Киһи бу орто дойдуга туох эрэ ыйаахтаах ананан кэлэригэр төрөппүттэрэ улахан оруоллаахтар. Оҕолорун киһи-хара гынар туһуттан туохтарын да харыстаабакка, баардарын-суохтарын туран биэрэллэр… Ол иһин олох салҕанар буоллаҕа. Төрөппүттэрин үтүө өрүттэрин ылынан, кинилэр арыйан биэрбит аартыктарынан олох устун айаннаабыт, элбэҕи ситиспит киһи — дьоллоох.
Түмэппийгэ Күүкэйгэ олорор мааны ыал кыыһын сыыттаабыттарын, сирбит: “Дьүһүнэ үчүгэй эрээри, доруобуйата соччото суох эбит” диэн. Кырдьык, ол кыыс уһаабатах. Онтон 12 сыл балыс, күүстээх-уохтаах, туруу үлэһит Кэтириис кыыһы сөбүлүү көрбүт. Кыыска: “Хороҕо бары уруулуу буоллулар, бу сэрииттэн кэлбит, үөрэхтээх, аҕа саастаах киһи атаҕастыа суоҕа” диэн сыыттаабыттар. Онуоха кыыс сөбүлэспит, чахчыта, Түмэппий Ньукулаайап кыыс хараҕа иҥнэр үтүө сэбэрэлээх, тыллаах-өстөөх, киһи бэрдэ этэ.
3-4 сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалбыт кыыс кыһалҕа диэни билэн улааппыта, эдьиийигэр иитиллибитэ. 10 сааһыттан ыалтан ыалга олорон, холкуоска үлэлээн барбыта. Ол үрдүнэн элэккэй, дэлэгэй, аһаҕас майгылаах кыыс буола улааппыта. Хаһан да үҥсэргээбэт, муҥатыйбат идэлээҕэ, олоҕу хайдах баарынан ылынара. Төрдүгэр башкир хааннаах буолан, сахаҕа улахан уҥуохтаах, толуу эттээх-сииннээх, күүстээх-уохтаах этэ. Пиэрмэҕэ үлэлии сылдьан, 50 киилэлээх кууллары бэрт чэпчэкитик санныгар быраҕынан баран, хаамыталыыра.
Оттон Түмэппий төрдүгэр поляк хааннаах этэ. Кини эбэтин кытта суруйааччы Күндэ эһэтэ бииргэ төрөөбүттэр. 7 кылаас үөрэхтээх буолан, сэрии иннинэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Былыргыны билэрэ-көрөрө элбэҕэ, уустаан-ураннаан кэпсиирэ, айылҕаттан алгыстаах, уус тыллааҕа. Дьоҥҥо үтүөнү баҕаран алҕаатаҕына, хайаан да туолара үһү. Ийэ дойдутун көмүскэлигэр ыҥырыллан, Брянскай фроҥҥа стрелковай полкаҕа сэриилэспитэ. 1943 сыл күһүнүгэр билиэҥҥэ түбэспитэ. Ол туһунан 1965 сыллаахха кэпсээбитин суруйааччы Уйбаан Нуолур суруйан хаалларбыт:
“Үрэх уҥуоргу өттүгэр окуопаҕа сытан ытыалаһыы буола турар. Улахан сэп тохтообутун кэннэ “ураа!” диэбитинэн тоҕо көтөн киирэ сатыыбыт. Миинэлэр кэлэн түс да түс буолаллар. Өстөөх тааҥкаларын төлө тутта быһыылаах, утары иһэллэрэ көһүннэ. Мин түспүт оҥкучахпар сытан ытыаластым. Эмискэ аттыбар миинэ кэлэн түстэ да, сырдык-хараҥа эрэ буолтун билэбин уонна суох. Төһө эбитэ буолла, ала-тала өйдөөтөхпүнэ, мас баттаабыт, тоҥолоҕум уҥуоҕа ыарыыта бэрт этэ, бүтүннүү буорга көмүллүбүт быһыылааҕым, онтон эмиэ түлэс-балас барбытым.
