Олох иһин охсуһуу

17.05.2021
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр уорганнары көһөрөн олордуу 2001 сылтан саҕаламмыта. Национальнай мэдиссиинэ киинигэр аан бастаан хаан-уруу аймаҕыттан бүөрүн ылан, киһиэхэ олордубуттара. Эппэрээссийэни Арассыыйа бастыҥ хирурдара Ян Мойсюк, Владимир Тырин Москваттан кэлэн быһаччы салайбыттара. Ол кэнниттэн 90-тан тахса эппэрээссийэни Саха сирин хирурдара оҥордулар.

2013 сыллаахха биир дойдулаахпыт, оччолорго Шумаков аатынан Трансплантология уонна искусственнай уорганнар научнай кииннэрин үлэһитэ, билигин М.Владимирскай аатынан Москва уобалаһын научнай-чинчийэр килиниичэскэй институтун быар трансплантациятын отделениетын сэбиэдиссэйэ Александр Аммосов салайыытынан аймаҕыттан быарын сорох чааһын ылан, ыарыһахха олордуу эппэрээссийэтэ ситиһиилээхтик ааспыта.

2016 сыллаахха 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Национальнай мэдиссиинэ киинэ уонна 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинэ кыттыһан, аан бастаан өлүк уорганын (быары уонна бүөрү) көһөрөн олордуу эппэрээссийэлэрэ ситиһиилээхтик ыытыллыбыттара. Үөрдэрэ диэн, билигин ол пациеннар туруктара үчүгэй.

2018 сыл от ыйын 6 күнүгэр аан бастаан сүрэҕи көһөрөн олордубуттара. Донор 4 киһи олоҕун быыһаабыта.

Бу кэнниттэн аймах киһиттэн аҥаар бүөрү уонна быар чааһын көһөрөн олордуу үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн быһыытынан нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар буолбута. Бу уорганнара ыалдьан, тиһэх стадияҕа тиийбит дьоҥҥо көмөлөһөр, олохторун быыһыыр кыахтаах суос-соҕотох ньыма буолар.

Онон быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантология сайдыбыта 20 сылын туолар. Бу чэрчитинэн, кэккэ тэрээһиннэр былааннаммыттар. Бэс ыйын 10-12 күннэригэр федеральнай килииникэлэртэн быраастары, учуонайдары, социальнай хааччыйыы уонна былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран, “төгүрүк остуол” ыытыллыаҕа. Аан бастаан донордарга уопсастыбаннай тэрилтэлэр оҥорбут анал бэлиэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыахтара. Пациеннары үөрэтэр оскуола уонна быраастар консультациялара буолуохтара.

Бу тэрээһин сүрүн сыала-соруга – көһөрүллүбүт уорганнаах ыарыһахтар кыһалҕаларыгар, донордар доруобуйаларын харыстааһын боппуруоһугар, социальнай хааччыллыыларыгар уопсастыбаннас уонна былаас болҕомтотун тардыы буолар.


Эпэрээссийэ кэннэ үөскүүр кыһалҕалар

Уоргана аккаастаан эрэр киһиэхэ донор көстөрө улахан табыллыы. 1 мөлүйүөн нэһилиэнньэҕэ 30-40 донор баар буоллаҕына эрэ, уочарат суох буолар. Дьон уорганы көһөрөллөрүн сылы-сыллаан кэтэһэллэр. Ол эрээри, эппэрээссийэ кэнниттэн олох хаачыстыбата мөлтөөбөтүн туһугар охсуһуу, олох туһугар туруулаһыы саҕаланар. Бу манна киһиттэн бэйэтиттэн улахан тутулуктаах: ирдэбиллэри төһө тутуһара, дьиссипилиинэлээҕэ, спордунан дьарыктанара, доруобуйатын тупсарарга кыһаллара, диагноһун туһунан билэ-көрө сатыыра, бырааһын кытары сибээһи тутара, юридическэй боппуруостары билэрэ, уо.д.а.

