“Олоҕум – кэнчээри ыччаппар” диэн кинигэ сүрэхтэннэ

Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө сэриигэ сылдьыбыт дьоммутун, кинилэр дьоруойдуу быһыыларын үйэ-саас тухары өйдүү-саныы, холобур оҥостор, ахтыы оҥорон, бар дьон билиитигэр таһаарар – ытык иэспит.

Биһиги таайбыт Сивцев Афанасий Дмитриевич Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигитигэр 1919 с. күн сирин көрбүтэ. Быйыл муус устар 22 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини сэрии иннинэ политпросвет техникуму, сэрии кэнниттэн  баартыйа үрдүкү үөрэҕин Москваҕа бүтэрбитэ.

Сэриигэ 1941 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Курскай уобаласка 1943 с. буолбут сир сиҥнэр кырыктаах кыргыһыыга сылдьыбыта.

1944 с. Польшанан, Румыниянан, Чехословакиянан сэриилэһэн, 1945 с. сэриини Германияҕа түмүктээбитэ.

Афанасий Дмитриевич гвардия хапытаана, “Кыһыл Сулус”, “Аҕа дойду Улуу сэриитин” 1 степеннээх уордьаннар кавалердара, элбэх бойобуой мэтээллээх. 14 төгүл И.В.Сталинтан Махтал суругу ылбыта, сэрии иккис группалаах инбэлиитэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ үлэтин туйгуна этэ.

Афанасий Дмитриевич олоҕун тиһэх сылларыгар бойобуой сырыыларын, үлэтин туһунан суруйбут ахтыыларын хомуйан, кини кыыһа, аймахтара “Олоҕум – кэнчээри ыччаппар” бэртээхэй кинигэни таһаардылар.

Кинигэни Сивцев А.Д. төрөөбүт дойдутугар Тиэлигигэ билиһиннэрдилэр. Кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх үтүө тыл этилиннэ.

Серафима Кириллина, балта, СӨ  үөрэҕириитин туйгуна,

муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ,

“Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0