Биэнсийэҕэ тахсан туһата суох буолбут курдук сананан муунтуйар да дьон баар буоллахтара, онон атын эбии дьарыктанан аралдьыйыахтарын баҕараллар.
Ол иһин, биһиги быйыл сайын «Олох үөһүгэр» диэн кулуубу тэрийэн, сааһырбыттар “Эрчим” социальнай-култуурунай, чөлүгэр түһэрэр кииннэрин иһинэн үлэлээн эрэбит. Билиҥҥитэ уон бастайааннай чилиэннээхпит, ону таһынан баҕалаахтар эмиэ кэлэллэр.
Хас да төгүл субуотунньук тэрийэн, Бүлүүлүүр аартык тыатыгар мунньуллубут бөҕү уонна Маҕанныыр суол алтыс биэрэстэтигэр баар карьер сыбаалкатын ыраастаатыбыт, Марха бөһүөлэгин дьаһалтата тэрийбит субуотунньугар кытынныбыт.
Бу ыйга киирэн баран, Чочур Мырааҥҥа уонна Күөх Хонууга сатыы хаамыыны тэрийдибит. Онно сүүрбэттэн тахса буолан айылҕалыын алтыһан, чэбдик салгынынан сайа тыынан, астынан кэллибит. Биһиги уопсастыбаҕа туһалаах буолар, үтүө дьыалалары оҥорор, хардарыта көмөлөсүһэр, иллэҥ кэми сэргэхтик атаарар баҕалаахпыт.
Зоя Им, Дьокуускай к, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru. сайтыгар анаан.