Ыал буолан олорон
Алтыс кылааска сылдьан улахан уолбун туохтан эрэ сылтаан сэмэлээтим. Онно туран маннык диэтэ: “Эн эрэ миигин мөҕөҕүн. Ону баара, миэхэ элбэх киһи ымсыырар”. Кыыһыра туран итинник эппиэти истэн күлбүппүн бэйэм да билбэккэ хааллым. Ол ким ымсыырарый диэн ыйыталастым. “Дмитрий Дмитриевич турбаҕа ылаары гынар, Хуухээ Балдорж тарбахпар ымсыырар, Евгений Егорович эмиэ тарбахпар ымсыырар”, — диэн буолла. Эмиэ ити кэм саҕана кыра уол Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллар улахан куонкуруска барар буолла. Киһи эрэ буоллар, син долгуйар, дьарыктанна аҕай. Барар күнүгэр сарсыарда алта чааска туран хоһугар олорон балалайкатыгар оонньоото. Убайа хараҕын аспакка да сытан: “Харчы ылыаххын баҕараҕын дуо?” — диэн ыйытта. Биирэ убайа харчылааҕын билэр буолан бэрт улгумнук: “Баҕарабын”, — диэтэ. Онуоха эппиэппит: ‘’Автовокзалга баран оонньоо”, — диэн буолла.
Кэлин улаатан бэйэлэрэ аҕа буолан олороннор, оҕолорун киһи саҕалаабытын хайаан да тиһэҕэр тиэрдиэхтээх диэн үөрэтэллэрин истэбин.
Онон биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбут киһи быһыытынан сайдан-үүнэн тахсалларыгар улахан оруоллаах мусукаалынай оскуолаҕа махталбыт улахан.
Күөрэгэй таптала
Ньукуолун күн айылҕаҕа тахсыбатахха хайдах эрэ туох эрэ итэҕэстээх курдук сананааччыбыт. Ол сиэринэн дьүөгэбин Марияны кытта алаадьы астанан баран айаннаатыбыт. Олус ырааппакка киэҥ хонуулаах сиргэ хатыҥнар аттыларыгар тохтоотубут. Чэйдиэхпит иннинэ сирбитин аһаттыбыт. Айылҕа уһуктан тула барыта көҕөрөргө, кустук араас өҥүнэн оонньуурга бэлэм. Хайдах эрэ айылҕабыт ис иһиттэн сэргэх, сибиэһэй. Маны этэн эрдэхтэрэ, саха киһитэ айылҕаны кытта биир ситимнээх диэн. Ыллыахха-туойуохха, олох үтүөтүн хоһуйуохха саамай тоҕоостоох кэм Кырдьыга да, аҕыс ый хамсаабат хаар хартыына, тоҕус ый тохтообот томороон тымныы кэнниттэн күлүм-чаҕыл саас, тиллии, тыллыы, ситии-хотуу ыйдара күүтүүлээх да буоллахтара!
Дуоһуйа кэпсэтэн-ипсэтэн, күөххэ сууланан эрэр сыһыы ортотугар уоскуйан-налыйан олордубут. Ол олорон олоҕу, сири уруйдуур биир дьикти көстүүнү көрдүбүт. Үөһээ мэҥэ халлааҥҥа уйдаран туран күөрэгэй ыллаан дьүрүһүтэр. Ону дуоһуйа истэ, кэрэ куоластаах чыычааҕы батыһа көрө олордохпутуна, арай күөрэгэйбит дьүрүһүтэ ыллыы-ыллыы сыыйа намтаата уонна эмискэ ытыллыбыт курдук төбөтүн оройунан сурулаан сиргэ баран түстэ! Оо дьэ, бачча үчүгэй күҥҥэ олус да курус көстүү буолла диэн санаа кыламнаан истэҕинэ, күөрэгэйбит туох да буолбатаҕын курдук ыллаан куйуһуппутунан эмиэ куйаар халлааҥҥа күөрэйэн таҕыста! Онтон өйдөөн көрбүппүт, аллараа тыһы күөрэгэй кэл-кэлимэ диэн кубааскайдана сытар эбит. “Чүөчэтин” ээҕин ылаары ыллаан дьүрүһүтэ сатаан баран кини диэки буулдьалыы ыстанар эбит диэн сабаҕалаатыбыт. Ити хартыынабыт хаста да хатыланна. Таптал диэн сырдык иэйии айылҕа бары көстүүтүгэр баар эбээт!
