“Мин санаабар, суруналыыс киэҥ билиилээх-көрүүлээх буоларын таһынан, ОЛОҔУ умсулҕаннаахтык таптыахтаах. Оттон олоҕу таптааһын диэн бу сиргэ туох баар кэрэни, үчүгэйи үрдүктүк тутуу, сыаналааһын буолар. Үчүгэй уонна кэрэ үлэнэн айыллар. Ол үлэни дьон үлэлиир. Онон ҮЛЭНИ уонна ҮЛЭ КИҺИТИН ытыктааһын, ол киһи үөрүүтүн да, кыһалҕатын да ис сүрэҕинэн үллэстии, өйдөөһүн – суруналыыс биир саамай сүрүн хаачыстыбата!”.
Харитонов Н.И. 27.03.1981 cыл.
Бу тылларга, бу этиигэ Николай Иванович бүүс-бүтүннүү бэйэтэ, кини олоххо уонна олоҕун биир саамай сөбүлүүр дьарыгар, таптыыр идэтигэр – журналистикаҕа сыһыана арылхайдык көстөр дии саныыбын.
1980 сыллаахха Ураллааҕы госуниверситет суруналыыстыкаҕа факультетын үөрэнэн бүтэрбит эдэр исписэлиис, өрөспүүбүлүкэ ыччатын “Эдэр коммунист” хаһыатыгар үлэлии кэлбитим. Оччолорго редакция Толстой аатынан уулусса 20 N-гэр икки этээстээх эргэ мас дьиэҕэ баара. Күнүс кыракый редакциябыт, олох, оргуйан олороро – хайа эрэ муннукка бэчээттиир массыыҥка быыстала суох тачыгырыыр, ыстатыйа ааптара тиэкиһин ааҕан чоргуйар, төлөпүөн субу-субу тырылыыр, тохтоло суох аан аһыллар-сабыллар, араас сонуннаах, интэриэһинэй кэпсээннээх дьон киирэллэр-тахсаллар, ол быыһыгар хайа эрэ кэрэспэдьиэн остуолугар бүк түһэн, ыстатыйатын суруйар, кини бу тыаһы-ууһу, суматуоханы олох истибэт курдук, санаатынан олох ханна эрэ ырыых-ыраах, ыстатыйатын дьоруойун кытта сылдьар… Тоҕо эбитэ буолла, мин биирдэ, уопсайынан, суруналыыстар диэн бу туох дьонуй, хайдах киһи дьиҥнээх суруналыыспын дэниэн сөбүй, диэн санаанан салайтаран, биир идэлээхтэрбин, бэйэҕит санааҕытын суруйуҥ, диэн көрдөстүм уонна кыракый лоскуй кумааҕылары түҥэттим. Ити түгэҥҥэ редакцияҕа Николай Иванович, хата, баар эбит. Кини хап-сабар, түргэн баҕайытык, бинсээгин ис сиэбиттэн үчүгэй уруучукатын ойутан таһааран, кыраһыабай буочарынан суруйа охсон биэрбитин, ити үөһээ билиһиннэрдим. Бу суруктаах лоскуй кумааҕыны, атын кэллиэгэлэрим суруктарын кытта, мин кичэллээхтик уура сылдьабын.
