Олох салҕанар аналлаах

Ааптар:  Галина НЕЛЬБИСОВА
02.01.2025
Бөлөххө киир:
pxhere.com

Хас да күнү быһа тохтообокко түспүт ардах астыах быһыыта биллибэт. Халлаан эмискэ халлыах курдук буолан ыла-ыла, син биир ардаҕар бара турар. Былыттар өссө эбии хойдон кэлэ-кэлэ, киһи тыына-быара ыгыллыах халлааны бүрүйэн кэбиһэллэр.

Анфиса уруккуттан даҕаны маннык салгымтыалаах самыырдаах күннэри сөбүлээбэт буолара. Ол эрээри, санаата ардаҕы кытта маннык күүскэ саппаҕырбытын, хайдах эрэ барыах-кэлиэх сирин булбат курдук муунтуйбутун өйдөөбөт. Син ыалларыгар киирэн-тахсан, күннээҕини ырытыһан, туохтан эрэ сэргэхсийэн аралдьыйбыт буолааччы. Ол саҕана ийэтэ да санаарҕыыр соло биэриэ дуо, түннүгүн диэки көрөн олорон чэйдии-чэйдии, быыһыгар оһоҕун иннигэр кэлэн табаахтаан унаарыта-унаарыта, киниттэн, дьон ортотугар сылдьар үлэ киһититтэн, ону-маны туоһулаһан, киэһэлэрэ биллибэккэ ааһааччы.Анфиса итини барытын эргитэ санаан эмиэ мунна кычыгыланан, хараҕа ууланан кэллэ. «Айыбыын, нууччаҕа дылы буолан, хараҕым уута эчи тугун чугаһай»,—диэн бэйэтиттэн бэйэтэ бэркиһээбиттии, астыбат ардаҕы одуулаан турбут түннүгүттэн тэйэ хаамта. Тугу эрэ гыныах курдук баран иһэн, эмиэ тохтоон олорунан кэбистэ. Эмиэ саппаҕырбыт халлаанныын бэркэ дьүөрэлэспит туоххаһыйар, мунчаарар санаалара эрийэн бардылар.

Анфиса дьэ бу аата кийиит буолан сүктэн кэлэн, ыал буолан олорор. Ыал буола сатыыр диэххэ дуу. Кини өр сылларга туолан быстыбатах ыра санаа оҥостубут, сүрэх кистэлэ гыммыт олоҕо билигин баарынааҕар атын буолуохтаах этэ. Ону баара барыта хайдах эрэ сатархай соҕус буолла. Биллэн турар, кини эдэркээн кыыс сааһыгар кэргэн тахсыбыт, олоҕун оҥостуммут буолбатах. Күн-дьыл көтөрүн аахсыбакка, эдэр, эмньик кэм көрүөх бэтэрээ өттүгэр эргиллибэттии бүтэрин билиммэккэ сылдьан хаалбыт буруйдаах. Кини олоҕун оҥосторун төһөлөөх күүтэ сатаата этэй, ийэтэ эрэйдээх… Дьиҥинэн, эр дьон хараҕа хатаммат кыыстара буолбатах этэ. Куоракка да үөрэнэ сылдьан өрүү ким эрэ болҕомтотун ылбыт, биэчэргэ сырыттаҕына хайаан да үҥкүүгэ ыҥырыллыбыт буолан дьүөгэлэриттэн ордон тахсааччы. «Анфиса таах да успехтаах кыыскын ээ» диэн дьүөгэлэрэ дьээбэлээччилэр. Атын сиргэ да уһуннук үлэлии сылдьыбыттаах. Онно да ыал буолуон сөптөөх этэ. Ол эрээри, этэллэрин курдук, сааһырдаҕын аайы эр киһиттэн ирдэбилэ улаатан барбыта, бэйэтэ да сөҕүөн курдук сирэрэ-талара элбээбитэ. Онтон ийэтэ ыарытыйар буолан, дойдутугар төннөн кэлэн баран, кэргэннэнэр туһунан ыра санаата сүрэх түгэҕэр кистэммитэ. Кини үөлээннээхтэрэ оҕолонон-урууланан ырааппыттар этэ, оннооҕор сиэннэнэн эрэллэрэ. Кинилэргэ, ыал буолан ньирилээн-ньарылаан, иһирдьэнэн-таһырдьанан түбүк ортотугар эргийэр дьүөгэлэригэр, баран чэйдээн кэллэҕинэ, бэйэтин балаһыанньатын саҥа билбиттии өйдөөн көрөн эмиэ санаарҕаан, ол түүн утуйар уута көтөн ылара. Дьиҥнээхтик дуу, хайдах эрэ кинини хомотумаары дуу, кэргэттэрэ хайдах курдук куһаҕаннарын туһунан үҥсэргиир дьүөгэлэрин ыал буолан олорор дьоллоругар туох да кэтэх санаата суох ымсыырара.