Чөчүөккэ
Кынаачай элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Орто сааһыгар үктэнэн эрэр, дьиэтин-уотун оҥостубут, олбуор толору тутуулаах, сүөһүлээх-астаах, улааппыт оҕолордоох, сиэннэрдээх киһи. Дьиҥэ, дьиэни-уоту ийэлээх аҕата олохтоохтук оҥорон, этэргэ дылы, тиэргэҥҥэ тилэри, олбуорга толору олоҕу хаалларбыттара. Тутуута барыта мас ууһа аҕатын киэнэ буолан, күн бүгүҥҥэ диэри хамсаан да көрбөккө, кыратык да кынньары барбакка, тарбах да саҕаны иҥнэйбэккэ турар. Ол эрэн, төһө да барыта бэлэм буоллар, Кынаачай ону барытын син дьаһайан, көрөн-истэн олорор. Аны булчутун оҕото сыттаҕа, онон эти, балыгы маҕаһыынтан атыыласпаттар.
Биирдэ күһүҥҥү силбик, тыбыс тымныы тыаллаах түүн уһуктан кэллэ. Бээ эрэ хаһан этэй, хайдах этэй диэн толкуйдаан олоох-молоох көрүтэлии сытта. Арай хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, оҕолор хосторун штората хамсыыр. Ол кэнниттэн эмискэ муус маҥан баттахтаах, ийэттэн төрүү сыгынньах оҕо дуу, туох дуу хааман сэрбэкэчийэн кэлэн аттыгар олорунан кэбистэ.
Кынаачай дьэ этин устун тымныы сүүрээн сүүрдэ, бэл диэтэр хараҕын сотто-сотто көрө сатаата. Төбөтүгэр “оо-уу! Били “белай горячка” диэннэрэ маннык буоллаҕа” диэн санаа охсуллан ааста. Кырдьыга даҕаны, ыйы ыйынан “аһаан” кэбиһэр идэлээх киһиэхэ итинник толкуй киирэрэ сөп курдук. Сүрэҕэ адьас айаҕынан тахсан барыах курдук. Аны чөчүөккэтэ “эһээ” диэччи буолан олох да буорайда. Мээнэ ис хоһооно суох хаһыытыы былаастаан тугу эрэ саҥара сатаабытын истэн эмээхсинэ Лөкүөрэ туран: “Уу, баҕайы аны сиэнин да билбэт буолбут дуу!” — диэн мөҕүттэн, этэргэ дылы, сиргэ түһэрдэ.
Кэлин билбитэ, утуйа сыттаҕына уола кэргэнинээн, оҕолорунаан кэлбиттэр эбит. Ити “чөчүөккэтэ” бу ааспыт кыһын кийиитин үөрэттэрээри бэйэлээх бэйэтэ көрбүт-истибит сиэнэ эбит!
Хата, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, ити кэмтэн ыла Кынаачай хааппыла да аһыы утаҕы испэккэ сылдьар сурахтааҕа.