Ол эрээри, уорганы көһөрөн олордуу кэннэ эминэн хааччыйыы боппуруоһа улахан оруолу ылар. Пациент бу кэннэ үйэтин тухары араас эмтэри иһиэхтээх. Холобур, иммунитеты баттыыр, вируһу мөлтөтөр, хааны убатар, үөһү таһаарар, о.д.а. эмтэри күн аайы иһэрэ ирдэнэр. Бу боппуруоһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ дьарыктанар. Кэнники кэмҥэ анаммыт эми солбуйан оҥорбут аналогтарын биэрэллэр. Быраастар эмтэри уларыта сылдьаллара, аналог эмтэн сылтаан пациент доруобуйатыгар араас кэһиллиилэр тахсаллара хонтуруолламмат. Холобур, иммунодепрессант эмп атын кылааһын аныыр, эбэтэр кылаастарын уларыта сылдьыы көҥүллэммэт эрээри, үбү-харчыны кэмчилээн эбитэ дуу, дойду үрдүнэн маннык көстүү баар.

Быардара, бүөрдэрэ ыалдьар дьону балыыһаҕа киллэрэн эмтиир эбит буоллахтарына, уорганнара көһөрүүлээх дьон балыыһаҕа киирэн сытан эмтэнэллэрэ, бэрэбиэркэлэнэллэрэ уустук. Маннык дьоҥҥо куойкалар көрүллүбэттэр. Оттон чугас киһилэрин быыһыыр туһуттан баҕа өттүлэринэн уорганнарын биэрбит донордар доруобуйаларын былааннаах кэтээн көрүү суоҕун кэриэтэ.

Онон уорганнара көһөрүүлээх пациеннар, донордар кинилэр бырааптарын көмүскүүр, кэҥэтэр саҥа сокуон ылылларын күүтэллэр. Билигин 1992 сыллааҕы 4180-1 №-дээх Трансплантация туһунан сокуоҥҥа олоҕурбут судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бүөрү көһөртөрбүт уонна быардара ыараханнык ыалдьар пациеннар икки түмсүүлээхтэр. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр, көмөлөһөллөр, бырааптарын туруулаһар туһуттан түмсэллэр. Хаачыстыбалаах эмтэринэн хааччыллыыттан уонна эпэрээссийэ кэнниттэн мэдиссиинэ көмөтүн ылартан кинилэр олохторун таһыма тутулуктаах.

Балта Наталья Алексеевна эппэрээссийэ кэннэ көрөн-истэн, атаҕар туруорбута.

“Вирус хайдах сыстыбытын билбэппин…”

Икки сыллааҕыта быары көһөрүү эппэрээссийэтин ааспыт, Хаҥалас Булгунньахтааҕын олохтооҕо Александра Алексеевна Павлованы кытары кэпсэттибит. Кини хайдах ыалдьыбытын, эмтэммитин, эпэрээссийэни ааспытын уонна чөлгө түһүү хаамыытын туһунан сиһилии кэпсээтэ.

— Гепатит В вируһа организммар киирэн, биллэрбэккэ саһан сылдьан баран, кэнники уһуктан, Д вируһу үөскэтэн, быарбын сиэн, цирроз оҥорбут. Мин быарым урут ыалдьа сылдьыбатаҕа, хаһан да хаан куттарбатаҕым, эппэрээссийэлэммэтэҕим, онон ханна, хаһан сыстыбыппын билбэппин.

Бастаан утаа диагноһу эппиттэригэр, ол миэхэ улахан охсуу буолбута. Быһата, оччолорго сааттаах соҕус диагноз этэ, тоҕо диэтэр, цирроз диэн арыгыһыттар ыарыылара диэн өйдөбүл баара. Онтон мин арыгы испэт, табахтаабат, чөл олохтоох киһи буоллаҕым.

В гепатит вируһа хаанынан бэриллэр, үксүгэр стоматологияҕа, косметологическай, маникюрнай, тату солуоҥҥа, кирдээх испириис, половой сылдьыһыы нөҥүө, о.д.а. бэриллиэн сөп. Вирус өр кэмҥэ утуйа сылдьан баран, уһугуннаҕына, хааны сүһүрдэн, быары сиэн, циррозка, искэн ыарыытыгар тиэрдэр. Куһаҕана диэн, өр кэмҥэ биллибэккэ сылдьан, кэрбээн сиир ыарыы.

