ОЛОХ СИТИМЭ (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сааскы халтархай суол устун охтумаары, мас торуоскатыгар тирэнэн, аргыый аҕай кырдьаҕас оҕонньор иһэр. Бу 80-нун лаппа ааспыт Бүөтүр оҕонньор, оскуолаҕа мунньахха ыҥырбыттарыгар баран иһэр. Кэлин атаҕа ыараан дьиэтиттэн, тусаһатыттан да тэйбэт бэйэтэ, саамай мааны, мурун бүөтэ сиэнэ Витя улахан буруйун иннигэр бу истэҕэ.

Сиэнэ Витя олус атаахтык улааппыта. Сиэним иннигэр сирэйим кытарыа дии санаабатах бэйэтэ, дьэ, мунньахха туох-туох буолаа. Бүөтүр бу кэлэн иһэн ааспыт оҕо сааһын, ийэтин, аҕатын, төрөөбүт дойдутугар ытык  иэһин, уоттаах сэриини барытын санаан, хараҕар ааспыт күннэр-дьыллар элэҥнэстилэр. Ийэтэ Лөкүөрүйэ барахсан олус сымнаҕас дьахтар этэ. Сааһын тухары колхуоска сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Бүөтүр кыра сырыттаҕына аҕата Баһылай оһолго өлөөхтөөбүтэ. Онон ыал улахан оҕото Бүөтүр уу-кырбас бырааттаах балтын көрөн-истэн ийэтигэр төһүү күүс буолбута. Бүөтүр билигин да уот сэриигэ бэбиэскэ кэлбит күнүн харааста саныыр. Ол күн ийэтэ эрэйдээх чэй кута-кута, аны оҕолорум көрүөхтэрэ диэбиттии хараҕын уутун былаатын уһугунан сотто-сотто: «Тукаам, киһи эрэ буолларгын этэҥҥэ сылдьан эргиллээр… Хайа, балтылаах бырааккын атахтарыгар туруортуоҥ турдаҕа»,  — диэхтээбитэ.

Ол курус күн кырачаан балта, биэстээх Суоппуйа, туох-ханнык буолбутун ситэри өйдөөбөккө, оһох иннигэр оонньоон баттаҕа сахсаҥныы олороро субу баар курдук көстөр. Оттон быраата, сэттэлээх Бииктэр син удумаҕалатар курдук, боччумнаахык умса көрөн олорон тарбахтарын мускуйара.

Бүөтүр сэриигэ барбыта… Аны санаатахха, биир үксүн, дьонум барахсаттар хайдах олороохтууллара буолла диэн санаа кинини үүйэ-хаайа тутара. Оттон уоттаах сэриигэ өлүөм, быстыам диэн санаа кинини олох таарыйбат этэ. Бүөтүр уоттаах сэриигэ сылдьан нууччалыы билэринэн уонна табатык да ытарынан үгүстэртэн ордуга. Кини куруук “Дойдубар тиийдэрбин. Ийэбин, балтыбын, бырааппын көрдөрбүн” диэн саныыра. Сэрии толооннуттан тыыннаах ордон төрөөбүт дойдутугар эргиллибитигэр, дойдутугар кинини үөрэ көрсүбүт бар дьонун быыһыгар ийэтэ, балта, быраата суохтара… Бүөтүр ыйыппыт, аймаммыт харахтарын саамай аҕа саастаах Өксөнтөй көрбүтэ уонна оргууй: «Бүөтүр, эрдий… Ийэҥ Лөкүөрүйэ балтыгынаан суох буолбуттара, аҕаҕыт таһыгар таһааран кистээбиппит. Бүөтүр, уот сэрии сылларыгар үгүс киһи хоргуйан, сорохтор ыалдьан өллүлэр. Эрэй бөҕөнү эҥэрбитинэн тэлэн кыайыы күнүн көрөрдөөх эбиппит. Ийэҥ эрэйдээх үлэлии сылдьан охтоохтообута. Биир кэм иэҕэҥнии-иэҕэҥнии сүөһү көрөөхтүүрэ, оттон балтыҥ, Суоппуйачаан барахсан, утуйа сытан бараахтаабыт этэ…Эрэйдээҕиҥ биир кэм: “Ийээ, аста аҕал, аччыктаатым”, — диэхтиирэ үһү. Сылбай эрэ уунан сытан оннук бараахтаабыта».

— Оттон, оттон быраатым Бииктэр, кини ханнаный?

— Оо, оҕом Бүөтүр, быраатыҥ эрэйдээх ити иннинэ сүтэн хаалбыта. Ыксаллаах да күннэр турбуттара, үс-түөрт хонук көрдөөн баран, хайыахпытый? Ийэҥ эрэйдээх онтон да тулуйумуна эрдэлээтэ ини… Сут-сутурҕан кэмигэр дьон да бары үлэҕэ үтүрүйтэрэн, аччыктаан, ыалдьан ким туох буолбутун көрбөккө хааллахпыт, — Даарыйа оргууй Бүөтүрү уоскутардыы саҥарбыта.

Бүөтүр итини истэн баран, ытыстарынан сирэйин саба туттан ыараханнык ынчыктыыр, онтон кыайан туттуммакка, бачча өр тулуйан, тулуктаһан кэлбит эр сүрэҕэ айманан саҥа таһааран ытаан барар.

Сэрии… Кыайыы… Сүтүк …

Бүөтүр оҕонньор ол күнү санаатаҕына билигин да, төһө да үгүс сыллар ааспыттарын иһин, сүрэҕин сыппах быһах биитэ аалар кудук, сүһүөҕэ халыр-босхо барыталыыр. Куурбут-хаппыт иэдэстэринэн харах уута тохтоло суох сүүрэр. «Быраатым оҕоккотоо, кып-кыра киһи, ханна тиийэн умса түспүтүҥ буолла, биитэр ханна эрэ тыыннаах сылдьарыҥ буолуо дуо», — диэн иһигэр ардыгар эрэнэ санаан, өрүү кэтэһэн, элбэх хаары санныгар уйдаҕа.

Бүөтүр сэрииттэн кэлбит сылыгар кэргэн ылан биэс оҕоломмута. Ыал тэҥинэн олорбуттара. Билигин 20-н тахса сиэннээх нэһилиэк аарыма кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэ.

Оттон бу быйыл 9-с кылааска үөрэнэр кыра сиэнэ Витя оскуола биэчэригэр оҕолору кытта арыгылаан чуут оскуоланы уоттуу сыспыттар. Ол ыар буруйун иһин учууталлар ыксаан, уол табыллыа суох дии санаан, эһэтин ыҥырбыттара.

Витя диэн оҕонньор кыра кыыһын Лукерья Петровна оҕото. Бэрт сытыы-хотуу, дьүһүнэ буоллаҕына сүппүт быраатыгар олс маарынныыра. Оҕонньор бу сиэнин биирдэ да мөхпөтөҕө, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ улаатыннарбыта. Ордук быраатын кэриэстээн буолуо. Эрэйи көрөн, ас-таҥас кыһалҕатын билбитэ эбитэ буоллар итинник кэбилэниэ этэ дуо?

Оҕонньор ыраас, сырдык оскуолаҕа киирээт, кинини кэтэһэн турар буруйдаах сиэниниин утары көрүстүлэр. Оҕонньор сиэниттэн кэлэйэн тугу да саҥарыан булбакка көрөн турдаҕына сиэнэ обургу олус чобуотук:

— Эһээ, эн миигин көмүскэһэ кэллиҥ даа? Дириэктэрискэйгэ барыах, соҕотох киириэхпин саллабын ээ, — диэн чаҕаарытта.

Маны истэн оҕонньор абаран, хантан ылбыт күүһэ эбитэ буолла, үйэлээх сааһыгар сиэнигэр илиитин көтөхпөтөх бэйэтэ, 9-с кылааска үөрэнэр бэдиги саҕатыттан өрө ыйаан ылаат:

— Сыакаар, ким аатын сүгэн сылдьаргын саатар билэҕин дуо? Сэрии, хоргуйуу, өлүү-сүтүү кэмигэр хос эбэҥ Лөкүөрүйэ, мин бырааттаах балтым эйигиннээҕэр быдан кыра сылдьан, оҕо саас дьолун билбэккэ хоргуйан өлөөхтөөбүттэрэ. Тугуҥ  итэҕэс буолан тотон өлөҥҥүн дьаабыланныҥ? Арыгыны, табаҕы аргыс оҥостор түөкүн буолаары гынаҕын дуо? Үөрэнэр оскуолаҕар үтүөнү оҥоруоҥ оннугар, уоттуу сыспыккын! Бу саатын-суутун, оо, маны көрүөх, мантан кыбыстыах быабар уоттаах сэриигэ өлбөккө тыыннаах эргиллэн кэлээхтээбиппин…Оҕонньор биир тыынынан саҥаран бүтээт, нукаай буолбут илиитинэн сүрэҕин харбанна. Кимиэхэ да мээнэ кыыһырбат оҕонньор эмискэ төлө баран хаһыытаабытыттан сүрэҕэ эппэҥнээтэ…

