Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан үлэлиибит

Ааптар: 
27.09.2018
Бөлөххө киир:

Бүгүн Судаарыстыбаннас күнүгэр ананар «Саха сирэ» хаһыат ыалдьытынан Алексей Михайлович Иннокентьев буолар. Кини Ньурба улууһун баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ сыл буолла.

edersaas.ru


Бастатан туран, Саха сирин бары олохтоохторун СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! — диир кини. — Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы кытта биһиги биир дойдулаахтарбыт Степан Васильев, бырааттыы Семен-1 уонна Семен-2 Донскойдар, Михаил Мегежекскэй, Александр Габышев өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһа атаҕар туруутугар тэҥҥэ үлэлэспиттэринэн уонна кэлин биллиилээх салайааччылар Семен Сюльскай, Александра Овчинникова, Анастасия Данилова, Варвара Петрова дьоһун кылааттарын киллэрсибиттэринэн киэн туттабыт.

2018 сылы улууска Үлэ уонна тыа сирин инфраструктуратын сайдыытын сылынан биллэрбиппит. Улуус үбүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 100-тэн тахса мөл. солк. көрүллүбүтэ. Өрөспүүбүлүкэ үбүн кытта холбоон, барыта 300-чэ мөл. солк. бу салааҕа ананар.

Сири кытта үлэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи кормопроизводство бырагырааматыгар киирдибит. Улуустан уонна министиэристибэттэн манна 10-нуу мөл. солк. көрүллүбүтэ. «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньата» тэриллибитэ. Аналлаах тиэхиньикэ, тэрил ылылынна. 3 сыл устата 1,5 тыһ. гаа бааһынаны чөлүгэр түһэрэн, эбиэһи, дьэһимиэни, элбэх сыллаах оту ыһыахтаахпыт. Быйыл 470 гаа сири таҥастаатылар. 1000 т сиилэс дьааматын оҥордулар.

Ньүөлсүтүллэр ходуһаларбыт үүнэн, кэлин халлааммыт туран биэрэн уонна элбэх биригээдэлэри тэрийэн, сөптөөх оппутун буллубут. 27268 т оттонон, былааммытын 83,3% толордубут. 1200 т кур оттоохпут.

Хомуур үлэтэ түмүктэннэ, хортуоппуйга былаан туолла. Үүккэ былааны (5279 т) толоруохпут. Үүккэ киилэтигэр 5-тии солк. улуустан эбии төлөбүр олохтообуппут. Нэһилиэктэри кытта сөбүлэһии түһэрсэн, тыа хаһаайыстыбатыгар төһө үбү көрөллөр да, улуустан эмиэ ирээттэһэн үбүлээһин оҥоһуллар.

Тыа хаһаайыстыбатыгар кыһалҕалар элбэхтэр. Эрдэ тутуллубут хас да эбийиэктэр сууллан, быйыл биһиэхэ тургутуу сылын курдук буолла. Дьаархаҥҥа, Өҥөлдьөҕө 100 ынахха аналлаах хотоннорун чөлүгэр түһэрдилэр. Саахалламмыт Көтөр фабрикатыгар саҥа тэрил ыллыбыт. Тэрилтэ кирэдьиит ылан атыыласта, улуустан муниципальнай мэктиэ биэрдибит. Өрөспүүбүлүкэттэн эмиэ көмө оҥоһуллар.

Хорулаҕа, Хаҥаласка, Чуукаарга 100-түү миэстэлээх саҥа хотоннор тутулла тураллар. Бүддьүөт үлэһиттэриттэн сүөһүлэрин арендаҕа ылан көрөөрү тэринэллэр. Дьаархаҥҥа, Күндээдэҕэ саҥа үүт сыахтарын дьиэлэрэ үлэҕэ киирдилэр. Күндээдэҕэ сыр оҥорорго саҥа тэрил ылан биэрдибит. Улахан болҕомто түргэнник ситэр салаалары сайыннарыыга туһуланар. Көтөр фабриката манна ылсан үлэлиир соруктаах инкубаторий ылла, дьиэтин тутта. Улуус 7 агро-оскуолатын тыа хаһаайыстыбатыгар хайыһан күүстээх үлэни ыыталларын ирдээтибит, бастакы үчүгэй хамсааһыннар бааллар.