Вирус баарын билэн баран, кэмиттэн кэмигэр көрдөрүнэр, эмтэнэр этим. Быраастар “актыыбынайа суох, утуйа сытар” дииллэрэ. Онтон кэргэним быарыгар искэн тахсан, суох буолбута. Истириэстэн буолуо, бопторон (аастыма) ыалдьыбытым, ону олус күүстээх эмтэринэн эмтээбиттэрэ. Ол күүстээх эмтэр, истириэс вируһу уһугуннарбыттар. Төрүөтүн ким да эппэт эрээри, бэйэм элбэҕи ааҕан баран, оннук санааҕа кэллим.

Быары биир кырыытыттан алдьатар дии саныырым, онтум тас хаҕыттан саҕалаан, килиэккэтин бүтүннүүтүн, сиэккэ курдук сиэн барар эбит. Онон хас бырыһыана алдьаммытын эппэттэр, стадиятын туруораллар. Миэхэ 4-с, бүтэһик стадията буолан, атын киһи уорганын көһөрөн олордуу эрэ быыһыыр диэбиттэрэ.

Бу киһи өйүгэр-санаатыгар олус ыараханнык киирэр. Кимтэн “быаргын аҕал” диэн көрдүөххүнүй? Аны оҕолорум баҕа өттүлэринэн тута тылламмыттара эрээри, кинилэр доруобуйаларын туһугар эмиэ долгуйар буоллаҕым. Билигин санаатахха, маннык кэмҥэ психолог көмөтө наада буолар быһыылаах. Оччолорго оннук санаа төбөбөр киирбэт этэ. Онтон быар ыарыылаахтар “батсаап” бөлөхтөрүгэр киирэн, ыйыталаһан, кэпсэтэн, элбэҕи билэн-көрөн, син тыыным кэҥээбитэ.

Манна диэн эттэххэ, кэлин Москваҕа сылдьан ыарыһахтары кытары кэпсэтэн билбитим, антах нууччаларга чугас аймахтан уорганы көһөрүү аҕыйах этэ. Үксүгэр өлүк уорганыгар уочараттыыллар. “Хайдах бэйэҕит оҕоҕут уорганын ылаҕыт?” диэн сүөргүлээччилэр эмиэ бааллара…

Александра Павлова профессор Я.Г. Мойсюгу, уола Ильяны кытта.

Үрүҥ халааттаах Аанньаллар

— Маннык эппэрээссийэни Саха сиригэр эмиэ оҥороллор. Бу иннинэ миигин Дьокуускайга өлүк уорганын олордорго ыҥыра сылдьыбыттара. Бэлэмнээн, эппэрээссийэлиир остуолга сытыаран баран, ол донор быара буорту буолбут диэн, тохтотон кэбиспиттэрэ.

2018 сыллаахха Москваҕа Бурназян аатынан федеральнай кииҥҥэ ыҥырбыттара. Докумуоннарым барбыттарын кэннэ, 10 күнүнэн ыҥырыы кэлбитэ. Саха сирэ дуогабардаһан, квотанан онно ыыталлар этэ. Кыыһым донор буолуохтааҕа. Ол эрээри, балыыһаҕа киирбитим кэннэ, куртаҕыҥ куһаҕан диэн, уһатан испиттэрэ. Доруобуйам туруга мөлтөөн барбыта.

Онтон Владимирскай аатынан научнай-чинчийэр кииҥҥэ Бүлүүттэн төрүттээх эдэр трансплантолог-хирург Александр Аммосов үлэлиирин билэн, киниэхэ эрийэн баран, консультацияҕа барбыппыт. Саҥа дьыл кэннэ кэлээр диэн, өлүк уорганыгар уочаракка туруорбуттара.

Саамай тутаах киһим, эппэрээссийэни оҥорбут Александр Александрович туһунан чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу М.Ф. Владимирскай аатынан Москва уобалаһын научнай-чинчийэр килиниичэскэй институтугар элбэх саха киһитэ ыарахан ыарыыттан эмтэнэригэр тутаах киһинэн биир дойдулаахпыт Сан Саныч буолар. Бары олус сүгүрүйэр, махтанар, убаастыыр бырааспыт. Кинини дьиҥ чахчы көмүс илиилээх, киэҥ билиилээх, таптыыр үлэтигэр олус бэриниилээх киһинэн ааҕабыт. Чахчы даҕаны, дьону быыһыырга Айыылартан ананан кэлбит үрүҥ халааттаах Аанньал. Сороҕор атын килииникэҕэ аккаастаабыт ыарыһахтары кини ылынан, эппэрээссийэ оҥорон, олохпутун иккистээн бэлэхтээбит киһи. Кини биһиэхэ аныгы үйэ Дьоруойа диэтэхпинэ омун буолбата буолуо.

