттарынан киэн туттабыт.
Аҥаардас Өнөр нэһилиэгиттэн сэриигэ улахан хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойугар түһэриллибит Михаил Стрекаловскайга 52 сыл кэнниттэн, өлбүтүн кэннэ, 1996 сыллаахха Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Сэрии иннинэ Ленин аатынан холкуос бастакы бэрэссэдээтэлэ, Остуойка киһитэ Илья Бочкарев, аатырбыт минометчик, үс бойобуой уордьаннаах Дьоруой эрэ аатын ылбатах хорсун сэрииһит тыыннаах эргиллибитэ.
Кыргыһыы толоонугар 9-та бааһырбыт Егор Захаров үс төгүл “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 9 буойун бойобуой уордьаннарынан наҕараадаламмыттара.
— Өнөртөн Аҕа дойду көмүскэлигэр 107 киһи ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Бу дьонтон 78 киһи саа-саадах тутан сэриигэ киирбит. Кинилэртэн 47 киһи Кыайыы туһугар бэйэлэрин олохторун толук уурбут. Оттон 31 буойун төрөөбүт буордарыгар үгүстэрэ ыараханнык бааһыран эргиллибиттэрэ уонна сэрии кэнниттэн айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ борбуйдарын көтөҕөн эрэр сэрии сылларын оҕолорун кытта сүрүн күүс буолбуттара, — “Олох өһүөтүн көтөхсөн” кинигэни иилээн-саҕалаан таһаарсыбыт, быһаччы үлэлэспит, өнөрдөр ытык-мааны киһилэрэ, РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, педагогика наукатын хандьыдаата, РФ орто идэлээх үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Василий Иванов нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин туһунан сэһэргиир. – Уоттаах сэрии тыына барыбытыгар ыараханнык дьайбыта. Ол туһунан эрэй-муҥ ыарын дьарамай санныларыгар сүгээхтээбит сэрии сылларын оҕолоро Анна Находкина, Варвара Ушницкая, Иван Нестеров, Иван Бубякин о.д.а. бу кинигэҕэ киирбит ахтыыларыттан билиэххэ, итэҕэйиэххэ сөп. Сэрии саҕана Өнөр Эбэҕэ балык биригээдэтэ тэриллэн, өрүс балыгын муҥхалаан тууһаабыттар. Итинник балыктыы да сылдьан, ахтыылартан итиэннэ архыып көрдөрүүлэрэ туоһулуулларынан, сэрии сылларыгар нэһилиэккэ эһээхэй оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ 164 дууһа ыалдьан, хоргуйан өлбүт.
КЫАЙЫЫ КЫНАТТАНАН, КЫАЙЫЫЛААХ ҮЛЭҔЭ
Сэрии кэнниттэн сэрии сылларын оҕолоро улаатан эйэлээх үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Эдэр ыччат тутууга биригээдэтэ кырдьаҕас тутааччы, өссө тыыннааҕар күүһүнэн-уоҕунан кэпсэлгэ кирбит Иннокентий Ушницкай-Кэссиэ Лэгэнтэйэ салалтатынан биир сылга 16 ыал олорор дьиэтин тутан, хаһан да буолбатах, хатыламматах үлэ үрдүк көрдөрүүтүн ситиспиттэрэ.
От-мас үлэтигэр эмиэ сөҕүмэр көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ. Ол курдук, Афанасий Атласов соҕотоҕун күннэтэ 50-нуу сыарҕа оту кэбиһэн оройуоҥҥа аатырбыта, биир сайын 1 372 туонна оту кэбиспитэ. Кини кыһынын 4-5 көлөнөн от тиэйэрэ, үксүгэр иккитэ кырынара.
Сэрии сылларын оҕолорун күүрээннээх үлэлэринэн тыа сиригэр тиэхиньикэ күүһэ олохтоммута, оскуола, кулууп, балыыһа, оҕо саада, хонтуора, о.д.а. уопсастыбаннай тутуулар дьэндэйбиттэрэ.
Кинигэҕэ нэһилиэктэн 248 сэрии сылларын оҕолорун ааттара ааттанна. Оччотооҕу кыһалҕалаах олох туоһулара буолан, бары бииргэ улаатан, үөрэнэн, олох олорон ааспыппыт. Үгүстэрбит үйэлэрин моҥообокко, ыарахан олох охсуутуттан эдэр, орто саастарыгар бу олохтон барбыттара. Киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоххо эт саастыылаахтарын кытары “эн-мин” дэһэн, ол ыарахан сыллары бииргэ олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыттарын туоһутунан ытыс саҕа да ахтыы-ыстатыйаларынан үйэ-саас тухары үйэтитиллэллэрин туһугар бу кинигэ оҥоһулунна.
Кинигэни таһаарыыга үгүс сыраларын биэрэн үлэлэспит, икки болдьоххо баһылыктаабыт ытык киһибитигэр Афанасий Черноградскайга, Николай Литвинцевкэ II, Анна Афанасьева-Поповаҕа уонна биир дойдулаахпытыгар, “Алаас” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Мария Колодезниковаҕа Өнөр дьонун барыбыт аатыттан махтал тылларын этэбит.
