Екатерина Кириллина сэттэ сыл устата бааҥҥа отдел салайааччытынан үлэлээн баран, билигин дууһата сытар, сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанар.
Кини киһи дьылҕатын сыыппараларынан, аатынан көрөн билгэлиир, өтө көрөр нумерологунан үлэлээбитэ иккис сылыгар барда. «Бастаан баантан барбыппар, бииргэ үлэлээбит дьоммор соһуйбут, итэҕэйбэт элбэҕэ. Билигин бу дьарык мээнэ буолбатаҕын өйдөөн, мин үлэбэр сыһыаммын билэн туран, кинилэр миэхэ билгэлэтэ кэлэллэр”, – диэн кэпсиир.
— Екатерина, бэйэҕин билиһиннэр эрэ. Экэнэмиис үөрэхтээх, баан үлэһитэ буола сылдьан, хайдах куйаары, чараас эйгэни кытары алтыстыҥ?
— Аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, ийэм Чурапчыттан тардыылаах. Кинилэр эрдэ Дьокуускайга көһөн кэлэннэр, мин манна төрөөбүтүм. 2005 сыллаахха оччотооҕу СГУ финансовай-экэнэмиичэскэй институтун бүтэрбитим. Ол кэнниттэн тута «Хикари» турфирмаҕа үлэлии киирбитим. Үлэбинэн Кытайга сылдьан, кытай эмчиттэрэ киһи ыалдьар уорганын эмтэринэн буолбакка, эниэргийэни, ол эбэтэр, киһи кутун-сүрүн көннөрүүнэн дьарыктаналларын көрөн соһуйбутум: иннэнэн, уотунан, уунан, тааһынан эмтииллэрин уонна, соһуйуох иһин, үтүөрдэллэрин көрөн сэҥээрбитим.
2015 сыллаахха бааҥҥа үлэлии сылдьан, оччолорго Дьокуускайга киэҥник биллэн эрэр фэн-шуй сэминээригэр тиийэн хааллым. Онно тута, миэхэ бу барсар эбит диэн сэҥээрбитим. Бэйэм сыыйа хасыһан, бу эйгэҕэ киирэн барбытым. Икки сыл устата сөбүлүүр дьарыкпын үлэбин кытары дьүөрэлии сылдьан баран, 2017 сыллаахха ба-цзы ускуустубатыгар үөрэнэн кэлэн баран, сүрүн үлэбиттэн тохтообутум. Нөҥүө сыл наар үөрэнэн тахсыбытым. Онон билигин үс хайысханан үлэлиир билгэһит (күлэр) буолабын.
— Ол ханнык үс хайысханый? Эйиэхэ хайдах-туох ыйытыылаах, кыһалҕалаах дьон кэлиэхтэрин сөбүй?
— Бастакы хайысхам, ба-Цзы – былыргы Кытай ускуустубатыгар олоҕурар, киһи дьылҕатын, майгытын, үчүгэй-мөкү өрүттэрин быһаарар, инникини торумнуур, билгэлиир систиэмэ буолар. Киһи ба-цзы хаартатын оҥорорго аатын, төрөөбүт сирин, чыыһылатын туһанабыт. Мин Наталья Правдина Илиҥҥи метафизика үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитим.
Кытайдар этэллэринэн, киһи олоҕо барыта араас күүстэртэн (эниэргийэттэн) турар – уу, уот, сир, мас, тимир. Бу хаартанан туһанан, киһи ханнык эйгэтигэр туох тиийбэтин көрөн, бэйэтин олоҕун тэҥнээн биэриэхтээх эбит. Кытайдар аныгы да олоххо бу хаарталарын куруук ааҕа, кэтии сылдьаллар, олохторун манан сирдэтэллэр диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
Иккис хайысхам – дьылҕа бэлиэлэрэ, ол эбэтэр, нумерология. Манна төрүччүҥ сорудахтарын, дууһаҥ туохха аналлааҕын, доруобуйаҥ, харчыҥ туһунан элбэҕи этиэххэ сөп.
Үһүс хайысхам – тета-хилинг. Английскай тылтан тета-эмтэнии диэн тылбаастыахха сөп. Бу хайысха аан дойдуну баһылаан эрэр, мин быйыл күһүн үөрэммитим. Манна киһи бүтэй санааларын кытары үлэлэһэбит. Дьиҥэ, киһи күннээҕи олоҕор көннөрү толкуйунан, өйүнэн эрэ салайтарар. Оттон, холобура, оҕо сылдьан буолбут соччото суох түбэлтэлэр киһи бүтэй өйүгэр хаалаллар эбит. Ол ыар санааны кини олоҕун тухары илдьэ сылдьыан сөп. Холобура, биир уол оскуолаҕа сылдьан массыынанан айаннаан иһэн улахан оһолго түбэһэр. Улаатан да баран, массыына халтарыйар тыаһын иһиттэҕинэ, төбөтүгэр урукку куттаммыта тиийэн кэлэр. Онуоха психолог эбэтэр тета-хилинг нөҥүө бу өй уонна кыах «хааччаҕын” (блок) устан кэбиһиэххэ сөп.