Кыыһым донор буолар кыаҕа суох буолан хаалбыта, аны уолум Илья буолабын диэн тылламмыта, бэйэтэ күүһүнэн быарын аҥаарын биэрбитэ. Урут саһарар ыарыынан (гепатит А) ыалдьыбыт буолан, кинини донор быһыытынан да көрбөт этибит. Ол эрээри, бэрэбиэркэлэммитэ. Саһарардаабыт дьоҥҥо вирус хаалбат, эмтэннэхтэринэ, толору үтүөрэллэр эбит, илдьэ сылдьыбаттар. Онон донор буолар кыахтаахтар эбит. Сиэн быраатым эмиэ күүһүнэн баран, Москваҕа көрдөрүммүтэ, кинини сүрэҕинэн сыыйбыттара.

Эппэрээссийэни мэдиссиинэ дуоктара, профессор, СӨ үтүөлээх бырааһа Ян Мойсюк салайбыта. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ уорганы көһөрүүгэ бастакы эппэрээссийэлэри оҥорбута, Саха сирин туһунан олус үчүгэй өйдөбүллээх.

Кэргэниҥ донор буолар кыаҕа суох”

— Оттон өлүк уорганын көһөрүү хайдах буоларый?

— Өлүк уорганын көһөрүүгэ уочаракка туруораллар. Ол эрээри, хаһыс уочарат буоларыҥ, онно хас сылынан тиксэриҥ биллибэт. Манна доруобуйаҥ туругун ордук көрөллөр. Бастакы уочарат олох мөлтөөбүт, муҥур уһукка тиийбит киһиэхэ көһөрөллөр. Өлүк уоргана сөп түбэһиэн наада. Ону тэҥэ, төлөбүрдээх көһөрүү эмиэ баар. Харчылаах, ыксаабыт дьоҥҥо 2,8 мөлүйүөн солкуобайга уһаппакка эрэ, эпэрээссийэни оҥороллор.

Донор эн чугас аймаҕыҥ буоларын докумуонунан дакаастыахтааххын. Холобур, кэргэниҥ биэрэрин сокуон көҥүллээбэт, кини хаан уруу аймаҕыҥ буолбатах буоллаҕа. Сөп түбэһэр да буоллаҕына, атын киһиттэн букатын ылбаттар. Аймахха генотип анаалыһын оҥороллор, сөп түбэһэрин барытын суоттууллар-учуоттууллар.

— Донор хаалбыт быара улаатар дуо?

— Улаатар, чөлүгэр түһэринэр. “Оҕобуттан төһөнү ыллыгыт?” диэн ыйыппытым. Хаҥас өттүттэн 65% ылбыттар, онон киниэхэ 35%-на эрэ хаалбыт. Уолум куруук көрдөрүнэр, УЗИ-га түһэр, анаалыс туттарар, диетаны, чөл олоҕу тутуһар, харыстанар, спордунан дьарыктанар. Ол түмүгүнэн, быара сөптөөх кээмэйигэр диэри улааппыт, үчүгэйдик үлэлиир дииллэр. Үчүгэй иммунитеттаах буоллун диэн, муораҕа сынньата ыыта сатыыбын. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Өскөтүн, кэргэнэ сөбүлэспэтэҕэ буоллар, кини донор буолар кыаҕа суох этэ.

Хаачыстыбалаах олох туһугар туруулаһыы

— Билигин бэйэҥ туругуҥ хайдаҕый?

— Биллэ тубуста. Ол эрээри, сааһырбыт киһи сиэринэн, уруккуттан да үөс, куртах ыарыылаах этим. Ону үөһүм тахсыбат буолан, ханаала бүөлэнэн, ону кэҥэтэр стент оҥоро сатаабыттара. Ол кэнниттэн бэргээн, улаханнык ыалдьа сылдьыбытым. Былырыын эпэрээссийэлээн, үөс ханаала оһоҕоско быһа түһэрин курдук холбообуттара.

Билигин туругум этэҥҥэ. Диетаны тутуһабын, сыалаах-арыылаах, ыһаарыламмыт ас көҥүллэммэт. Ол эрээри, билигин онтон атын ас үксэ көҥүллэнэр.

