Олох очурдара (кэпсээн)

27.03.2020
Бөлөххө киир:

Сырдык кэбиниэккэ үлэлии олорор эдэрчи дьахтар, кофе куттаары түннүккэ чугаһаан иһэн, «бомж» буолан эрэр эдэр киһини көрөн тохтоон турда. Кини бу эдэр киһини көрөн харааһынна, устунан бэйэтин олоҕун санаан уйадыйан ылла…

Эдэр дьахтар биир ыйдаах оҕотун көтөхпүтүнэн байааттаҥныы-байааттаҥныы, суол айаҕар тахсан турара. Сирэйэ-хараҕа дьолточчу иһэн, хаһааҥҥыта эрэ кэрэ сэбэрэтэ симэлийбит. Оҕо эрэйдээх аччыктаан ытаан бэбээрэр. Дьахтар обургу онно да улахан болҕомтотун уурбакка, ааһан иһээччилэргэ аһыннаттарыах айылаах: «Оҕом аһыыр аһа суох, харчыта бэрсиҥ даа», –  диэн саҥарбытыгар, арай айаҕыттан аһыы утах хас да хонуктаах амырыын сыта саба биэрдэ. Сорох дьон аһынан дьахтар кирдээх ытыстарыгар бытархай харчыны куталлар. Атыттар сиргэммиттии туора хаамаллар. Дьахтар хараҕыттан уу-хаар баһар. Олох диэн ыарахан даҕаны! Мэлдьи бу курдук этэ дуо?

Аанчыктаах бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Кыыс ийэтэ куруук ыарытыйан тахсарын өйдүүр. Кини оскуолаттан үөрэнэн кэллэҕинэ, ийэтэ эрэйдээх дьыбаан иччитэ буолан сытаахтыыра. Онон оҕолор дьиэлэрин бэйэлэрэ дьиэлээн улааппыттара. Аҕалара хас иһэн кэллэҕин ахсын дьиэ иһигэр айдаан, иһит-хомуос алдьаныыта оҕолор чараас эйгэлэрин уйгуурдубута.

Биир түүн кырачаан быраата атах сыгынньах сүүрэн кэлэн: «Эдьиэй, Аанчыак,  аҕабыт Сөрүөскэни кырбаан эрэр, ийэбит кыайан турбаат…”, — дии-дии, көмүскэтэрдээх киһилии эдьиийин дьарамай көхсүгэр саспытын билиҥҥэ диэри өйдүүр.

Аанчык, ыал улахан оҕото буолан, быраатын көмүскүү ыстаммыта. Аҕата идэтинэн куруук буулуур улахан уолун кырбаан кибиргэтэ-кибиргэтэ быдьардык үөхсэрэ. Кыыс, быраата эрэйдээх илиитинэн сирэйин бүөлэнэ сатыы-сатыы ытаан бөтүөхтүү сытарын көрөөт, аҕатын харытыгар түспүтэ. Аҕата кинини ыраах илгэн кэбиспитэ. Кыыс, ойон тураат, эмиэ сарылаабытынан аҕатын күөйэ түспүтэ. Атын  оҕолор ийэлэрин таһыгар куттанан им-ньим олороллоро.

Айдааннаах-куйдааннаах түүн кэнниттэн Аанчык оскуоланы бүтэрдэҕинэ дойдутугар аны эргиллибэттии быһаарыммыта. Оскуоланы бүтэрэн баран үрдүк үөрэххэ туттарсан киирбитэ. Ийэтэ эрэйдээх олус да үөрбүтэ. Үһүс куу­руска үөрэнэ сырыттаҕына, ийэтэ эмискэ өлбүтэ.

Ийэтин атаарыыга тахса сырыттаҕына, аҕата буолуохсут:

— Сымыйанан үөрэҕинэн иирэҥҥин ийэҕин эрдэ хоруоптаатыҥ, манна хотоҥҥо көмөлөһө хаалбытыҥ буоллар, син сылдьыа этэ, хаһан эйигиттэн үөрэхтээх киһи тахсыан. Биир эмэ арыгыһыты булан ойох тахсан олоруоҥ, – диэн саҥарбыта.

Төһө да аҕата итирик ­буоллар, кыыс бу тыллартан олус хомойбута. Ийэтэ өлбүтүн кэннэ бырааттара уонна балта эдьиийдэрин ыытымаары ­ытаспыттара. Төһө да дууһатыгар ыарахан буоллар, Аанчык барыларын хаалларан үөрэнэ барбыта.

Сайынын да кэлбэккэ, ырыынакка быстах-остох үлэлээн, син сылдьыбыта. Төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьан биир киһилиин билсэн, ыал буолбута. Таптаабыт киһитэ үөрэҕэ суох, кыыстан алта сыл аҕа этэ. Олорор сирдэрэ суох буолан, дьиэ куортамнаспыттара. Кэргэнэ обургу киириилээх-тахсыылаах уол буолан биэрбитэ. Биир кэм кини дьыалата сиппэт, иэскэ-күүскэ киирэрэ элбээн барбыта. Арай ыал буолан баран кыыс, кэргэнэ истэҕинэ эмиэ кини аҕатын курдук кыыһырар-абарар, иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанар идэтин куттана уонна соһуйа билбитэ. Биир киэһэ киһитэ иһэн кэлэн баран кыыһы сирэйгэ сырбата-сырбата: «Эн син биир миигиттэн арахсан куотуоҥ, куота иликкинэ, эйигин атыылаан кэбиһиэххэ баара», – диэн тылласпыта. Аанчык эрэйдээх ытыы-­ытыы таһырдьа куоппута. Куотан тахсан истэҕинэ кэргэнэ баҕайы кыыһы саҕатыттан харбаабыта. Кыыс иннин диэки дьүккүйэн күүһэ баарынан түһүммүтүгэр, чараас куоптата ыыра барбыта. Хайа тардыллыбыт куопталаах кыыс ытыы-ытыы дьиэттэн тахсан, аны дьон көрүө диэбиттии кыбыстан, подъезка балачча турбута. Кэргэнэ эккирэтэн тахсыбатаҕа. Оттон Аанчык иккистээн киириэн олус куттаммыта.

«Тоҕо олох маннык ыараханый? Ама туох куһаҕаны кимиэхэ оҥорбуппар үрдүк Айыылар атаҕастыыллар», – дии-дии, ытаабыта. Кирилиэс аннынааҕы ­муостаҕа уту­йан хаалбыта. Арай уһуктубута, сарсыарда буолбут этэ. Куттана-куттана дьиэтин аанын тиийэн тардыалаан көрбүтэ, иһиттэн хатааһыннааҕа. Таһырдьанан-иһирдьэнэн кэтэһэ сатаабыта. Кэмниэ-кэнэҕэс биэдэрэни тоҕо тахсан иһэр эрэ Аанчык турарын көрөн:

— Хайа, хантан сэлээччэхтэнэн кэллиҥ, көссүүгэр бараары кубулуммут эбиккин дии, – диэн баран киһи сиргэниэх силлээн баран помуойа диэки ааһа турбута.

Аанчык хайдах эрэ, кэргэним өйдөнөн баран, бы­­растыы гыннарыа дии са­­наабыта барыта симэлийбитэ. Аны билигин барар да сирэ суох. Дьиэҕэ киирэн бэҕэһээ буһарбыт аһын көрбүтэ, ха­­йыы-үйэ бүтэн, тобоҕо сахсырҕа аһылыга буолбут.

Дьиҥэ, Аанчык маннык олоҕу баҕарбатаҕа. Кини уу нуурал эйэлээх дьиэ кэргэни тэринэн ийэ буолан оҕолорун биэбэйдиэн, кэргэнэ үлэлээн кэлэрин үөрэ көрсүөн баҕарара ээ. Ийэтин көмөр күн кинини аҕата кыраабыта. Аҕатын эппит тыллара туоланнар, кини билигин иһээччи кэргэннээх.