— Эһээ, эһээ туох буоллуҥ?

Сэниэтэ эстэн нэһиилэ истиэнэҕэ өйөммүт кырдьаҕас оҕонньору сиэнэ уол ытыы-ытыы кууһан турда.

Оҕонньор сүрэҕинэн балыыһаҕа киирбитэ. Хас да күн ааспытын кэннэ сиэнэ Витя эһэтигэр балыыһаҕа кэлбитэ. Кини буруйун билинэн, аны кэлэр күһүн оскуола иннигэр сэттэ маһы олордор күһэлэҥ үлэҕэ анаммыта. Уол палатаҕа киириэн дьулайан турдаҕына ийэтэ:

— Киир Витя, эһэҥ эрэйдээх дууһатыгар төһөлөөх ыар баттыгы илдьэ сылдьарын арай эн билбэккин, үөрдүөҥ кэриэтин ити оҥордоҕуҥ. Киир…

Уол оргууй киирэн орон баһыгар турда. Эһэтэ сиэнин диэки хайыһан көрбөккө сытан, ким киирбитин бүтэйдии сэрэйдэ.

— Эһээ, эһээ, мин барытын өйдөөтүм, миигин бырастыы гын…, — уолчаан бүтэҥи куолаһынан саҥарда. Оҕонньор балачча саҥата суох сытан баран:

— Тукаам, ол мин бырастыы гынарым кыра. Эһиги, эдэр көлүөнэ, маннык дьоллоохтук олороргут, сут-аччыктааһын диэни билбэккэ үөрэхтээх, үтүө үлэһит дьон буоларгыт туһугар турууласпыт, кыайыыны уһансыбыт дьоммут иннилэригэр эн тускуттан мин саатабын…

Эһиги төһөлөөх үчүгэй, сайдыылаах үйэ кэлбитин өйдөөбөккө, ас диэтэххэ ас баар, таҥас диэтэххэ таҥас баар талым үйэтигэр төрөөн баран, бара сатаан араас куһаҕан дьаллыкка ылларан бэйэҕит инникигитин сарбынаары гынаҕыт уонна  олорон ааспыт аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыла суох быһыыланаҕыт…, — оҕонньор үөһэ тыынар.

— Эһээ, мин аны итинник быһыыланыам суоҕа, өйдөөтүм ээ барытын. Эһээ, мин үөрэхтээх киһи буолан аны эн ааккын түһэн биэриэм суоҕа…бырастыы гын…, — уолчаан ис сүрэҕиттэн иэйэн, эһэтин иннигэр сөһүргэстээн олорон саҥарбытыттан эһэтэ оҕонньор уйадыйан хараҕа ууланан, бүтүн бэйэтэ титирэстии-титирэстии:

— Тоойуом, Бииктээр, сэрии кэмигэр сүтэн хаалбыт кырачаан быраатым Бииктэр олорботох олоҕун эн олоруох тустааххын, кини үөрэммэтэҕин эн үөрэниэхтээххин. Истэҕин дуо, Бииктээр?

— Истэбин, эһээ, истэбин. Мин барытын толоруом…. Андаҕайабын…

Уу чуумпу балыыһа палататыгар эһээлээх сиэн ыга куустуһан саҥата суох олордулар.

Төрөөбүт дойдуга, дьоҥҥо-сэргэҕэ таптал, ыраас суобас, эппиэтинэстээх быһыы хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар баар буолуохтаах. Аҕа саастаах көлүөнэ иннигэр биһиги ытык иэспитин умнуо суохтаахпыт… Оччоҕо эрэ көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыа суоҕа, олох өрүһэ оргууй устуо…

Ульяна ЗАХАРОВА-СТЕПАНОВА

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0