Роман Романов — олоҕу хамсатар баһылык

Ааптар:  Маргарита Егорова
Бөлөххө киир:
Тимир эллэнэн-эллэнэн тимир буоларыныы, салайааччыны дьон-норуот бэйэтэ эллээн, кырыылаан-нарылаан, чочуйан таһаарар.

Таатта улууһун кытыы нэһилиэгин, Баайаҕа олохтоохторо 2003 сыллаахха оскуолаҕа дириэктэрдиир эдэркээн Роман Романовы дьаһалта баһылыгынан талбыттара билигин улууска уһуннук үлэлээбит, бастыҥ баһылыктартан биирдэстэрэ буола үүннэ.

Роман Романович нэһилиэгин кэскилин көрөн, дьонугар-сэргэтигэр, дьокутааттарыгар тирэҕирэн, атын сирдэргэ олорор биир дойдулаахтарын түмэн, уһун кэмнээх бырагыраама оҥостубута. Ол түмүгэр Баайаҕаҕа баар бары тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, «Мандар Уус» Айылгы уонна Айымньы киинэ биир ситимҥэ киирэн, анал бырайыактарынан үлэлииллэр-хамсыыллар.

Дьон олоҕун усулуобуйатын тупсарыы баһылык бастакы соруга. 2010 сыллаахха таас оскуола тутулларыгар олохтоохтор оскуола хочуолунайын нэһилиэк барыта туһанарын курдук оҥорорго эппиттэрэ. Сиэрдээх туруорсуу олоххо киирэн, билигин киин хочуолунайга бөһүөлэк ыалын 70 %-на холбонно. Маныаха түөрт сыл устата олохтоох бүддьүөттэн сыллата биирдии мөлүйүөн көрүллэн, матырыйаалы атыылаһыыга туһаныллыбыта, ОДьКХ киин сылытар ситими тардарга көмөлөспүтэ, нэһилиэнньэттэн эмиэ харчы хомуллубута төһүү буолбута. Киин сылытар ситим 15 километр усталаах турбалара сайынын нэһилиэнньэни уунан хааччыйыыга туһаныллаллар.

– Олох-дьаһах таһыма тупсан, сайдан иһэр буоллаҕына, ыччат дойдутугар олохсуйар. Үлэ миэстэтин таһаарар туһугар тэрилтэлэри таһынан урбаанньыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар, «Баай-Ас» астыыр сыах үлэ-хамнас араас көрүҥүн тэрийэллэр. Онон күннээҕи олох укулаата хас биирдии киһиттэн, ыалтан, тэрилтэттэн тутулуктанар. Борис Неустроев – Мандар Уус бырайыагынан туос Моҕол ураһа тутуута, уустар мусуойдарын тэрийии, бөһүөлэк кэлим архитектурнай бырайыагын оҥоруу, Томтору чөлүгэр түһэрии – барыта материальнай, духуобунай култуурабытын сайыннарыы, барҕардыы буолар, – диир Роман Романович.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0