Кэлин билбитэ, үс ыйдаах ыарахан этэ. Антах бииргэ төрөөбүттэрэ туох буолбуттарын, ханна тиийбиттэрин эмиэ билбэтэ. Бэйэтин эрэ харыстанан аҕатыттан куоппут курдуга да, оннооҕор куһаҕан олоххо түбэһэн олороро…

Били кэргэнэ кырбыаҕыттан, кыыс отуора сыыйа алдьанан, иһигэр эрэнэ саныыр сырдык иэйиитэ сыыйа симэли­йэн, биир кэм кыыһыран иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанар дьахтарга кубулуйан эрэр. Номнуо тохсус ыйа. Иһин түгэҕэ ыалдьара сүр.

Кэргэнэ обургу бу сарсыарда биир тылы саҥарбакка аһаан баран тахсаары туран:

— Аанчык, уопсайынан сатаныа суохпут, мин бардым. Кыанар ­буоллаххына салгыы куортамнаһан олор, – диэтэ.

Маннык тыллары күүппэтэх кыыс соһуйан:

— Туох даа, эмиэ иһээри-аһаары онон-манан киирэн эрэҕин дуо? – кыыс тулуйбакка сарылаан барда.

Онуоха эр киһи ойон кэлэн дьахтар сирэйигэр сутуругун көрдөрөн баран:

— Саҥаран көр эрэ, быһыта сынньан кэбиһиэм, – диэн саанан баран тахсан барда.

Ити айылаах суоһурҕанар тыллартан Аанчык куттанан ах барда. Иһитин сууйан баран, остуолга бүк түһэн олорон уһуннук ытаата. Оттон бу күннэргэ куортам харчытын көрдүүллэрэ чахчы. Аанчык сиэбигэр аҕыйах мөһөөхтөөх. Аны эмп-томп ылыахтаах этэ даҕаны…

Иһигэр эрэ буолуохсут барбытыттан үөрэ санаата, ол эрээри төрүү илик оҕото, төлөнө илик дьиэтин куортама барыта да быһаарыллыбат мэһэй, кыаллыбат кыһалҕа курдук.

Үөрэҕэр академ ылбыта. Ханна, тугу гынан харчыланан олорор? Куһаҕан да буоллар, кэргэнэ син куортамы төлөөн олорбута эбээт! Аанчык ыар санаатын сүкпүтүнэн балыыһаҕа көрдөрүнэ барбыта. Оҕото наһаа аллараа түспүт үһү, эбиитин иһин түгэҕэ ыалдьарын иһин кыыһы суһаллык балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Мал-сал хомунар да бокуой биэрбэккэ, балыыһаҕа симпиттэрэ.

Аанчык балыыһаҕа киирэн син сынньаммыта. Ол эрээри атын дьахталлартан кини итэҕэһин манна кэлэн билбитэ. Атыттарга кэргэттэрэ, аймахтара ас-үөл, кэһии аҕалаллара. Оттон киниэхэ саатар кэргэнэ да биллибэтэ. Этэҥҥэ оҕолонноҕуна, тахсар да сирэ суох. Хата, кини дьолугар сайын буолан, таҕыстаҕына, оҕото тоҥуо суоҕа. Онтон сыыйа көстөн иһэр ини?

Түүн ортото эмискэ иһин, сиһин быһыта тыытар ыарахан ыарыыттан уһукта биэрбитэ. Талыыта киирэн эрэр эбит.  Оргууй туран оронугар олорбута. Аттыгар бииргэ сытар кыыс болдьоҕо ыраах буолан кыһаммакка уту­йан буккуруур. Аанчык сэниэтэ олох суох. Нэһиилэ туран сиэстэ­рэлэр хосторугар хаампыта.

Ол сарсыарда Аанчык ­кыыстаммыта. Иһигэр олус үөрбүтэ эрээри, оҕотун аһыммыта. Хайа эрэ дьоллоох оҕолор мааны таҥаска-сапка сууланан, бэйэлэрин дьиэлэригэр күүтүүлээх ыалдьыт буолан тиийэллэрэ буолла. Оттон биһигини ким да күүппэт… Кыыс сытан эрэ хараҕын уута субуруйара. Балыыһаттан та­­ҕыстаҕына ханна барарын эргитэ саныыра… «Арай дойдубар, аҕабар таҕыстахпына? Баҕар, сиэннэммитин көрдөҕүнэ, сымнаарай? Уонна оттон бырааттарым, балтым?»