Тутуу, суол боппуруоһа, сибээс

Быйыл 6 таас оҕо саада тутуутугар үлэ барда. Малдьаҕар, Убайаан оҕо саадтара үлэҕэ киирбиттэрэ. Маалыкай, Ньурбачаан уһуйааннара сотору үлэҕэ киириэхтэрэ. Дьиикимдэҕэ уонна Күндээдэҕэ быйыл холлоҕоһо бүтэр. Маарга 35 миэстэлээх уһуйаан тутуутун саҕалыырга аукцион биллэриллибитэ. Чаппандаҕа, Чуукаарга 150 миэстэлээх оскуола-саад бырайыактарын экспэртиисэлэрэ бүттэ. Чаппандаҕа номнуо сыбаайаларын түһэрэ сылдьаллар.

Тыа сиригэр олорор социальнай көмүскэлгэ наадыйар дьоммутугар көмөнү оҥорорго өрөспүүбүлүкэҕэ пилотнай бырайыагы саҕалаатыбыт.

Драмтыйаатыр, стадион, физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс, 280 миэстэлээх уһуйаан бырайыактара экспэртиисэни ааспыттара 6 сыл буолла. Онон саҥа ирдэбилинэн бырайыактара саҥардыллыахтаах, изысканиелара саҥаттан оҥоһуллар. Убайаан микро-оройуонугар тутуллуохтаах 360 миэстэлээх оскуола бырайыага экспэртиисэҕэ киирэн баран хаттаан төннөрүлүннэ. Бу экспэртиисэтэ 2019 сылга бүтүөҕэ.

Мөлтөх суоллаах ыраах нэһилиэккэ Тырааныспар министиэристибэтин көһө сылдьар кэллиэгийэтин ыыттарбыппыт. Мунньах уурааҕын сорох пууна номнуо олоххо киирдэ. Дьаархан-Маалыкай хайысхатынан «Ленатурфлот» салгын уйуктаах суудуната бу сайыҥҥыттан субсидиялаах тарыыбынан дьону таһан үлэлээн кэллэ.

Саамай ыраах Хорула нэһилиэгин суолун «Партнер» ХЭУо оҥорбута хас да сыл буолла. Быйыл сир болотунатын үлэтин бүтэрэр, эһиил бүтүннүү гравийдыахтаах. «Агроснаб» тэрилтэ Хатыҥ Сыһыы-Киров уонна Маалыкай-Хатыы суолугар кыра үрэхтэргэ 3 муостаны оҥордо. Атын үрэхтэргэ барыларыгар эмиэ итинник турбалары түһэртиэхпит.

Марха муостата 2019-2020 сс. үлэҕэ киирэригэр, Маалыкай түбэтигэр уонна Хорулаҕа сылы эргиччи сырыыны хааччыйарга үлэлэһэбит. Манна мэһэйдиир Куоначчаан үрэх муостатын бырайыактата сылдьабыт, суумата 250 мөл. солк. кэриҥэ. Онон федеральнай үбүлээһиҥҥэ киирдэхпитинэ эрэ кыаллыан сөп. Онуоха диэри манна баар понтон муостаҕа эбии звенолары биэрэллэрин туруорсабыт. Сүлэ-Дьиикимдэ суола докумуона барыта бүттэ, экспэртиисэни ааста. Ньурба-Сүлэ суола бу күннэргэ сметнэй экспэртиисэтэ киирдэ.

Быйыл оптоволоконнай сибээс Ньурбаҕа кэлэрэ күүтүллэр. Федеральнай суол таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга барытыгар холбонуоҕа. Бырагыраамаҕа трассаттан туора сытар нэһилиэктэргэ киирэрэ көрүллүбэтэх этэ. Ол иһин манна тустаах үлэни ыытарга саас «Ростелеком» Саха сиринээҕи филиалын кытта сөбүлэһии түһэрсибиппит. Быйыл 3 нэһилиэккэ үлэ барарыгар анаан 5 мөл. солк. көрүннүбүт. 2019 с. барытын бүтэрэргэ былаанныыбыт.

ОДьКХ эйгэтэ

Ньурба куоракка икки улахан боппуруос быһаарылла сылдьар. «Вертолетка» микро-оройуоҥҥа туспа теплопуун тутулунна, теплотрассата тардылынна. Манна саахалланар туруктаах уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан 2 дьиэ, 280 миэстэлээх уһуйаан, 500 миэстэлээх оскуола тутуллара былааннанар.

Амакинкаҕа ПАКУ диэн Энергетик кыбаарталын уҥа өттүн хааччыйар, убаҕас оттугунан үлэлиир эргэ хочуолунайы солбуйарга анаан, туспа теплопуун оҥоһулунна. Амакинка хочуолунайыттан теплотрасса тутуутугар быйыл улуустан 14 мөл. солк. эбии биэрдибит. Бу нэдиэлэҕэ ити теплотрасса холбонон үлэлиэҕэ. Эһиилгиттэн Энергетик кыбаарталга барытыгар Амакинка хочуолунайыттан уу тиэрдиллиэҕэ.

Иирэлээх үрэҕэр тахсыбыт саахал түмүгэр өрүспүт уута киртийэн, иһэр уунан хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турарын өссө төгүл көрдөрдө. «АЛРОСА» АХ толорооччу дириэктэрэ Игорь Соболев кэлбитигэр нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү тэрийэн, бэйэбит туруорсууларбытын тиэртибит. Убайааҥҥа баар, сууккаҕа 2000 кубометр ууну биэрэр саппаастаах сир аннынааҕы ууттан Ньурбаны хааччыйар боппуруоска үлэлэһэ сылдьабыт. Бары нэһилиэнньэлээх пууннарга ууну ыраастыыр ыстаансыйалары туруоран үлэлэтэргэ, 3 сылга биирдэ нэһилиэнньэ бүттүүн медицинскэй көрүүтүн ыытарга, Ньурбаҕа искэн ыарыылары эрдэттэн диагностикалыыр киини аһарга уо.д.а туруорсабыт.

Канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа тутуутун боппуруоһугар мин өссө Ньурба куоратыгар мээрдии сылдьан үлэлэспитим. Ирдэниллэр докумуона барыта оҥоһуллубутун кэннэ, «Энергетик» кыбаартал олохтоохторо утардылар диэн кэпсээн тахсан, уопсастыбаннай истиини ыытары ирдээбиттэрэ. Инньэ гынан, истиини ыытан баран, иккиһин бу бастакы ыстаадьыйаны бара сылдьабыт. «ЖКХ-Альтернатива» ХЭУо бэйэтин көҕүлээһинин киллэрэн турар. Үлэни саҕалыырга улуус бүддьүөтүгэр үп көрүммүппүт, инвестор бэйэтин үбүн эмиэ угар. Кирдээх ууну массыынанан таһарга тарыыбы 7 сыл устата оннунан хаалларыы быһыытынан өрөспүүбүлүкэ эмиэ кыттыһар. КОС 2020 с. үлэҕэ киирдэҕинэ, Ньурба куоракка кирдээх уу кыһалҕата устуллуо этэ.

Дьоҕус биисинэс уонна урбаан

Туризмы, олохтоох производствоны, нэһилиэнньэҕэ араас өҥөлөрү оҥорор салаалары уонна оскуола оҕолорун бэйэ дьыалатын тэринэргэ үөрэтиигэ болҕомто уурдубут. «Сата» турбаза (ИП Петров А.К) кэҥииригэр көмө оҥоһулунна. Ньурба 1 №-дээх уонна Киров оскуолаларыгар, техлицейгэ субсидия бэриллэн биисинэс-инкубатордар тэриллибиттэрэ.

Ньурбаҕа Биисинэс-инкубатор 2013 сылтан үлэлээбит кэмигэр, манна үлэлиир урбаанньыттар 426 үлэ миэстэтин таһаардылар, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар. Сотору гаас саппараапката үлэлиэҕэ. Тиэхиньикэни эрэ буолбакка, дьон күннээҕи олоххо туттар гаастаах баллоннарын эмиэ саппараапкалыыр буолуохтара.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Геннадий АНТОНОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0