Сотору ийэтэ барахсан, аҕыйах эрэ хонукка «айыка-абытай» диэн ыалдьа түһээт, бу олохтон бараахтаабыта. Бэйэтэ баҕарарын курдук, уһаан-кэҥээн оҕотун эрэйдээбэккэ, сааһын тухары илдьэ сылдьыбыт сүрэҕин ыарыытынан чуумпу бэйэлээхтик сырдык тыына быстыбыта. Анфиса дьэ онно эрэ бу сир үрдүгэр чугас киһитэ суох, суос-соҕотох кэриэтэ хаалбытын хаһааҥҥытааҕар да сытыытык билбитэ. Ийэтин, олохтон олус эрдэ туораабыт аҕатын да өттүттэн аймахтара бастаан утаа киирэн-тахсан санаатын аралдьыта, аһыытын мүлүрүтэ сатаабыттара.

Бачча сааһыгар диэри, кинилэр санааларыгар, ийэтин ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһа сылдьыбыт балтыларын чахчы аһыммыттара быһыылааҕа. Ийэтин тиһэх суолга атаарар остуолтан саҕалаан эмиэ кини ыал буола охсуохтааҕын, өссө сааһын баттаһа, ийэлээх аҕатын ааттарын ааттатар оҕолонон хаалыахтааҕын туһунан, киксибит курдук, утуу-субуу эппиттэрэ.

Ол кэнниттэн аны, Анфиса биир дьүөгэтэ кинини хайаан да кэргэн бирэргэ киһи сөҕүөн курдук күүскэ туруммута. Анфиса бастаан ол кэпсэтиини күлэ-үөрэ аһаран кэбиһэрэ, атыҥҥа аралдьыта сатыыра. Дьүөгэтэ Таня бэрт сатабыллаахтык , кэпсэтиини син биир ол боппуруос диэки ханан эрэ эргитэн, иэҕэн аҕала турара. Биир үтүө күн олох да букатыннаахтык, бүтэһиктээхтик быһаарбыт, дьаһалымсыйа да быһыытыйбыт куолаһынан:

– Эйигин кытта Арыылаах киһитэ билсиэн олус баҕарар. Ончу долгуйума, эн тускунан барытын үчүгэйдик билэр. Уҥуоҕун төһө уһунугар, ыйааһыныҥ төһөтүгэр тиийэ! Огдообо, эйигиттэн түөрт-биэс сыл аҕа быһыылаах. Соһуйума, кыыс оҕо буолбатаххын. Уоланнар соччоҕо оннуларын булбуттара. Үчүгэй дьиэлээх-уоттаах. Кыыс оҕолооҕо улааппыт, куоракка үөрэнэр. Сураҕа, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн эрэр. Эһиэхэ мэһэйдэспэт, сотору бэйэтэ кэргэннэниэ турдаҕа. Эн онон элбэҕи толкуйдаама, ол киһилиин билис. Бытаарыаҥ да, куоттарыаҥ, аҥаардас дьахталлар төһө элбэхтэрин бэйэҥ билэҕин. Арыылаахха олорор биһиги табаарыстарбыт чугастык билэр киһилэрэ. Биир тылынан эттэххэ, үчүгэй киһи, Анфиса. Биһиги, ол иһин эйигин кинини кытта холбуурга бэлэммит,— диэн саҥаран-иҥэрэн, Таня ол киэһэни быһа, хойукка диэри Анфисаны кытта олорон тылыгар киллэрбитэ.

Аҕыйах хонон баран ыаллыы Арыылаахтан Володя матасыыкылынан Анфисаҕа тиийэн кэлбитэ. Сахаҕа улахан уҥуохтаах, модьу-таҕа, киппэ киһини Анфиса көрөөт иһигэр киллэрэ санаабыта. Уонна урут көрөн билэр киһитэ буоларын өйдөөбүтэ. Киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ дьүһүннээх кэргэнин, кыыс оҕотун кытта матасыыкылынан айаннаан иһэн маҕаһыыҥҥа таарыйан ааһаллара.

Бастакы сырыыларыгар Анфисалаах Володя, икки өттүттэн даҕаны суорумньуһуттара сүбэлээбиттэрин курдук, уруккуну-хойуккуну олус ахтыбакка, инникитин оҥостуохтаах олохторун туһунан кэпсэтэ сатаабыттара. Хата Володя, үгүһү-элбэҕи саҥарбат да буоллар, эр киһилии чуолкай, бигэ быһаарыныылааҕа, дьаһаллааҕа абыраабыта. Барытыттан хайдах эрэ уолуйан, соһуйан хаалбыт Анфиса тугу да утары эппэккэ аргыый сөбүлэһэ эрэ олорбута. Толкуйдууругар нэдиэлэ эрэ бэриллибитэ.