Кыыһын доруобуйата кэминэн буолан, биэс хоннороот Аанчыгы таһаарбыттара. Кинилэри көрсө ким да кэлбэтэҕэ. Хата, балыыһалар таҥас биэрэннэр, оҕотун онно суулаан тахсыбыта. Санаа курдук, баҕар кэргэним кэлбитэ буолаарай диэбиттии куортамнаан олорбут аадырыһыгар тиийбитэ, олох да атын дьон олороллоро. Чугас ыскамыайкаҕа олорон оҕотун эмтэрбитэ. Бэйэтэ сүрдээҕин ач­­чыктаабыта. Сылайбыта да сүрдээх. Бөлүүн оҕото дэлби ытаан утуппатаҕа.

Бу олорон аттыгар кэлбит уоллаах кыыстан кыбыста-кыбыста көрдөстө: «Баһаалыста көмөлөһүҥ, мин ханна да барар сирим суох, саҥа оҕолонон таҕыстым…» Онуоха уоллаах кыыс сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр, онтон уол чочумча туран баран, биир мөһөөҕү уунна. Дьахтар үөрэн салыбырас буола түстэ, үрүт-үөһэ махтаммахтаата.

Бу курдук сылдьан Аанчык онон-манан хонно. Биир арыгыһыт эмээхсин аһынан кыыһы олордо ылла. Хата, оҕотун сууйуохха да сууйуохха диэн Аанчыгынан икки иһит үрүҥү ыллаттарда. Онтон киэһэ кыыс аан бастакытын арыгыны амсайда. Арай санаата чэпчээн хаалла. Барыта ааһарга, мүлүрүйэргэ дылы. Оннооҕор оҕотун ытыыра ыраатарга дылы.

Сарсыарда уһуктубута, оҕото дэлби иигэр-сааҕар буккуллан баран сытаахтыыр. «Ийээ, миигин тоҕо көрбөтүҥ даа» диэбиттии сэниэтэ суохтук, хоргуппуттуу ытыыр. Кыыс нэһиилэ туран оҕотун аһатта. Биир ыйдаах оҕо ийэтин үүтэ суоҕуттан бороһуокка көстө. Ол бороһуогу кыыс күнү-күннүктээн ырыынакка үлэлээн өлөрбүт харчытынан ылара. Ордугун эмээхсиҥҥэ биэрэр. Син аһыныгас эмээхсин эрээри иһэрэ бэрт. Аны мантан бардаҕына, хонор да сирэ суох. Кыыс оҕотун эмээхсиҥҥэ хааллара-хааллара ырыынакка тиийэн кытайдарга үлэлиир. Үлэлээн кэлбитэ, оҕото эрэйдээх итирик эмээхсини кытта сытар буолар.