Николай Иванович, чахчы, үлэтин олус сөбүлүүрэ. Ылсыбыт дьыалатын ис сүрэҕиттэн толороро, ыстатыйаларын геройдарын, туох да омуна суох, таптыыра, өрө тутара. Этэргэ дылы, хайгыырдыы хайгыыра, наада буоллаҕына, көмүскүүрдүү көмүскүүрэ. Кини мэлдьи сонун идиэйэлэрдээҕэ. Элбэхтэн биирдэстэрин ааттаатахха, ол – үгүстүк командировкаларга сылдьан, дьыаланы иҥэн-тоҥон билсиһэн, чугастык ылынан, хаһыакка саҕалаабыт “Табалаах кыраайга чуорааннары чугдаардыаҕыҥ!” диэн рубриката буолар. Бу рубрика өрөспүүбүлүкэҕэ табаны иитии салаатын сайыннарыыга, табаһыттар проблемаларын көтөҕүүгэ, эдэрдэри таба иитиитигэр угуйууга, онуоха үлэлиир, олорор усулуобуйалары тупсарыыга болҕомтону күүһүрдүүгэ улахан оруолу ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн табаны иитиигэ улахан хамсааһын тахсыбыта. Ити биир эрэ холобуру аҕаллым. Ол гынан баран, мин санаабар, Николай Иванович хайа даҕаны эйгэҕэ үлэлээтэҕинэ (кини комсомолга даҕаны, профсоюзка даҕаны, педагогикаҕа, культураҕа даҕаны үлэлээбит буолуохтаах), туһааннаах эбээһинэһигэр айымньылаахтык сыһыаннаһан, ис сүрэҕиттэн ылсан толорор, тугу даҕаны суол ортотугар хаалларбат, саҕалаабыт дьыаланы олоххо киллэрэргэ туох-баар күүһүн-уоҕун, сатабылын барытын уурар, дьиҥнээх профессионал киһи этэ. Инникини өтө көрөрө, хайдах эрэ, барытын эрдэттэн-эрдэ кини билэрэ, саҕалыыра. Дэлэҕэ даҕаны редакция аксакаллара сорохторо кинини, оонньоон, таптаан, “преждевременный человек” — “бэйэтин кэмин иннинэ төрөөбүт киһи” диэхтэрэ дуо?… Оннук, Николай Иванович, туохха барытыгар инникилээн иһэр, сытыы-хотуу, талааннаах суруналыыс этэ. Киниттэн киһи элбэххэ үөрэнэрэ. Аҥардас, төлөпүөнүнэн да кэпсэтиилэрин, араас миниистирдэри, бөдөҥ тэрилтэлэр салайааччыларын, айар дьону кытта, тылын ылыннаран, кэпсэтэргэ болдьоһууларын, биитэр кимиэхэ эрэ көмөлөһөр сыаллаах туруорсуулара-кэпсэтиһиилэрэ – бу бэйэтэ ураты култуура дии саныыбын. Аны, ыччат да редакцията буоллар, араас кыһалҕалаах ытык кырдьаҕастар эмиэ сылдьаллара. Николай Иванович, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, оччолорго куораппытыгар такси улаханнык дэлэйэ илигинэ, төлөпүөннэрин була охсон, сакаастыы охсон, кырдьаҕаһы массыынаҕа киллэрэн олордубута эрэ баар буолааччы. «Журналист Харитонов… Редакция «Эдэр коммунист» – угол Толстого-Курашова…», — дии олороро бу баар курдук. Сахалыы да, нууччалыы да олус ылыннарыылаахтык сэһэргэһэрэ, кэпсэтэр киһитин, интэриэһин, тиэмэтин таба тайанан, аһыллан, санаатын толору этэрин хайаан даҕаны ситиһэрэ. Ол иһин кини ыстатыйалара сиппит-хоппут, сыалларын ситиспит буолаллара.
