Айылҕаттан чаҕылхай талаан, ураты артистичность, көрөөччүгэ сөбүлэтэр, үчүгэй, ис-киирбэх көрүҥ, туйгун тиэхиньикэ – балет солиһа Алексей Поповка чуолаан бу хаачыстыбалара айар үлэтигэр улахан ситиһиини, көрөөччү истиҥ билиниитин аҕалбыттара. Кини биир идэлээхтэрин ортолоругар, тута кэриэтэ, айар үлэҕэ лиидэринэн буолбута.
edersaas.ru
Туохтан саҕаланна этэй, кини олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт айымньылаах үлэтигэр айана?
Алексей Андреевич Попов 1946 сыллаахха Дьокуускай куоракка мусукаалынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Саха сиригэр маннык көстүү, арааһа, бастакы буолбатах буоллаҕына — биир бастакы буолбута эрэбил. Аҕата Андрей Филиппович Костин биллиилээх мусукаалынай диэйэтэл, композитор, өссө 40-с сыллардаахха соҕурууттан Саха сиригэр мусукаалынай култуураны сайыннара кэлбит көлүөнэ биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ этэ.
Ийэтэ Мария Михайловна Попова — Саха сиригэр 30-40-с сыллардаахха “атахтарыгар саҥа туран эрэр” бастакы көлүөнэ балет артыыстарыттан эмиэ биир бастакылара. Оччолорго этэ дии – Суорун Омоллоон либреттотыгар саха бастакы балета “Сир симэҕэ” (М.Жирков, Г.Литинскэй) турбута — Аксения Посельская, Иннокентий Христофоров, Мария Попова, о.д.а. үҥкүүлээбиттэрэ.
Онтон 1958 сыллаахха 12 саастаах Алешаны төрөппүттэрэ, дьоҕурдааҕын көрөн, Новосибирскайдааҕы хореографическай училище экиспэримэнтээлинэй кылааһыгар киллэрбиттэрэ. 1964 сыллаахха уол үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт Дьокуускайыгар эргиллэн кэлэр уонна П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай мусукаалынай-драматическай тыйаатырга сахалартан бастакы идэтийбит балет артыыһа буолар.
Хайдах курдук айымньылаахтык үлэлээбитин сыччах маннык даҕаны биир чахчы ырылхайдык туоһулуур: 1968 сыллаахха Алексей Попов Ж.Батуев “Чурумчуку” балетыгар Чурумчуку итиэннэ И.Штраус “Голубой Дунай” балетыгар Франц партияларын, Наталья Христофорова ити балеттарга Ньургуйаана уонна Анна партияларын ситиһиилээхтик толорууларын иһин Былатыан Ойуунускай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреаттарынан буолбуттара.
Үгүс көрөөччүлэр билигин даҕаны Алексей Попов Ромеотын умнубаттар (П.Чайковскай “Ромео уонна Джульетта”). Араас сылларга олус истиҥ, кэрэ, нарын иэйиилээх миниатюраларга Алексей Попов Наталья Христофоровалыын, Саргылаана Саввиналыын, Евдокия Степановалыын, Клавдия Ивановалыын дуэттарын дьон-сэргэ эмиэ умнубаттык өйдөөн хаалбыт.
1966 сыллаахха аан бастаан кини балетмейстер быһыытынан биллибитэ – Д.Шостакович аатырбыт “Барышня и Хулиган” балетын туруорбута. Манна кини бэйэтэ айбыт “Күлүгээнин” уобараһа саха сыанатыгар актер саамай бастыҥ үлэлэригэр киирбитэ.
1967-1972 сылларга Алексей Попов ГИТИС-кэ үөрэнэн, балетмейстерскай факультеты эмиэ ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кини дипломнай үлэтинэн В.Бочаров “Сияние Севера” биир акталаах балет буолбута. Дьэ бу манна кини, саха худуоһунньуктарын Афанасий Мунхалов, Валериан Васильев, о.д.а. графикаларын матыыптарынан национальнай колориты олус тоҕоостоохтук уонна табыгастаахтык киллэрэн, көрөөччүнү сөхтөрбүтэ да, киэҥ биһирэбили да ылбыта.
Мантан ыла Алексей Попов туруорар испэктээктэригэр, миниатюраларыгар дьиҥнээх классика, сахалыы национальнай уонна аныгылыы үҥкүүлэр олус бэркэ дьүөрэлэһэллэр. Бу кини балетмейстер быһыытынан уратыта, саамай сөптөөх суолга тайаммыт айар үлэтин бэлиэтэ, саха балетнай ускуустубатыгар киллэрбит сонун сүүрээнэ уонна улахан ситиһиитэ этэ.
Өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор биир саамай чаҕылхай, үтүө үгэс буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Стерх” балет бэстибээлэ буола турдаҕына, кылгас эрээри олус баай ис хоһоонноох олоҕор көрөөччү истиҥ тапталын билбит, сахалартан бастакы идэтийбит балет солиһа, биир бастакы талааннаах балетмейстер уонна сэмэй, үтүө киһи, ыал аҕата Алексей ПОПОВ дьиэ кэргэнин көрүстүм.
Ырааҕы өтө көрбүтэ…
Ирина Иннокентьевна БОРИСОВА, балетовед, АГИКИ дассыана, СӨ үтүөлээх артыыһа:
- Мин кэргэним Алексей Андреевич, хореограф-ааптар, балетмейстер быһыытынан, былаана олус элбэх этэ. Оччолорго кини, 80-90-с сыллар саҕаланыыларыгар сахалыы национальнай балеты туруорууга туох баар билиитин-көрүүтүн, сатабылын ууран, күүскэ ылсан үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Норуот самосознаниета уһуктуута — бириэмэ-кэм да ирдэбилэ буоллаҕа. Ол курдук, бастакы айымньытын — Бочаров “Сияние Севера” испэктээгин 1974 сыллаахха туруорбута. 1976 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов хорсун быһыытын туһунан “Подвиг” испэктээги ситиһиилээхтик туруорбута. Манна сүрүн партияны Анатолий Ултургашев итэҕэтиилээхтик толорбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха буойуннара Ийэ дойду туһугар бэйэлэрин олохторун толук уурууларын туһунан, бу ытык тиэмэни арыйыыга кини Салиман-Владимиров “Священный Ильмень” балетнай испэктээги 1978 сыллаахха туруорбута. Уопсайынан, бу сылларга испэктээктэри туруорууга кини хореограф уонна балетмейстер быһыытынан олус элбэҕи үлэлээбитэ, ол курдук, холобур, 1980 сыллаахха Пуни “Собор Парижской богоматери”, нөҥүө сылыгар Чайковскай “Щелкунчик”, 1983-кэ Пейко “Абакаяда”, 1984-кэ Морозов “Доктор Айболит”, 1987-ҕэ Ж.Бизе-Р.Щедрин “Кармен-сюита”, Чайковскай “Лебединое озеро” II актатын, 1988 сыллаахха Гладков “Двенадцать стульев”, 1989-ка Бочаров “Маугли”, 1990 сыллаахха Комраков “Северная легенда”, о.д.а. туруоруллаллар. Бу уонна да атын үлэлэрэ кини ураты буочарын көрдөрөллөр. “Сияние Севера” букатын шедевр буолбут айымньы диэн сыаналыыбын. Оччолорго ити, этэргэ дылы, “тыыннаммыт хартыына” – билигин “ожившие картины” диэн бырайыактары таһаараллар дии, чахчыта оннук этэ, дьиҥэр. Көрөөччүнү соһуппута, үөрпүтэ. “Ырааҕы да өтө көрөр эбит” , — диэн билигин саныыбын. Кинини новатор – саҥаны киллэрээччи диэххэ сөп.
70-с сылларга балетмейстердар куонкурустара саҕаламмыттара. Алексей Попов “Девочка и олень” миниатюратынан Москваҕа Балетмейстердар Бүтүн Сойуустааҕы куонкурустарын дипломана буолбута. Наталья Христофорова уонна Геннадий Баишев үҥкүүлээбиттэрэ. Хайдах курдук үчүгэй этэй! Букатын – сенсация! Саха балетын устуоруйатыгар бу аан бастакы улахан ситиһии этэ. Наталья Христофороваҕа “Бастыҥ толоруу иһин” бирииһи эмиэ туттарбыттара. Москва кириитиктэрэ киин сурунаалларга, хаһыаттарга Алексей Попов айар үлэтигэр олус үчүгэй сыанабылы биэрбиттэрэ. “От олонхо до Жизели…” диэн, биирдэ өссө “Танец в унтах” диэн төбөлөөх ыстатыйа эмиэ баара. Кини аатырбыт миниатюралара билигин даҕаны ситиһиилээхтэр.
Алексей өссө да үгүһү, элбэҕи айыахтаах этэ…
— Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар, эн көҕүлээһиҥҥинэн, аҕыйах сыллааҕыта “Данс-фестиваль Саха” диэн балет бэстибээлэ ыытыллыбыта. Бу бэстибээл уратыта туохханый уонна өссө ыытыллыа дуо?