Атыылаһаар эрэ…
Бу түгэн кырыа кыһын салааска соһуллар эрдэҕинэ буолбута. Сулустаана элбэх оҕолоох ыалга соҕотох кыыс буолан, кыра эрдэҕиттэн уолаттары кытта алтыһан улааппыта. Ол да иһин буолуо, ханнык да түгэҥҥэ кимтэн да толлубат, ыарахантан чаҕыйбат этэ. Улахан дьалхааннаах уларыйыылар кэмнэригэр оҕолорун иитэр туһугар хамнас төлөммөтө бэрдиттэн атыы-тутуу эйгэтигэр киирбитэ. Түргэн-тарҕан, бэйэтигэр эрэллээх буолан “ арбайбыт Арбаат” (оччолорго бэл диэтэр Ленин болуоссата кытта биир улахан атыы-тутуу ырыынагынан буола сылдьыбыттаах) саҕаттан дьарыктанан атаҕар турбута.
Оҕолоро барахсаттар ийэлэрин таҥара курдук саныыллара.
Арай биирдэ салаасканан соһуллан иһэн уола: ”Маама, ити халлааҥҥа туох наһаа улахан лаампата ыйанан турарый?” — диэн ыйыппыт. Ый диэн эппиэти ылан баран киһибит: “Маама, атыылаһаар эрэ ити лаампаны”, — диэн ийэтин улаханнык күллэрбит.
Ол оҕолор билигин бэйэлэрэ ийэ, аҕа буолан олороллор.
Ийэлэрин сүрдээҕин таптыыллар, махталлара улахан.
Рояль
Уларыта тутуу буккуурдаах-тэккиирдээх кэмэ этэ. Хайдах эрэ тулабыт барыта ыйытыы бэлиэтин курдуга.
Маҕаһыыннарга кыстанан сыппыт табаар эмискэ үлүгэр мэлис гыммыта. Бэл диэтэр, хаһан да бүтүө суох курдук туруусук, маайка суох буолбуттара. Оннооҕор Ленин, Орджоникидзе площадтарыгар “Арбаат” диэн хос ааттанан барахолкалар баар буола сылдьыбыттара.
Ол кэмҥэ биир табаарыспыт кэргэнэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка күүлэйдии барда диэн буолла. Уонча хонугунан кэлбитин истэн сонун истээри эрийбитим, кыыһым суох эбит. Кэргэнэ ылла. Ону-маны күннээҕини кэпсэтэн баран, хайа туох кэһии аҕалла диэн ыйыталастым. Киһим “ээ туох да суох үһү, ол иһин икки рояль эрэ аҕалбыт” диир. Мин соһуйдум аҕай, бэйи, олору сөмөлүөккэ хайдах киллэрдэҕэй диэн мунчаардым. Онуоха киһим: “Туох диэн ыйытаҕын, суумкатыгар уган киллэрдэҕэ дии””, —’ диэбитигэр олох да харааччы буккулуннум. Онтон наһаа мунаарбытым иһин күлэ-күлэ: “Оо дьэ, бу хаһан “буорту” буолар киһигиний? “Рояль” диэн омук арыгыта”, — диэбитигэр күлүстүбүт аҕай.
Батыллыбыт ынах түрүлүөнэ
Арай биирдэ табаарыстарбытын кытта дьиэ кэргэнинэн оҕолуун-уруулуун мустан айылҕаҕа тахсаары Тулагы диэки барарга быһаарыстыбыт. Оччолорго суотабай диэн суох этэ, онон дьиэбититтэн таҕыстыбыт да сибээһэ суох сылдьарбыт. Көрсүөхтээх сирбитигэр — “Каспер” маҕаһыын таһыгар тиийэн түмсэн истибит. Онтон маҕаһыын таһыгар бачча элбэх буолан үргэҥнэһимиэҕиҥ, көҕүрүөҕүҥ диэн сорохтор Тулагытааҕы табаарыстарбытыгар күүтүөх буолан бардылар. Биһиги ситэ кэлэ иликтэри күүтэ хааллыбыт. Арай ол турдахпытына, биир оҕобут бадарааҥҥа ынах түһэн эрэр диэн айманан кэллэ. Ынах диэн барыбытыгар да чугас буоллаҕа, ойон тахсыбыппытын бэйэбит да билбэккэ хааллыбыт.
Наталья РУФОВА.