Мин Николай Ивановиһы, киһи быһыытынан, эмиэ олус истиҥник саныыбын. Өссө 1977 сыллаахха биһиги, СГУ саха салаатын устудьуоннара-кыргыттар (ити сыл күһүнүгэр мин Ураллааҕы госуниверситекка көспүтүм), Ньурбачааҥҥа практикаҕа сырыттахпытына, Николай Иванович, манна устудьуоннар бааллар диэн өйдөөн көрөн (уопсайынан кини ыччаттарга олус болҕомтолоох этэ), массыына ыытан, Ньурба библиотекатыгар олохтоох поэт Ахмед Дмитриевтыын көрсүһүүгэ ыҥыран сырытыннарбыта. Олус истиҥ, үчүгэй көрсүһүү буолбута. Кэлин, “Саха сирэ” хаһыакка кэлэн баран, Ньурбаҕа командировкаҕа сылдьан, поэт Ахмед Дмитриев, кини улахан, эйэлээх дьиэ кэргэнин туһунан анаан-минээн суруйан турабын. Ахмед бииргэ төрөөбүтэ Зинаиданы кытта билиҥҥээҥҥэ диэри сибээстэһэбит. Ити 1977 сыллаахха мин Николай Ивановиһы бэйэтин аан бастаан көрбүтүм, билсиспитим. Оттон, Николай Харитонов диэн поэт баарын туһунан аан маҥнай өссө 1973-74 сыллардаахха, Дьокуускай 20N-дээх оскуолатын бүтэрээт, саха салаатыгар куонкуруһунан киирбэккэ гынан баран, биир кылааска үөрэммит кыргыттарбынаан (оччотооҕу оҕолор романтик этибит), Горнай Маҕараһыгар, ыччат-комсомольскай ферматыгар үлэлии сылдьан, истибитим. Ити сайын маҕарастар Ньурбаҕа оттообуттар этэ, ол түмүгэр кыһыны быһа кулуупка “Ньурба вальсын” ыллаабыттара. Наһаа үчүгэй тыллардаах уонна музыкалаах ырыа өйбөр хатанан хаалбыт. Бу Николай Харитонов-Чуор хоһоонноругар ырыаны сөбүлүүр киһи үгүс.
Инньэ гынан, 1980 сыллаахха “Эдэр коммунистка” аан бастаан үлэлии кэлэрбэр Николай Иванович миэхэ өрдөөҕүттэн билэр киһим курдук этэ. Кини бэйэтэ даҕаны, хайдах эрэ, эдэр-эмэн диэн араарбакка, бэрт демократичнай, хайа баҕарар киһиэхэ аһаҕас, эйэҕэс сыһыаннаах буолан, уопсай тылы буларга үчүгэй этэ. Киһини наһаа өйдүүрэ, туох кыалларынан сүбэлии-амалыы сылдьара, билэрэ-көрөрө даҕаны элбэх этэ. Редакторбыт Николай Афанасьевич Герасимов-Айталын профком председателин быһыытынан кинини көрөрө, ол саамай сөп эбит, Николай Иванович киһи да быһыытынан, профком да быһыытынан, дьоҥҥо көмөтө үгүс этэ. Холобура, оччолорго, тыаттан үлэлии кэлбит суруналыыстар пропискалара суох буолан эрэйдэнэллэрэ, онуоха Николай Иванович хайдах эмит гынан син-биир көмөлөһөрө (хайа, туох барыта, макаронугар, куруппатыгар тиийэ талон буола сылдьыбыта дии!), миэхэ пропискабар эмиэ көмөлөспүтэ (оччолорго дьонум дойдуларыгар, Чурапчыга көһөн олороллоро). Оттон 1982 сыллаахха Саша биһиги ыал буоларбытыгар, от ыйын саҕаланыытыгар Дьокуускайга сыбаайба үгэнигэр (редакция барыта сылдьыбыта), Нерюнгриттэн телеграмма тирилээн кэлбитэ: “Маарыкчаан чулуу ыччаттарын ыал буолбуккутунан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Үтүө, дьоллоох ыал буолуҥ!” диэн олус истиҥ-иһирэх тыллардаах телеграмманы убайбыт тэҥэ киһи Николай Иванович Саха сирин соҕуруу өттүгэр командировкаҕа сылдьан ыыппыт этэ. Кэлин, үлэҕэ-хамнаска эриллэн, буһан-хатан, балачча уопутуран, Национальнай библиотекаҕа бастакы кинигэм сүрэхтэниитигэр Николай Иванович кэлэн, үтүө-истиҥ тыллары эппитин эмиэ олус күндүтүк саныыбын. Ити курдук, кини, талааннаах суруналыыс, тэрийээччи, салайааччы эрэ буолбакка, бастатан туран, киһиэхэ наһаа болҕомтолоох, дьоҥҥо үчүгэйи, кэрэни баҕарар олус үтүө, сайдам-сайаҕас киһи этэ. Үтүө киһи оҕолоро, ыччаттара аҕаларын, эһэлэрин утумнуулларыгар бүк эрэнэбин.
Татьяна МАРКОВА