— Биһиги бу, 2016 сыллаахха буолбут Норуоттар икки ардыларынааҕы аныгылыы үҥкүү бэстибээлин Алексей Попов төрөөбүтэ 70 сылыгар анаабыппыт. Мин толороочу дириэктэр этим. Кини идэтийбит балет солиһа уонна сахаттан эмиэ бастакы балетмейстер, классиканы да, аныгылыы үҥкүүнү да, национальнай үҥкүүнү да кыайа-хото тутара, барытын мындырдык дьүөрэлээн, тэҥник хабан үлэлиирэ. Бу бэстибээлгэ сүрүннээн эдэрдэр кыттыбыттара. Алексей бэйэтэ хаһан эрэ туруорбут Мариус Петипа “Баядерка” балетыгар тирэҕирбиппит. Сүрүн партияны ыҥырыллан кэлбит солист Кимин Ким чаҕылхайдык толорбута. Онтон “Золушка”, “Вальпургиева ночь”… Бэстибээлбит, соһуччу, олус үчүгэйдик тахсыбыта. Табыллыбыта. Алексей Андреевич туһунан олус истиҥ ахтыы киэһэлэрэ буолбуттара. Туох билэр, бэстибээл баҕар, өссө салгыы ыытыллыаҕа…
Кэргэн, аҕа, киһи быһыытынан Алексей холобурга сылдьар, олус үчүгэй, эйэҕэс, элэккэй, сымнаҕас майгылаах этэ. Дьокуускайга төһө даҕаны усулуобуйабыт суох, дьиэбит суох буоллар, дьоллоох этибит. Оҕобут Маша төрөөбүтэ. Тыйаатыр оҕото диэн кини буолар. Олорор дьиэ биэрэбит диэбиттэрин иһин, биир сыл Магадаҥҥа баран үлэлии сылдьыбыппыт. Онтон, 1991 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбит, тыйаатырбыт төттөрү ыҥыран ылбыта. 1992 сыллаахха таас дьиэҕэ кыбартыыра биэрбиттэрэ. Үөрүүбүт үрдээбитэ. Хомойуох иһин, кини саҥа дьиэтигэр биир эрэ сыл олорбута… Алексей кыыһын олус таптыыра, үгүстүк хаартыскаҕа түһэрэрэ, камераҕа устара. “Русь” диэн киинэ камератын куруутун тута сылдьара, биир идэлээхтэрин эмиэ үгүстүк устубута дьиэтээҕи архыыппытыгар баар.
Саха АССР үтүөлээх артыыһа Алексей Попов аата саха балетыгар ааттана туруоҕа. Кини балекка уһуйбут үөрэнээччилэрэ, туруорбут испэктээктэрэ бааллар, кини саҕалаабыт үгэстэрин салгыыр дьон өссө да баар буолуохтара диэн эрэнэбин.
Ийэлээх аҕам туһунан киинэни үйэм тухары оҥоруоҕум!
Мария Алексеевна КОНСТАНТИНОВА — “Саха” НКИХ уонна “Мамонт” телеханааллар эфирнэй биэриилэрин дириэксийэлэрин сүрүн режиссера, Алексей Попов кыыһа:
— Мин ийэлээх аҕабар соҕотох оҕо буоламмын дуу, хайдах эрэ, эппиэтинэһи өйдүүр курдукпун… Саамай бастакы өйдөбүлүм – үстээхпэр дуу, баҕар, арыый эрдэ дуу, Дзержинскэй аатынан уулуссаҕа уопсай дьиэҕэ олорбуппут. Ийэбэр, оччолорго Ленинград куоракка Ваганова аатынан Хореографическай училищены бүтэрэн кэлбит эдэр исписэлиискэ, хос биэрбиттэр этэ. Кэлин кини Санкт-Петербурдааҕы А.Я. Ваганова аатынан Нуучча балетын академиятын бүтэрэн, искусствовед-балетовед идэтин ылбыта. Билигин кандидатскай үлэтин бэлэмнээн, көмүскүүрэ эрэ хаалла.