Кыыс бүгүн эмиэ үлэлээн кэллэ. Эмээхсин итирик. Оҕото утуйа сытар. Олорон иккиэн истилэр. Бу сырыыга кыыс кыһыытыттан-абатыттан истэ. Ырыынакка кытай дьахтара кыыс балыйтарбытын иһин сирэйгэ сырбата-сырбата дэлби үөхтэ. Эбиитин харчытын биэрбэтэ. Онтон санаата улаханнык оонньоон итириэр диэри истэ. Туох айылаах бары кини сирэ­йиттэн иҥнэн хааллахтарай, ата­ҕастыыр эрэ барыта сирэйгэ сырбатар? Таһыттан уолаттар киирэн эбии туруордулар. Устунан биир уоллара кыыска сыстаҥнаан барда. Эмээхсин буоллаҕына: «Туоххун харыһыйаҕын, сылдьыаххын, бачча эдэргиттэн», — дэтэлиир. Кыыс бу да буоллар мас-таас курдук ак­­каастанна. Онуоха били сыстаҥнаабыт уол кыыһы сирэйгэ биэрээт: «Боростотуукка, тугу ыарыы-чэпчии олороҕун!» –  дии-дии кырбаан барда. Кыыс ытыы-ытыы көрдөһө сатаата да, ким да тохтоппото. Кэмниэ-кэнэҕэс кырбааччы сылайа быһыытыйан бэйэтэ тохтоото, атыттар хайдах арыгылаабыттарын курдук иһэ-аһыы олороллор. Онтон уолаттар барбыттарын кэннэ эмээхсин олорон эрэ: «Дьэ, буолан истэхпит, аны ити уолаттар миигин сүгүннүөхтэрэ суоҕа, сэлээрчэхтэнэн, уту­йар буоллар утуйуоххун, таах кырбана сылдьаҕын. Сатаан олоруо суохпут.Төһө да оҕоҕун аһыннарбын, бараргар тиийэҕин. Куһаҕан ийэ эбиккин», — диэн өссө бүтэһигэр хомуруйда. Күөх баламах сирэйдээх Аанчык эрэйдээх оҕотун көтөхпүтүнэн тахсан барда… Таһырдьа номнуо күһүн чугаһаан тымныйан эрэрэ…

Куорат биир киин уулуссатыгар урут бэйэтэ ааһан иһэн харчы көрдөһөр «бомж» буолан кирдээх ытыстарын уунар дьону аһына саныыра. Бүгүн бэйэтэ кинилэр тэҥэ буолан, кыра оҕотун көтөхпүтүнэн харчы көрдөһөр. Дьон кинини «итириксит сор­доох оҕотунан аһыннараары, харчы көрдүүр» дии саныыллара буолуо. Ол эрээри, ис дьиҥэр киирдэххэ, олох очура ыарахан да буолар эбит. Испит арыгыта арыый ааһыта, Аанчык дьон бэрсибит аҕы­йах харчытынан ас атыылаһан аһаата. Күһүҥҥү хаҕыс тыалга оҕотун тоҥорумаары, маҕаһыыҥҥа киирэн итиннэ. Эмээхсин дьиэтиттэн барбытыттан иһигэр төһө да кэмсиннэр, хайыыр да кыаҕа суох.

Хата, докумуоннарын оҕотун кытта суулуу сылдьар буолан, уорбатахтар. Эмээхсиҥҥэ син бэркэ олорбута. Манна кыыс бэйэтэ буруйдаах. Таах арыгы иһэн, бэйэтин сэнэтэн, атаҕастатан кэбистэ. Саҥата-иҥэтэ суох, испэккэ-аһаабакка сылдьыбыта буоллар, син олоруо эбитэ буолуо.  Кыыс ытамньыйан ылла. Хайыыр да кыаҕа суох, ааһар эрэ дьонтон абырал көрдөөтөҕүнэ сатанар. Ама хайаан, «бомж» буолан эрэбин дуо? Оттон оҕом? Акаарыбыттан оҕобун аччыктатан уонна тоҥорон өлөрөр киһи буоллум… Кинини ким да бу уруккута сэмэй устудьуон кыыс диэн билбэтэ. Арай арыгыһыт дьахтар баҕайы оҕотун көтөхпүтүнэн харчы көрдүүр дэ­­һэллэр. Сорохтор аһынан син биэрэллэр, оттон үгүстэр туора хаамаллар…

Кини биир ыйы быһа тулуйда эбээт. Сыыһата диэн олорбутун тухары эмээхсини кытта арыгылаабыта. Онтон ити уолаттар кырбаатылар. Сиэркилэҕэ көрүнүөн да кыбыстар. Оҕото ытаан бэбээрэр. Ханна да барар сирэ суох. Салгыы маннык сырыттаҕына, оҕото тоҥон өлүүһүк. «Кэбис, ол кэриэтин оҕом сыыһын дьоҥҥо биэрдэхпинэ, баҕар биир эмэ үтүө санаа­лаах иитэ ылаарай?» Бу санаатыттан сиэттэрэн, оҕо дьиэтэ баарын өйдөөтө. Күһүҥҥү тымныы күн Аанчык оҕотун баар-суох биир суорҕанынан суулаан баран, ол дьиэ диэки хаамта…