Ити курдук, сааһырбыт, олоҕу оҥосторго бигэ санаалаах дьон сиэринэн бииргэ олорон барбыттара. Анфиса дьоно кыыстара ыал буолбутун туох эрэ биэчэр, көрсүһүү тэрийэн бэлиэтиэхтэрин баҕаран тыл кыбыппыттарын Анфиса аккаастаабыта. Дьиҥинэн, Володя бэйэтэ туруорсубатаҕыттан хайдах эрэ хомойо санаабыта. «Эн бачча сааскар саҥа ыал буоллуҥ. Саатар аймахтар көрсүһүүлэрин оҥорторботуҥ» диэн мөҥүттүүнү өргө диэри истибитэ. Кинилэр арай Анфиса бу дойдуга кийиит, бу дьиэҕэ хаґаайка буолан киирбит күнүттэн өйүн-санаатын мучумаанын билэллэрэ буоллар…

Анфиса дьиэҕэ киирээт, аан бастааҥҥыттан кута-сүрэ тохтооботоҕо. Онно төрүөт элбэх этэ. Дьиэҕэ хайдах эрэ үһүс киһи кута баарга дылыта. Киниэхэ киирэр-тахсар ыаллара да этэллэринэн, Володя дьиэтэ кэргэнэ баар эрдэҕинээҕитинэн, туга да уларыйбакка турара. Аны хос аайы кэриэтэ кэргэнэ бокуонньук Алевтина хаартыскалара кыраһыабай араамкаларга угуллан тураллара. Бастаан Анфиса, олору көрдө да, хайдах эрэ эмискэ «дьигис» гынан, оҥоруохтааҕын да оҥорбокко, икки илиитэ-атаҕа тардыбыт курдук, хамсаабакка хам хараҕаланан олороро. Володя, ону син этинэн-хаанынан билэр, таайар курдук эрээри, тугу да саҥарбат этэ.

Дойдутуттан дьүөгэлэрэ таарыйан ааһаары, маннааҕы да ыаллара, Анфиса эрэйдэнэрин таайаннар: «Эн бэйэҥ этиэххин, сорох хаартыскаларын саатар көстүбэт сиргэ уурдун ээ. Билиҥҥинэн олороору ыал буолла ини»,— диэн тыл кыбыталлара. Оттон Анфиса бэйэтэ ол туһунан тугу да кыайан эппэтэ. Бэйэтэ дьиэни оҥорон-тутан олорууга туспа көрүүлээх хаһаайка буоларынан дьиэ тэрилин өрө-таҥнары туруоран, бэйэтэ баҕарарынан дьаһайыан, төһөлөөх баҕарбыта буолуой?! Володя «Турбут миэстэтэ, турдун ээ. Мэһэйдиир дуо?» диэн баран таһырдьа тахсан хаалара уонна ол кэнниттэн өөр да өр дьиэтин боруогар олорон табахтыыра. Биирдэ түннүк сабыыларын сууйан баран, куукунаҕа бэйэтэ атыыласпыт саҥа сабыытын ыйаабытыгар, Володя кыыһа, куораттан тахсыбыт Аня туспа аймалҕаны таһаарбыта. Кинилэр дьиэлэригэр хаһаайка киирбитин бастааҥҥыттан сөбүлээбэтэх кыыс, ытыы-ытыы, элбэҕи эппитэ-тыыммыта Анфиса тэһииркээбит сүрэҕин хайыта тыыппыта.

Дьэ, ол кэнниттэн Анфиса бу дьиэҕэ тугу да ордук-хоһу туттубат буола сатыыр. Барытыттан сэрэнэ сылдьара эрэйэ эрэ бэрт. Хайа да хоско киирбитин иһин Алевтина холку бэйэлээхтик унаарыччы көрөн олорор буолар. Ол аайы айманар, ардыгар олус тууйуллан ытыыр-соҥуур даҕаны. Арай үлэтигэр бардаҕына биир идэлээхтэрин кытта аралдьыйан сэргэхсийэр. Володя эмиэ күн солото суох гараһыгар түбүгүрэр. Гараж сэбиэдиссэйэ буолан өрөбүлгэ да өрөөбөт. Дьэ уонна булчута диибин диэн. Кыһыннары-сайыннары тыаттан, өрүстэн арахпат. Хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах эргиллэр. Анфиса ону барытын кэмигэр астаан-үөллээн, дьиэ таһыттан булуллубуту дьаһайан, оннун булларан, дьиҥинэн, Володяттан сэрэнэ соҕус хайҕанар. Дьиэ иһинээҕи боппуруоһу барытын элбэх айдаана, тыаһа-ууһа суох быһаараллар. Таһыттан көрдөххө, уу нуурал, эйэлээх, дьоллоох олох биһиктэммит ыалын курдуктар. Аня кинилэргэ сылдьыбатын да кэриэтэ, куораттан кэллэҕинэ ийэтин эдьиийигэр хонон-өрөөн баран төннөр.