Миигин эппэрээссийэлээбит институт бастайааннай кэтээн көрүүгэ ылбыта. Эмтиир бырааһым эдэр трансплантолог Алексей Борисович Сидоренко диэн. Киэһэ аайы кыраадыспын, хаан баттааһынын, хаска ханнык эми испиппин, ыйааһыммын, настарыанньабын, уопсай турукпун отчуоттуубун. Ыйытыылаах буоллахпына, хоруйдууллар. Наада буоллаҕына, анаалыс туттарабын, ону көрөн, эмп аныыллар, уларыталлар. Дренаж диэн туруупкалаахпын, ону үс ый буола-буола Москваҕа баран, уларыттарабын. Онно доруобуйам туругун толору чинчийэллэр.

Уорганы көһөртөрбүт киһи үйэтин тухары күүстээх, сыаналаах эмтэри иһиэхтээх. Холобур, иммунитеты баттыыр эмтэри иһиэхтээххин. Иммунитет күүстээх буоллаҕына, олордуллубут уорганы ылыммакка, утары үлэлээн, төттөрү таһаарыан сөп. Онуоха анал анаалыс туттараҕын. Аны туран, вирус син биир хааҥҥар баар буоллаҕа, кини уһуктубатын туһугар үйэҥ тухары вируһу утары эмтэри иһиэхтээххин.

— Эпэрээссийэ босхо дуо?

— Өрөспүүбүлүкэ квотатынан босхо эпэрээссийэлэммитим. Ол эрээри, төһө да босхо буолбутун иһин, өйөбүлэ суох киһи кыаммата буолуо дии саныыбын. Москваҕа баран олороруҥ, көрдөрүнэриҥ, эмп ыларыҥ, үгүс анаалыс туттарарыҥ, арыалдьыттанарыҥ – бу барыта ыарахан сыаналаах.

Нэһилиэгим дьаһалтата, уопсастыбаннай тэрилтэлэр миигин өйөөн, аһымал биэчэр оҥорон, харчы хомуйан, өйөөбүттэрэ. Видео оҥорон ыыппыттарын көрөн баран, наһаа долгуйан, уйадыйыахпар диэри үөрбүтүм. Ол курдук, дьоммор-сэргэбэр, аймахтарбар муҥура суох махтанабын.

Национальнай мэдиссиинэ киинин 1-кы хирургическай отделениетын сэбиэдиссэйэ А.Г. Захаровка, инфекционист-быраас В.Н. Кельциеваҕа, терапевт В.Н. Пестереваҕа, инфекционнай балыыһа сэбиэдиссэйэ Н.Н. Тихоноваҕа ис сүрэхпиттэн сүгүрүйэн туран, махтанабын. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин үлэһиттэрэ докумуоннары, айан ороскуотун түргэнник быһаара охсоллоругар биһиги курдук ыарыһахтар махталбыт улахан.

Толору олоҕунан олоруохха сөп”

— Урут ыалдьар кэммэр куруук сэниэтэ суох, сытан эрэ тахсар буоллахпына, билигин ону-маны гынар буоллум. Этнофитнес диэн сахалыы үкҥүү хамсаныыларын “ЗУМ”-нан көрөн үтүктэбин. Дьиэм таһыгар хаалыктаах хаамабын. Урут тиэргэммэр сибэкки эгэлгэтин, оҕуруот аһын арааһын үүннэрэр этим. Билигин кыралаан оҕуруокка үлэлиибин, олордорго клубника атыыластым. Ол эрээри, ноҕуруускаламмаппын, аны Москвалаан хааллахпына, ким көрүөй? Ол иһин элбэҕи олордубаппын.

Кыралаан нэһилиэгим уопсастыбаннай олоҕор кыттыһабын. История, обществознание учууталынан 29 сыл үлэлээбитим. 30 сылга тиэрдиэхпин наһаа баҕарбытым да, ыалдьан хаалан, көҥүл өттүбүнэн тохтообутум. Үлэлээбит кэлэктииппин кытары сибээспин тутан олоробун, кыттыһабын.