«Оҕом сыыһа, бырастыы. Бырастыы гыныҥ, бырааттарым, балтым! Мин чахчы мөлтөх эбиппин. Оҕобун иитэр дьиэҕэ биэ­­рииһикпин уонна бэйэм хайдах да буолуум». Кыыс ытыы-­ытыы оҕотун илдьэн 202-с оройуоҥҥа баар Оҕо дьиэтин таһыгар хаалларда. Иһигэр оҕотун аһынан хаста да кэннин хайыһан көрдө. Соннук ытыы-ытыы олбуортан тахсан истэҕинэ, биир саастаах дьахтар көрөн: «Девушка, девушка, что вы делаете!», – диэн хаһыытаата. Кыыс эргиллэ биэрбитэ, кини оҕотун көтөхпүтүнэн биир дьахтар турара.

*  *  *

Сып-сылаас дьиэ иһигэр Аанчык оҕотун аһата олорор. Ол саастаах дьахтар Светлана кинини аһынан дьиэтигэр аҕалбыта. Кыыс бу олорон барытын сиһилии кэпсээтэ. Хайдах үөрэҕэр академ ылбытыттан, кэргэнэ барбытыттан саҕалаан, барытын. Хата, онуоха туоһулуур докумуоннара баар буолан, дьахтар итэҕэйдэ. Оҕолонон тахсан баран аан бастакытын сылаас миин, үүттээх чэй истэ. Оҕотун дьэ киһилии сууйда-тараата. Уонна сымнаҕас ороҥҥо сытан утуйдулар.

Бу Светлана диэн соҕотох дьахтар. Оҕо дьиэтигэр дириэктэри солбуйааччынан үлэлиир эбит. Кини кыыһы олус аһына саныыр. Түүнү быһа сыта-тура толкуйдаан баран, сарсыарда кыыска: «Аанчык, чахчы испэт-аһаабат ­буоллаххына, миэхэ олор. Күн аҥарыгар ньээҥкэ булуохпут, эн үөрэххэр салгыы таҕыс. Үөрэҕэ суох туох да үлэни бу­­луоҥ суоҕа. Мин кыаҕым баарынан көмөлөһүөм…»

Туора дьахтар амарах санаатыттан уйадыйан, Аанчык эрэйдээх ытаан саннылара титирэстээн бардылар. Оо, төһөлөөх эрэйи кини көрүстэ? Ама, аныгы да үйэҕэ аһыныгас дьон баар буолаллар эбит.

Оттон оҕо барахсан «дьэ, дьиэбэр кэллим» диэбиттии уту­йан буккураан хаалбыта. Кини да ийэтин кытта барытыгар тэҥинэн сылдьыһан эрэйи көрдө ини, көрбөтө ини?

*  *  *

Аанчык Светланаҕа олорон үөрэҕин бүтэрбитэ. Билигин куорат биир тутаах тэрилтэтигэр үлэлиир. Кыыһа номнуо түөрдэ, оҕо саадыгар сылдьар. Аанчык бырааттара уонна балта бары эдьиийдэригэр кэлбиттэрэ.

Амарах санаалаах Светлана Аанчыкка ийэтин тэҥэ, оттон кырачаан Дораҕа эбэтэ буолбута. Аанчык ол эрээри ыал буоларга ыксаабат этэ. Олоҕор көрсүбүт эр дьонноруттан кэлэйбитэ оччо эбитэ дуу, эбэтэр күүстээх ­аҥаардарга итэҕэйбэт санаа кы­­таанахтык иҥмитэ дуу? Сэҥээрэр да дьону чугаһаппат этэ.

Бу курдук санаа долгунугар уйдара турдаҕына, быраата Сөрүөскэ телефоннаан экзаменын «биэс» сыанаҕа туттарбытын кэпсээн үөртэ.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0