Ити курдук санааларын бэрийэ олорон Анфиса халлаан эмискэ ыас хара былыттан босхолонон аһыллан кэлбититтэн соһуйбут курдук буолла. «Ээ, хата киһим бэҕэһээ киэһэ өрүскэ кэппит таҥаһын салгыҥҥа сараҕыта ыйаамына», — диэн оһох иннигэр тэлгээн сыппыт таҥастарын көтөхпүтүнэн таһырдьа ыстанна. Халлаан сырдаабытыттан үөрбүччэ эмиэ сэргэхсийэн, санаалыын сырдаан кэллэ. Уонна дьиэтигэр ойон киирэн, сиик таһаара таарыйа оһохто оттуохха, алаадьылаан сырылатыахха диэн түргэн-түргэнник туттубутунан барда.

Бу кэмҥэ Володя үлэтин арыый үмүрүтэн дьиэтигэр тиэрдэр суолга тахсан эрэрэ. Чаһытын көрбүтэ, биэһи ааспыт. «Бэйи, Алябар сылдьан ааһарым дуу. Өрүү бириэмэ суох буолан таарыйбатах ыраатта. Нэдиэлэҕэ биирдэ сырыттахпына сатанабын ээ»,— дии санаата. Онтон устунан үнүр эдьиийэ ытамньыйа-ытамньыйа мөхпүтүн өйдөөн кэллэ. Эмиэ кылабыыһа диэки баран иһэн Маайыһы көрсө түспүтэ.

– Хайа, Болуодьаа, хайыы-сах «налево» барар буолбуккун дуу. Дьиэҥ атын сир диэки буолбатах этэ дуо?—Маайыс бастаан кини ханна баран иһэрин чахчы өйдөөбөтөҕө быһыылааҕа.

– Алябар тахса сылдьыам этэ,—Володя Маайыс сөбүлүө суоҕун билэр буолан, кэтэҕин тарбаммыта.

– Оо, быраатым, сыыһа да гынаҕын ээ. «Өлбүтү кытта өлсүбэттэр» диэн сахаларга баар муударай өс хоһоонун билбэккин дуо? Кырдьыга да оннук ээ. Сахалар былыр былыргыттан киһи уҥуоҕар элбэхтик сылдьары сөбүлээбэттэр. Ити эн дьолгор үчүгэйкээн дьахтар түбэспитин муҥнаан да эрэҕин. Өйдөө, акаары, биир үтүө күн эйигиттэн барыаҕа, мин да инньэ гыныам этэ,—эдьиийэ өр мөхпүтэ, санаатын бары тоҕо тэбээбитэ.

Этэр эттэҕинэ, эмиэ да сөп курдук. Ол эрээри, кини бу түөрт сыл тухары кэргэнин уҥуоҕар тиийэн кэлэ турара сыыһатын дуу, сөбүн дуу хаһан да ырыта, ырыҥалыы санаабат этэ. Кини туругун, өйүн-санаатын тууйуллуутун арай эмиэ кини курдук кэргэнин сүтэрбит аһыылаах киһи өйдүө эбитэ дуу. Эмиэ халыйан кэлбит курус санааларыттан самнан иһэн кылабыыһа диэки туоруур суолга кэлбитин өйдөөбөккө да хаалла. Анфиса барахсан үчүгэй киһи. Бары өттүнэн эр киһи сирбэт дьахтара. Кырдьыга, кини, Володя, салгыы киһи-хара буолуох, өрө көрүөх быатыгар баччааҥҥа диэри соҕотох сылдьыбыт курдук буолан  тахсар дии. Володя эмискэ, туох эрэ имнэммитин курдук, дьиэтин диэки эргиллэн көрө түстэ. Оһох буруота унаарыйбыт. Бэҕэһээ өрүскэ кэппит бириһиэн соно, ыстаана таһырдьа куурда ыйаммыттар. Володя, тохтуу түһэн, сиэбиттэн табаҕын хостоон таһааран уматынна уонна аны санаам уларыйыа диэн бэйэтэ бэйэтиттэн куттаммыттыы, дьиэтин диэки түһүнэн кэбистэ. Олбуорун кэлииккэтигэр чугаһаабытыгар алаадьы минньигэс сыта муннугар саба биэрдэ. Володя:

– Оо, Анфиса-а, алаадьылаах чэй иһэбит дуо?—диэбитинэн дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ.

Галина НЕЛЬБИСОВА

+1
18
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4