ӨНӨР БИЛИҤҤИТЭ УОННА ТЫЫН КЫҺАЛҔАЛАРА
Өнөргө билигин 793 ынах сүөһү, 470 сылгы иитиллэн турар. Барыта 16 бааһынай, 36 кэтэх хаһаайыстыба олоҕу-дьаһаҕы тутан олороллор. Сүөһү, сылгы көрүүтүнэн, сүнньүнэн сэрии сылларын оҕолорун орто саастаах оҕолоро дьарыгыраллар. 652 пропискалаах киһи, 112 оскуола саастаах оҕо олороллор. Оҕо саадыгар 40-ча кырачаан сылдьар. Ол эрээри, күн бүгүн оскуолалара баара эрэ 77 үөрэнээччилээх. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх ирдэбиллэригэр ырааҕынан эппиэттээбэт усулуобуйаҕа дьон оҕолорун үөрэттэриэхтэрин баҕарбаттар, көһүтэлээн хаалаллар…
Өнөрдөрү күн бүгүн икки тыын суолталаах кыһалҕа эрэйдиир: бастакыта саҥа оскуола тутуллуута, иккиһэ – суол оҥоһуллуута. 1968 сыллаахха тутуллубут икки этээстээх мас оскуолаларын дьиэтэ 2014 сыллаахха сууллар кутталлаах туруктаах буолан, көтүллэн хаалар. Онтон ыла сэттэ төгүрүк сыл ааста да, саҥа оскуола тутуллара хайа да таһымҥа быһаарыллыбакка турар.
Өнөрдөр улууска кэккэ нэһилиэктэргэ аныгы олох сиэринэн сандаарыйбыт таас оскуолалар тутуллуулара чуолкайдаммытын, тутуллалларын ордугургуу эрэ санаахтыыллар. Оттон оҕолоро барахсаттар, оскуола кэлэктиибэ үөрэнэргэ ханан да сөбө суох усулуобуйалаах дьиэлэргэ үс сиринэн сүүрэ сылдьан үөрэнэн, үлэлээн муҥнаналлар. Ол үрдүнэн үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэри көрдөрөллөр. Улуу буойун, Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатын сүгэр оскуолаларын саҥардыы боппуруоһун 20-чэ сыл туруорустулар, салгыы да ахсаабакка туруорсаллар. Улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин салалталара уһаарбалаабакка-уһаппакка долоҕойдоругар түһэриэхтэрэ диэн эрэллэрин сүтэрбэттэр.
Суол, сырыы-айан боппуруоһугар били “чөккөй самаҕыттан иҥнибит” диэбит курдук балаһыанньалаахтар. Уулаах-хаардаах сылга саас-күһүн эрэй-кыһалҕа эҥэрдэнэллэр, “Суһал көмө” массыынатыгар тиийэ суолга хонуталыыллар. Бороҕонтон Тулунаҕа диэри “ыт баһа төкүнүйэр” суоллаахтар. Онтон салгыы, Тулуна—Өнөр икки ардыларыгар уончаны кыайбат биэрэстэлээх суол, өнөрдөр бастакы бортовой массыыналаныахтарыттан, 70-ча сыл устата кыайан оҥоһуллубата нэһилиэк бэйэтин, улуус салалталарын кыайтарбат кыһалҕалара буолла. Ууну-хаары ортотунан сылдьар “Ланкрузер” буолуохтааҕар, били оҕонньордоро, гражданскай сэрии дьоруойа Хабырылла Дьөгүөрэп кыыннаах быһаҕын сүтэрэр, оҕустаах киһи батыллар обоччо-бадараан суоллаахтар.
— Сахалар сүрүннээн тыа сиригэр олоробут. Ордук-хото маннык, Өнөр курдук тыа нэһилиэктэригэр. Өскөтүн ыччаппытын күн бүгүн тыа сиригэр тутан хаалбатахпытына, сахалар төрүт
дьарыкпыт, култуурабыт, тылбыт-өспүт эстэр суолга киирэрэ кэллэ. Ол инниттэн, ыччаты тыа сиригэр олохсутарга туһуламмыт өрөспүүбүлүкэҕэ күүстээх стратегия баар буолуохтаах. Онно төһүүнэн, туох-ханнык иннинэ оскуола тутуллуута, суол-иис оҥоһуллуута, култуура, успуорт эйгэлэрин тутуулара киллэриллиэхтээхтэр. Аныгылыы олох-дьаһах эргиччи хааччыллыыта учуоттаныахтаах. Ил Дархаммыт, Ил Түмэммит, бырабыыталыстыбабыт маннык дьайымтыалаах стратегияны ырытан оҥороллоро, ону миэстэлэргэ муниципальнай тэрээһиннэр дьаһалталара олоххо киллэриилэрин хонтуруолга туталлара наада. Оччотугар эрэ инники хамсааһын тахсыаҕа, — диэн Василий Иванов биир дойдулаахтарын, өнөрдөр санааларын, туруорсууларын өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тириэрдэр.
Иван Ксенофонтов-Силиги, edersaas.ru