Олоҥхо ыһыаҕын биир уратытынан, кэрэ көстүүтүнэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону араас улуустартан түмсэн, 100 киһи уус-ураннык аахпыта буолар. Бу тэрээһини Үөһээ Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэ тэрийдэ. Саха АССР 100 сылыгар ананна.
Олоҥхону икки күнү быһа аахтылар. Бастакы күҥҥэ, бэл диэтэр, саха тылын үөрэтэр турок Умит Шахин кыттыбыта сэргэхсийиини таһаарда, сэҥээриини ылла.
Кыттыбыт, аахпыт дьон хаартыскаларын анал истиэндэҕэ сыһыаран иһэллэр, илии баттаталлар уонна бэлэх биэрэллэр эбит.
Үөһээ Бүлүү 4-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала, психолог Мария Тимофеевна Александрова Туйаарыма Куо монологун аахта. Кини бу курдук кэпсиир:
— Бу иннинэ Ынта Никиитэ »Көр Буурай Бухатыыр» олоҥхотун тэрилтэлэр салайааччылара аахпыттара, онно кыттыбытым. Бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, ыҥырыы таһааран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааҕар дьону сыымайдааһын буолбута. Онно хабыллан, араас идэлээх, араас саастаах дьон талыллан, бу улуу олоҥхону 10-нуу мүнүүтэ аахтыбыт.
Бу саас эрдэттэн »батсаапка» бөлөх тэриллэн, тиэкиһин араартаан, куратор анаан, кини үөрэтэн, көмөлөһөн, сүрдээх тэрээһиннээх этэ.
Мин Туйаарыма Куо монологун ыарырҕаттым, долгуйдум, тоҕо диэтэр, ытыыр-соҥуур, кэмиринэр. Ол да буоллар, оруолбар киирдим дии санаатым.
Мин маннык улахан, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһиҥҥэ кыттан, Олоҥхо ыһыаҕар кыттыстым диэн астынным, киэн тутуннум. Тыл сүмэтин ылынар, ис хоһоонун өйдүүр миэхэ наада, үлэбитигэр туһанабыт. Оскуолабыт сахалыы тыыннаах, оҕолору олоҥхонон үөрэтэбит. Ол да үрдүнэн билбэппит олус элбэх, билбэтим эбии интэриэһи көбүттэ. Саха тыла — муҥура биллибэт байҕал, олоҥхо ону тутан хаалбыт баайбыт буолар. Онон олоҥхону ааҕыҥ, тылы билэргэ, ыраастык саҥарарга дьулуһуҥ диэн ыҥырыам этэ.
Эбэн эттэххэ, бу маннык олоҥхону уус-уран ааҕыыга идэтийбит олоҥхоһуттар буолбакка, көннөрү дьон кыттыбыттара — олоҥхону тарҕатыыга, дьоҥҥо тиэрдиигэ биир кэрэхсэбиллээх ньыма буолар.
Үөһээ Бүлүүттэн Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.