Биирдэ өйдөммүтүм, дьүдэх баҕайы, туос тоҥоллой курдук кубархай дьон сүүрэкэлэһэллэр, эриэн таҥастаахтар… Билиэн дии санаатым, харахпын быһа симтим, этим тоҥмут курдук дьар гынна. Ол дьон миэхэ тохтооннор айахтара хамсыыр да, истибэппин. Хас хонук, ый бу лааҕырга сылдьыбыппын билэр суох. Түөспэр хаһыс эрэ нүөмэрдээх мас дьаралыктааҕым, икки тыһыынча хаһыс эрэ сүүс этэ. Оччо элбэх киһилээх лааҕыр эбит. Атахпытыгар хатыҥ маһы дьөлө хаһан оҥоһуллубут адаҕа курдуктары кэтэрдэллэрэ. Сыгынньах киһи кырбанара-тэбиэлэнэрэ баар эбит этэ, ыарахан суол. Быттыгым уонча сыл устата ыалдьыбыта. Босхолонон баран, артиллерийскай полкаҕа сылдьыбытым. Онтон Японияны кытары сэриигэ ыытыҥ, дьоппуон самурайдарыттан туспа иэстэһэрдээхпин диэн көрдөспүтүм. Ол икки ардыгар сэрии бүтэн хаалла. Дойдубар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитим”.
Ол эрээри, оччотооҕуга өлүү лааҕырдарыттан тыыннаах ордон кэлбит дьону ытыс үрдүгэр түһэрбэттэрэ: доппуруос үөһэ доппуруос, наар уорбалааһын. Өлүөр диэри военкомакка ыҥыраллара. Ону барытын ааһан, тулуйан, тигинэччи үлэлээн-хамсаан, ыал буолан, 6 оҕону төрөтөн, улаатыннартаан иһэн, сэриигэ ылбыт баастарыттан эрдэ суох буолбута. Кэргэнэ Кэтириис 45 сааһыгар 6 оҕолоох огдообо хаалбыта.
Ньукулаайаптар Оргуллаах сайылыгар сүүстэн тахса сүөһүнү көрөн сайылыыллара. Тарбыйахтары ийэлэрин кытары сырытыннаран, төлөһүтэллэрэ. Ынахтары ыабат этилэр. Онон оҕолоро сайылыкка үлэлээн-хамсаан, ийэ айылҕалыын алтыһан, көҥүллүк тыынан улааппыттара.
Дьылҕа ыйбыт суолунан
Бу маннык үтүөкэн дьон сыдьааннара эмиэ үтүө суоллаах-иистээх, дьоһун үлэлээх-хамнастаах буолаллара саарбаҕа суох. Кыра кыыстара Марта суруналыыс, өр сылларга Сунтаар улууһугар ыытыллар үлэни-хамнаһы араадьыйаҕа сырдатан, өрөспүүбүлүкэҕэ билиһиннэрэн кэллэ.
Микрофоннаах кыыс араадьыйатын тэрилин сүкпүтүнэн улуус бары нэһилиэктэригэр, бэл, суола-ииһэ суох бүччүм сайылыктарыгар тиийтэлээн, отчут-масчыт, үлэһит дьону кытары кэпсэтэн, үлэни-хамнаһы сырдатан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иһитиннэрэрэ. Ол саҕана Марта Николаева куолаһа саха араадьыйатыгар күн аайы чоргуйара.
Ити курдук 1999 сылга боруобаттаах араадьыйа арахсыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлэн, 2012 сылга диэри “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа, 2016 сылга диэри “Виктория” араадьыйаҕа үлэлээбитэ.
Оһуохайдьыттары үйэтиппитэ
Марта Тимофеевна эдэр эрдэҕиттэн тоҕо эрэ оһуохайга тардыһара. Хаана тардара эбитэ дуу? Ыһыахха бардаҕына, атахтара түһүлгэҕэ сирдээн илдьэллэрэ. Оо, оччолорго Сунтаар оһуохайа түүннэри-күнүстэри ыытыллар быстыбат тыыннаах, дьон-норуот бүтүннүү үлүһүйэр, сөбүлүүр үҥкүүтэ этэ эбээт!.
Бииртэн биир аатырбыт этээччилэр былдьаһа-былдьаһа этэн күөгэтэллэрэ. Дэлэҕэ райком 1-кы сэкиритээрэ (билиҥҥинэн улуус баһылыга дуоһунастаах) Анатолий Афанасьевич Попов бэйэтинэн көҕүлүө дуо?. Райком 2-с сэкиритээрэ Прокопий Иванович Уаров бэрт үчүгэй куоластаах үҥкүү этээччи этэ. Отдел үлэһиттэрэ Юрий Егорович Иванов, Иван Федорович Васильев кылыһахтаах куоластаах, хомоҕой хоһоонноох этээччилэр, көҕүлээччилэр этэ.
Баартыйа райкомун пленумугар сарсыардаттан мунньахтаан-мунньахтаан баран, эбиэккэ тохтобул кэмигэр бары тоҕо сууллан тахсан, оһуохайдаан бараллара, аһыыр да бокуой суох буолара. Ити этиллибит дьон, салайааччылар бэйэлэрэ үҥкүү тылын таһаараллара.