Маннык наһаа элбэх холобуру аҕалыахха сөп. Холобура, кыра кыыс төрөппүттэрэ наар этиһэн тахсаллар. Бу кыыс улаатан баран, бэйэтэ да билбэтинэн, эмиэ кэргэнин кытары соччото суох сыһыаны олохтуур. Өскөтүн кыыс толкуйданан, бэйэтин кытары үлэлэһэн барбатаҕына, олоҕо төрүччү сценарийынан баран иһиэн сөп.
— Киһи олоҕор бэйэтэ уларытыы киллэриэн сөп дуо? Эбэтэр барыта үөһэттэн ыйыллан турар дуу?
— Суох, киһи олоҕун бэйэтэ оҥорор. Ол эрээри, эппитим курдук, төрүччүтүн дуу, эбэтэр биир түбэлтэ бырагыраамата өйүгэр киирэн хаалыан сөп. Ону бэйэтэ сөбүлүүр, бэйэтигэр сөптөөх исписэлииһи (психолог, нумеролог) кытары үлэлэһэн, кыайыан сөп.
— Тоҕо Саха сиригэр фэн-шуй итэҕэлэ сэҥээриини ыларый?
— Тоҕо диэтэр, Айыы итэҕэлигэр майгынныыр. Сахалыы итэҕэлгэ үс кут баарын курдук, кытайдарга эмиэ, эппитим курдук, эниэргийэлэр хайдах үлэлииллэриттэн киһи чөл туруга тутулуктаах. Дьиҥэ, аан дойду итэҕэлэ барыта биири этэр, ол эрээри, араастык. Онон, бэйэн талан ылбыт итэҕэлгэр итэҕэйиэххин наада.
— Ааһан эрэр сылга кэлбит пандемия хас биирдии киһини таарыйдаҕа буолуо. Бу дьаҥ биһигини туохха үөрэтээри дуу, өйдөтөөрү дуу кэлбитэй?
— Бу сылы мин бэйэни кытары билсиһии сыла диэн ааттыахпын баҕарабын. Бу сыллар тухары наар ханна эрэ сүүрэ-көтө, харчыны эккирэтиһэ сылдьан, арай тохтоон, бэйэбитин санаатыбыт. Вирус – бу саҥа эниэргийэ диэххэ сөп. Эргэ бырагыраамабытын сотор, саҥаны киллэрэр. Онон, бу балаһыанньаҕа сайдыыга баран эрэбит диэн үөрүөххэ эрэ наада.
Ахсынньы 21 күнэ – кыһыҥҥы күн туруута. Бу күн туох баар кыыһырбыккын-уордайбыккын, куттаммыккын, албыннаабыккын билинэн туран, ыытан кэбиһиэхтээххин.
Уларыйыыга бэлэмэ суох, эбэтэр бу сиргэ номнуо сыалларын толорбут дьон бараллар. Аны туран, бу вирус айар дьоҕурдаах дьон билбэккэ эбэтэр туһаммакка сылдьыбыт талааннарын арыйар эбит. Бу сыл наһаа элбэх киһи сөбүлүүр дьарыгын үлэ оҥоһунна.
— Олох очурдарын, ыарахан түгэннэрин хайдах аһарыныахтаахпытый?
— Ытыыр буоллаххына ытаан, кыыһырар буоллаххына, кыыһыран, эмоцияны бэйэ иһиттэн таһаарыахха наада. Элбэхтэ айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан, аһарына сатыахтаахпыт. Уонна, киһи биири өйдүөн наада, ыарыы эбэтэр ыар санаа, туох эрэ куһаҕан наар сайдыыга, үүнүүгэ бэриллэр. Онон төһөнөн бу «ыарыыны, куһаҕаны» ылынаҕын да, соччонон атын үктэлгэ тахсан иһэҕин. Холобура, син биир успуордунан дьарыктанар курдук. Эрчиллии кэнниттэн сарсыныгар быччыҥын ыалдьарын үөрэ-көтө ылынаҕын, ол аата, бэркэ дьарыктаммыппын, быччыҥым сайдар диэн өйдүүгүн. Олох очурдарын эмиэ маннык ылыныахха сөп.
— Кэлэр сыл арыый чэпчиэ дуо?
— Биир тылынан киһи сатаан эппэт. Бу сыл уларыйыы, сайдыы өттүгэр үлэлээбэтэх киһиэхэ, өссө ыарахан буолуон сөп. Оттон, быйылгы сыл эксээмэннэрин ааспыт киһиэхэ, арыый чэпчиэҕэ. Онон, төһө кыалларынан эрдэ, олоҕуҥ аһаҕас ыйытыыларын сабарга үлэлэһиэххэ наада. Билигин да бириэмэ баар. Онно, эппитим курдук, урукку бырагыраамалары сотон, саҥа киирэригэр миэстэ таһаарыахха наада. Холобура, тыаттан тыыннаах харыйаны дьиэҕэр аҕалан туруорарга, бастаан миэстэ таһаарыахха наада. Оттон бөх, мал-сал быыһыгар туруордахха, бастатан туран, көстүүтэ соччото суох буолуо, иккиһинэн, иннэлэргэ наар анньылла сылдьыаҥ.
— Екатерина, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтал! Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан!