Биһиэхэ улууспут Уус Алдан чэчирии сайдарын туһугар ыччат саастаах элбэх ыал үлэлиир. Соторутааҕыта Саина уонна Петр Бурнашевтарга ыалдьыттаатым. Саина асчыт бэрдэ, итии чэйинэн уонна минньигэс бөрүөгүнэн күндүлээн көрүстэ.
edersaas.ru
Бурнашевтар өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэ сылдьан билсибиттэрэ. Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх Петя Бурнашев лиссиэйгэ 11-с кылааска үөрэнэр, оттон Саина Ньурбаттан 10-с кылааска көһөн кэлбит этилэр. Петя хараҕынан хайгыы, сүрэҕинэн сөбүлүү көрөн, Саиналыын чугастык билсээри болҕомтотун ууран, тапталын биллэрэн киирэн барбыт. Ол кэми Петр Петрович: “Лиссиэйгэ үөрэнэ сылдьан элбэх оҕону билэрим, кэпсэтэрим. Олортон Саинаны ордорон, сөбүлээн чугасыһа сатыырым. Онно Саинам бастаан кыһамматаҕа. Сыл аҥаара курдук “атаакалаан”, илин-кэлин түсүһэн былдьаһааччы 16-17 саастаах элбэх уолу кэннибэр хаалларан, 2009 сыл муус устар 4 күнүттэн паара буолан сылдьан саҕалаабыппыт. Киинэлэргэ сылдьар, дьоллоох Дьокуускай устун күүлэйдиир буолбуппут”, – диэн ахтар.
Ити сыл Петя лиссиэйин бүтэрэн, Уһук Илиннээҕи Судаарыстыбаннай сулууспа акадьыамыйатыгар “тэрилтэ экэниэмикэтэ” диэн идэни баһылыы киирбит. Онтон 2010 сыллаахха Саина Петяны батыһан, Хабаровскайга Уһук Илиҥҥи тимир суол университетыгар “Таһаҕаһы таһыыны уонна тырааныспары салайыыны тэрийии” диэн идэҕэ туттарсыбыт. Ол иннинэ Петялаах Саина хайдах биир сыл устата атын-атын куораттарга олорон, “Вконтакте”, “Mirc” курдук Интэриниэт ситимнэригэр итиэннэ иккиэн “Таптыыр нүөмэрим” диэн тарыыптаах сим-каарта атыылаһан кэпсэппиттэрин, онтон бииргэ устудьуоннаабыт сылларын үөрэ-көтө, мичээрдии ахтан аастылар.
* * *
Петя Бурнашев 2013 сыллаахха бакалавр таһымнаах үөрэҕин бүтэрэр, оттон Саина үһүс кууруһу түмүктүүр. Онон Петя салгыы Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа акадьыамыйатыгар “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салалта” диэн идэни баһылыы магистратураҕа туттарсан киирэр. Петя көҕүлээһининэн, 2013 сылтан кыбартыыра түүлэһэн бииргэ олорон саҕалыыллар. Онон дьэ кыбартыыраларын төлөөрү, бары устудьуоннар курдук, официанынан уо.д.а. үлэлииллэр. Петя үөрэҕин бүтэриэн иннинэ, 2015 сыллаахха идэтинэн Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлии киирэр. Ити сыл иккиэн үөрэхтэрин бүтэрэн, күһүн олохторун холбоон ыал буоларга, уруу тэрийэргэ быһаарыналлар. Эдэр дьон түргэннэрэ-тарҕаннара диэх курдук, атырдьах ыйын 29 күнүгэр көтөн кэлээт, олохторун холбообут үөрүүлээх күннэрин бэлиэтииллэр. Ол кэнниттэн төттөрү Хабаровскайга тиийэн, Саинаҕа таһаҕаһы тиэйэр тэрилтэҕэ идэтинэн үлэ булаллар.
Петялаах Саина 2015-2017 сылларга Хабаровскай куоракка быр-бааччы олорбуттар. Эдэрдэр “мүөттээх ыйдарын” холбоспуттарын нөҥүө сылыгар алтынньыга Вьетнамҥа бэлиэтии бараллар. Онтон 2017 сыллаахха олунньуга күүтүүлээх бастакы оҕолоро үөскээбит үөрүүтүн билэллэр. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Хабаровскай куорат оҕо төрөтөр 4 №-дээх дьиэтигэр маҥнайгы уол оҕолорун Андрейы төрөтөн, ийэ, аҕа үрдүк аатын сүгэр дьолун билэллэр.
54 КЫРААДЫС ТЫМНЫЫГА ДОЙДУЛАРЫН БУЛБУТТАРА
Петя дьиэ кэргэнин кытта Саха сиригэр көһөн кэлиилэрин маннык ахтар: “Оҕобутун сахалыы иитиэхпитин баҕарар буолан, аймахтарыттан тэйиппэт инниттэн, дойдулаах дьон төрөөбүт сирбитигэр-уоппутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр үлэлээн-хамнаан туһа¬лаары, дойдубутугар көһөөрү былаанныы сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ Алексей Федотов улуус баһылыгын көмөлөһөөччүтүн миэстэтэ баар диэн эппитэ. Онтон 2018 сыл тохсунньутугар Алексей Васильевич, кэлэргин-кэлбэккин быһаарсыахха наада диэн сибээскэ тахсыбыта. Нэдиэлэ курдук толкуйдаан баран, төрөөбүт Уус Алдаммар төннөргө быһаарыммытым. Онтон тохсунньу томороон тымныытыгар 4 ыйдаах оҕобутун кыбыммытынан, тиийэн кэлбиппит. Ол кэмҥэ Дьокуускайга 54 кыраадыс тымныы этэ”.
Ити курдук, Петя 11 сыл устата Дьокуускайынан, Хабаровскайынан тэлэһийэн, үүнэн-сайдан баран, 2018 сылтан улуус баһылыгын көмөлөһөөччүтүнэн үлэтин саҕалыыр. Онтон билигин улуустааҕы үп салалтатын начаалынньыгынан үлэлиир.
Петялаах Саинаҕа, холумтаҥҥыт өрүү сылаас буоларыгар, тапталгыт уостубакка күннэтэ күүһүрэн иһэригэр, ыалдьыттары маанылаах минньигэс аһынан көрсөр саха бастыҥ ыала дэтэргитигэр, үлэҕитигэр, ылсыбыт дьыалаҕытыгар ситиһиилэри баҕарабын.
ПЕТР БУРНАШЕВ КЭРГЭНИН ТУҺУНАН:
1. Кумах өҥнөөх, эбэтэр бирюзовай, өлбөөркөй от күөҕэ дьүһүннэри ордорор.
2. Бары кыргыттар курдук, розаны сөбүлүүр.
3. Саамай таптыыр аһа — Марха өрүстэн муҥхаламмыт сыа балык.
4. Ньикииппэр Сэмэнэп айар үлэтигэр ханыылыы, классика буолбут урукку кэм сахалыы ырыаларын сөбүлээн истэр, тэҥҥэ ыллаһар.
5. Тарбаҕар олус талааннаах – баайар, оригамилыыр, оонньуурдары оҥорор.
6. “Саха” НКИХ ханаалыгар “Кэрэ кистэлэҥэ” биэриини сэҥээрэн көрөр. Бээтинсэҕэ “Орел и решка” биэриини иккиэн көрөөччүбүт.
7. Үгүс кэрэ куолар курдук, муодаҕа, косметикаҕа сыһыаннаах “Космополитен” сурунаалы ааҕар.
8. Кореяҕа оҥоһуллубут фирма тବбаардарын атыылаһа сатааччыбыт.
САИНА БУРНАШЕВА КЭРГЭНИН ТУҺУНАН:
1. Волейболлуурун олус сөбүлүүр.
2. Эрдэ туран чаанньыгын оргутар, төлөпүөнүгэр сонуннары көрөр, биһигини уһугуннартыыр, барыбытыгар санаабытын көтөҕөр тыллары этэр.
3. Тэлэбиисэри соччо көрбөт, бэйэтэ эппитин курдук, “Орел и решка” көрөөччү.
4. Сөбүлүүр аһа олус элбэх, ол гынан баран, грузиннар “харчо” мииннэрин туохтааҕар да ордорор итиэннэ бэйэтэ эмиэ мип-минньигэс гына астыыр.
5. Ордук инстаграмҥа, батсаапка олорор. Туох саҥа буолбутун билсэр, бэйэтин олоҕун, үлэтин дьоҥҥо көрдөрөр, үөрүүтүн ү묬лэстэр. Ону тэҥэ, устуоруйаны сэҥээрэр буолан, Бикипиэдьийэҕэ киирэн историческай чахчылары, биллэр-көстөр дьон олохторун ааҕар.
6. Барыларын соруйа, дьаһайа сылдьар ис-иһиттэн лиидэр майгылаах, үлэтигэр бараары туран, миэхэ хайаан да сорудах биэрэр, санаабытын тиһэҕэр тиэрдэр, эппит тылыгар турар.
7. Бастаан билсэрбит саҕана “рок” истэрэ, ол иһин, оччоттон баччаҕа диэри “Линкин Парк” бөлөҕү уонна сахалыылартан Виталий Очировы сэргиир.
8. Наһаа киһи хараҕар хатанар чаҕылхай буолбакка, сиэрэй хараҥата, халлааҥ күөх хараҥата дьүһүннээх таҥастары таҥнар.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Айаал МОЛОКОТИН