Эдэр кэрэспэдьиэн Марта Николаева ол иһин пленумҥа сылдьарын олус сөбүлүүрэ. Ол курдук, ыһыахтарга эмиэ сырса сылдьан, этээччилэргэ кынат буолара. 1995 сыллаахха оһуохайынан “ыалдьар” кыыһы таба көрөн, Сунтаар нэһилиэгэр Оһуохай сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. 2010 сылтан бэйэтэ этэр буолбута. Дьокуускайга кэлэн баран, 2013 сыллаахха “Оһуохай” уопсастыба сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан талыллан, үлэлии сылдьар.
“Сунтаар – Олоҥхо дойдута” сиэрийэнэн 2017 сыллаахха тахсыбыт “Сунтаар оһуокайа” кинигэтигэр 70-тан тахса киһини киллэрбитэ. Оһуохайдыылларын батыһа сылдьан устан баран, ону сурукка түһэрэн, улахан үлэни көрсүбүтэ. Онон, кэм-кэрдии аастаҕын аайы, умнуллуон сөптөөх көстүүнү, чулуу этээччилэр үлэлэрин үйэтиппит өҥөлөөх.
«Сүрэх сөбүлүүр дьарыгын булар —дьол”
— Марта Тимофеевна, эдэр дьоҥҥо быһааран эттэххинэ, сахаҕа оһуохай суолтата туохханый?
— “Сахалар көрү-нары наһаа батыһаллар, оһуохайдаан тахсаллар” диэн хомуруйааччылар. Маннык тыйыс усулуобуйаҕа олорон, тымныы кыһыны туораан баран, ыһыахха кэлэн үөрэн-көтөн, биирдэ көрүлүүллэрэ буруй буоллаҕай? Атын омуктар олус сэргииллэр ээ.
Бу — биһиги уратыбыт, тыыммыт, өбүгэлэртэн кэлбит сыаната суох бэлэхпит, куппутун харыстыыр ньымабыт буоллаҕа. Ис-искиттэн нэмийэн эттэххэ, эниэргийэ бөҕө тахсар ээ, көтө сылдьар курдук буолаҕын…
— 80-с сыллардааҕы уонна билиҥҥи оһуохай уратылаахтар дуо?
— Көлүөнэ бэйэтэ тус-туспа уратылаах, чаҕылхай дьонноох буолар. Ол саҕана үчүгэй да, боростуой да этээччилэр бааллара. Билигин эмиэ оннук. Оччолорго Оһуохай ыһыаҕын курдук улахан тэрээһиннэр ыытыллаллара буоллар, өссө сайдыа, тахсыа эбиттэрэ буолуо… Билигин эмиэ үчүгэй этээччилэр бааллар, эдэрдэр да бааллар, онон оһуохай кэскиллээх. Ол туһугар күннэтэ үлэлии-хамсыы, тарҕата сылдьар дьоммут.
Бэйэм, төһө да орто баайыылаах этээччи буолбутум иһин, кинигэ суруйан, сырдатан, үйэтитэн, син сөбүгэр үлэни ыыттаҕым дии саныыбын. Сүрэх сөбүлүүр дьарыгын булуу – дьол.
Ааспыт олохпун эргиллэн көрдөхпүнэ, “фанат” курдук араадьыйанан эрэ олорон кэлбит эбиппин. Тус олоҕу да умнан туран, үлэҕэ наһаа итинник бэринэр куһаҕан эбит. Ыал буолар туһунан биирдэ да санаабатахпын, өйүҥ-санааҥ атыҥҥа, өйдөөбөт, ылыммат буоллаххына, оннук ааһан иһэр буоллаҕа. Үлэбиттэн уурайан баран, хомойбут, тугу гынарбын билбэт курдук турукка киирбитим. Ол эрээри, барыта үчүгэйгэ диэн санаабын уоскутуммутум.
Олоҕум уларыйбыта эмиэ да үчүгэй эбит. Олоҕу хайдах баарынан ылыныахтааххын. Саҥа турук, олох салҕаныыта сиэннэргэ саҕыллар эбит. Оҕолорбор көмөлөһөн, өрөбүлгэ сиэннэрбин көрсөбүн.
Олох олорор диэн олус кэрэ! Эдэр да, эмэн да сааска, кыраттан да үөрэн, дьоллонон, дьоҥҥо туһаны аҕалан, үтүөҕэ тардыһан олорортон ордук туох баар буолуой?.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.