Аҕам миигин олус таптыырын өйдүүбүн. Өрө быраҕара, хабан ылара… Кыратык да бириэмэ көһүннэр эрэ, миигинниин бодьуустаһарын сөбүлүүрэ. Дьонум, дьиҥэр, айар үлэлэринэн, тыйаатырдарынан олорор курдуктара. Киэһээ испэктээк кэнниттэн хойут кэлэллэрэ. Ол иһин мин оннооҕор оҕо саадыгар сылдьыбатаҕым. Наар тыйаатырга илдьэ бараллара. Хата сайыным эбээм аахха Майаҕа бэркэ ааһара. Аҕабынан киэн туттарым, кини олус үчүгэйдик футбол оонньуура, бэркэ харбыыра – дьонум миигин үгүстүк муораҕа илдьэ бараллара. Дьиэҕэ ийэбэр үөрүүнэн көмөлөһөрө, оннооҕор бэлимиэн, эттээх хортуоска соккуой оҥороро олус минньигэс буолара. Билигин аҕабар куруутун махтана саныыбын…
Тыйаатырга миигин испэктээктэргэ кытыннараллара. “Золушкаҕа” кылаабынай гномик – мин, “Мауглига” кылаабынай эбисийээҥкэ – эмиэ мин… Ол эрээри, артыыс идэтин талбатаҕым…
Аҕам ыалдьан бу Күн сириттэн барарыгар, 10 саастааҕым. Хайдах маннык буолла – аҕабын бары таптыыр этилэр, оттон билигин кини суох, диэн, олус хомойбутум, өр уоскуйбатаҕым… Идэбин таларбар, арааһа, аҕам хаартыскаҕа түһэриинэн, киинэ камераҕа устуунан үлүһүйэн туран дьарыктаныыта дьайбыта быһыылааҕа. Аҕам премьераларга, араас кэнсиэртэргэ, гостуруолларга, бэстибээллэргэ, эрэпэтииссийэлэргэ даҕаны, камератын мэлдьи илдьэ сылдьара. Ол, билигин санаатахха, киниэхэ үлэтигэр наадалаах эбит. Ийэм кэлин миэхэ эмиэ видеокамера атыылаһан бэлэхтээбитэ.
2005 сыллаахха мин Санкт-Петербурдааҕы Киинэ уонна тэлэбиидэнньэ университетын үөрэнэн бүтэрбитим. Билигин бу сөбүлүүр идэбинэн үлэлиибин. Олоҕум аргыһыныын, кэргэмминиин Дмитрийдиин эмиэ тэлэбиидэнньэҕэ, иккиэн режиссерунан үлэлии сылдьаммыт, көрсүспүппүт. Онон, тэлэбиидэнньэ – мин олоҕум. Уолбут Рома 3 саастаах. Хайа эрэ өттүнэн, айар өттүнэн эбитэ дуу, эһээтигэр марынныыр курдук. Ол эрээри, инникитин ханнык идэни талыаҕын бакаа билбэппит…
Аҕам төрөөбүтэ 70 сылын туолуутугар, “SAKHA DANCE FESTIVAL” норуоттар икки ардыларынааҕы балет бэстибээлэ, ол чэрчитинэн “төгүрүк остуол” тула олорон кэпсэтии буолбута. Бу кэмҥэ “Балет туһугар олох” диэн киинэбиттэн фрагменнары көрдөрбүттэрэ. Ити киинэни оҥорорбор өрөспүүбүлүкэтээҕи архыыпка, тэлэбиидэнньэ архыыбыгар үлэлээбитим уонна дьиэ кэргэним архыыбын хаһыспытым. Манна аҕам бэйэтэ араас кэмнэргэ устубут сюжеттэрэ, роликтара олус туһалаабыттара, матырыйаалы биллэ байыппыттара. Ийэм, биир идэлээхтэрэ, доҕотторо киинэни көрөн олус долгуйбуттара, үөрбүттэрэ, диир.
Аҕам олус талааннааҕа. Талааннаах киһи туохха барытыгар талааннаах.
Мин аҕам туһунан, ийэлээх аҕам тустарынан киинэни үйэм тухары оҥоруоҕум!
ХХХ
Өссө 1977 сыллаахха Арассыыйа биллиилээх балетоведа, тыйаатыр историга, театральнай кириитик Николай Эльяш кини туһунан: “Якут Алексей Попов с одинаковым увлечением работает над воплощением национальных и классических спектаклей. Он обогатил репертуар театра Якутии балетами “Жизель” Адана, “Ромео и Джульетта” Чайковского, “Барышня и Хулиган” Шостаковича, а также национальными произведениями как “Сияние Севера” Бочарова, “Подвиг” Комракова…”, — диэн суруйбута.
Алексей Попов киэҥ далааһыннаах айар үлэтин кытта саха сыанатыгар көрөөччүнү олус сэҥээрдибит, сэргэхсиппит саҥа тиэмэлэр, саҥа сюжеттэр, саҥа кэм саҥа дьоруойдара, саҥа, сонун, итиэннэ, саха киһитэ омук быһыытынан кэрэтин, кэскиллээҕин кэрэһилиир саҥа сүүрээннэр үөскээбиттэрэ. Ол сүүрээн, көрөр-истэр тухары, күн бүгүн да баар, салҕанар.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru
Хаартыскалар дьиэ кэргэн архыыбыттан.