Урут баайар этим. “Ютубтан” көрөн, уруккуттан баҕарар дьарыкпар үөрэнним. Хаһыаты эрийэн, туруупка оҥорон, араас иһиттэри, корзиналары оҥорор буоллум. Аны пэчворк ньыматыгар үөрэнэн, таҥас лоскуйдарынан хартыына оҥорон таһаарарга үөрэнним. Кинигэ тахсыытыгар ахтыылары хомуйан, суруйан, нэһилиэк историятыгар үлэлэһэн, бэйэм кылааппын киллэрэбин.

Эпэрээссийэ кэнниттэн, эмтэнэн баран, уорганы көһөрүү кэнниттэн киһи толору олоҕунан олоруон сөп эбит. Эдэрдэр этэҥҥэ, үчүгэйдик сылдьалларын көрөн үөрэбин. Оҕолорум, сиэннэрим, дьиэ-уот түбүгүнэн олоробун, хас биирдии күммүттэн дуоһуйабын.

Саха сиригэр вирустаах гепатит элбэх”

— Миэхэ биир быраас эппитэ: “Атын эрэгийиэннэри кытары тэҥнээтэххэ, вирустаах гепатит, цирроз Саха сиригэр наһаа элбэх”. Ордук орто саастаах көлүөнэҕэ элбэх эбит. Эдэрдэргэ В гепатиты утары быһыыны биэрэр буолуохтарыттан, аҕыйаабыт. Ол эрээри, маннык быһыы уон сылынан дьайыыта бүтэр, сорох дьоҥҥо эрдэ да бүтүөн сөп. Онон иммунитет төһө күүстээҕин билэргэ, ПЦР-анаалыһы туттарыахха сөп.

Аны туран, уорганы көһөртөрүү кэннэ вируһу утары эмтэри үйэҥ тухары иһиэхтээххин. Эппитим курдук, организмҥа баар вируһу уһугуннарбат туһуттан эмп ананар. Саха сиригэр эппэрээссийэ кэнниттэн бу эмтэри тоҕо эрэ анаабаттар эбит. Бу эмтэр олус сыаналаахтар (30-40 тыһыынча солкуобайтан 100 тыһыынчаҕа диэри). Онон өрөспүүбүлүкэ, министиэристибэ бу кыһалҕаны болҕомтоҕо ылан, анал бырагыраама оҥорон, үлэлэтэллэрэ буоллар, дьоҥҥо олус туһалаах буолуох этэ. Билигин министиэристибэ нөҥүө көрүллэр эмтэрбит аналогтара кэлэллэр. Оттон Москватааҕы быраастарбыт аналогтары иһимэҥ дииллэр. Бу аналогтар куһаҕаны оҥорботоллор да, дьайыылара кыра. Уорганнарын биэрбит донордары хонтуруолга ылан, сыллата диспансеризацияны баралларын тэрийэр буоллар. Эдэрдэр улахаҥҥа уурбакка, доруобуйаларын туругун мөлтөтөн кэбиһиэхтэрин сөп.

Эдэр дьоҥҥо туһаайан этиэм этэ, саамай күндү баайгытын – доруобуйаҕытын кэмиттэн кэмигэр бэрэбиэркэлэнэ, көрүнэ сылдьыҥ. Чөл олохтоох, көхтөөх буолуҥ. Куһаҕан фаст-фуд астан аккаастанан, туох да эбилигэ суох натуральнай аһылыгынан аһааҥ. Диспансеризацияны көтүтүмэҥ, анаалыс туттаран, бэрэбиэркэлэниҥ. Ыарыы баар буоллаҕына, быраас этэринэн, эмтэниҥ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

Эбэн эттэххэ

Инникигэ эрэл” социальнай бырайыагы СӨ чааһынай мэдиссиинэ килииникэлэрин ассоциациялара РФ бэрэсидьиэнин гражданскай уопсастыбаны сайыннарар гранын үбүнэн үлэлэтэр. Бу быар-бүөр ыарыылаах дьоҥҥо туһуламмыт, быраастар кыттыылаах бастакы информационнай интэриниэт-бырайыак буолар. Түөрт бырагырааманы үлэлэтэллэр, бэстибээллэри тэрийэллэр. Бырайыакка гемодиализка, перитонеальнай диализка сылдьар 291 киһи, 125 быар-бүөр көһөрүүтүн ааспыт дьон, 720 бүөр ыарыылаахтар кыттыһаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0