Олоҥхону ЮНЕСКО-ҕа иһитиннэрбит кыыс

Бөлөххө киир:

1993 сыл. Франция Париж куоратыгар ЮНЕСКО-ҕа уһук хоту Саха сирин быыкаай­каан кыысчаана Мира Самырова сахалыы сайбаччы таҥнан тахсан, улуу суруйааччы Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан киһи эрэ сөҕүөх, кэрэхсиэх, үөрүөх-көтүөх уһулуччу чаҕылхайдык толорбута.


Бу саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар этэ.

Кыысчаан чаҕылхай сулустуу соҕотохто сандаарыс гына түспүтэ. Кини сценаҕа олоҥхону толоро тахсарын киһи эрэ бары долгуйа күүтэр буолбута. Кырачаан кыысчаан хорсуннук-хоодуоттук туттан таҕыстаҕына, саала иһэ ытыс тыаһынан өрө хабылла түһэрэ. Телевизорга биэрэ турар буоллахтарына, дьиэ кэргэн бүттүүн ыҥырсан оллоонноон олороллоро. Иэримэ дьиэлэрин иһигэр, оҕо саадтарыгар, оскуолаларга итинтэн саҕыллан, олоҥхону үөрэтэллэрэ-такайаллара сыыйа-баайа да буоллар олоххо киирэн, устунан тиһиктэнэн, элбээн барбыта. Ол эрээри, күннэр-дьыллар хотоҕостуу субуллан ааһалларыгар, сүрэҕи-быары өрүкүппүт олоҥхоһут оҕобут көстөрө сэдэхсийэн барбыта. Оттон көрөөччүлэр харахтарын далыгар куруук илдьэ сылдьыахтарын баҕараллара кэмнээх буолуо дуо?! Ол иһин, “Олоҥхоһут кыыспыт билигин ханна баарый? Хайа дойду оҕото этэй? Туох үлэһит буолла? Олоҥхолуур дуо?” диэн, о.д.а. ыйыталлара элбэх.

Дьаралыктыйа Былатыантан тардыылаах

Мира Самырова ааспыты маннык ахтар: «Мин Таатта улууһун Чөркөөҕөр бэс ыйын 22 күнүгэр 1985 сыллаах­ха эдэр дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт, бырааттаахпын, балтылаахпын. Икки эбээ, икки эһээ күүтүүлээх бастакы сиэннэрэ буоламмын атаахтаан, далбарданан аҕай биэрэрим. Күнү-күннүктээн кырдьаҕас дьоммунуун алтыһан буоллаҕа эбитэ дуу, кыра сылдьан улахан киһи курдук лоп бааччы тыллаах-өстөөх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах үһүбүн.

Ону таба көрөн буолуо, маҥнайгы учууталым  Аграфена Ивановна Аржакова 6 саастаахпар (оччолорго бастакы кылааска үөрэнэр этим) П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыы тиэкиһин нойосуус үөрэт диэн туттаран кэбиспитэ. Өйдүүрбүнэн, уонча илиис этэ. Дьэ, мин дьиэбэр тиийэн аах да аах. Эбээм, эһээм истэ сылдьаннар, тылбын-өспүн көннөрөн биэрэллэр. Сөҕөллөр-махтайаллар. Оччоҕо дэбдэс гына түһэбин да, умсугуйан аахпытынан барабын. Дьоммун үөрдэрим кэмнээх буолуо дуо… Ийэм киэһэ тугу үөрэппиппин истэр. Учууталым олоҥхо дьоруойдара хайдах туттан-хаптан ыллыылларын-туойалларын барытын көрдөрөн, наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ. Онон биэс күн иһигэр барытын билбитим. Итинтэн саҕаламмыта, олоҥхону бастакы толоруум.

Учууталым туһунан истиҥник

Учууталым Аграфена Ивановна үлэ диэн баран муннукка ытаа­быт, айылҕаттан айдарыылаах Учуутал. Биһигини хайдахтаах курдук кыһаллан үчүгэйдик үөрэппитин сөҕөбүн. 1 кылааска мүнүүтэҕэ 90-100 тылы ааҕарбыт, суот-садаа­ча биир оннук таһымнааҕа. Ол түмүгэр, үөрэппит оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх, араас идэлээх дьоммут.

Чөркөөхтөн Парижка олоҥхолуу

1993 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үгүс тэрээһиннэр  ыытыллыбыттара. Ол сайын Чөркөөххө оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыыларга олоҥхоһуттар күрэстэригэр бастаабытым. Күһүн үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир күн дириэктэр хоһугар ыҥыттардылар. Мин кыргыттары кытары эккирэтиһэ оонньоон бокуо­йа суохпун. “Үчүгэй баҕайытык оонньоон истэхпитинэ” диэн испэр кыһыйдарбын да, кып-кыһыл сирэйдээх киһи кэбиниэт ортотугар биирдэ баар буола түстүм. Онно: «Мира-а, ахсынньыга Парижка барар буоллуҥ ээ. Олоҥхолуу», — диэтилэр. Мин үөрэн харахпын муҥунан көрөн кэбистим, үөрүүбүттэн айаҕым ыпсыбат буолан хаалла. Оччолорго Париж Франция киинэ, олус кырасыабай куорат, онно Эйфель башнята баар диэн истэн билэр этим. Уопсайынан, дьонум такайар буоланнар, дойдулар кииннэрин, Африка судаарыстыбаларыгар тиийэ билэрим. Дьон дьээбэлэнэн ыйыт да ыйыт буоллахтарына, хоруйдаан чап гыннаран иһэрим.

Андаҕар

Үөрүүлээх сонуммун кэпсии охсоору, уруок кэнниттэн дьиэбэр сүүрүүнэн аҕылаан-мэҕилээн аҕай тиийдим. Эбээм эрэ баар эбит. Ийэм аах аймахтарбытыгар барбыттар. Суумкабын ороммор элитээт, куукунаҕа эбээбэр кэлэн эттим да, улаханнык аахайбата. Ол иһин, сиирэ-халты аһыы охсоот, дьоммор ыстанным. Туос бөтөрөҥүнэн тии­йэн ийэбэр эппиппин: «Чэ, ону-маны кэпсээмэ, солом суох», — диэн кэбистэ. Мин тохтоон бэрт. Иннигэр күөйэ сылдьан: «Маа, маа, кырдьык этэбин, олоҥхолуу барар үһүбүн ээ, Парижка”, — диибин. Онтон ыкссатым уонна: “Клянусь. Клянусь” дии-диибин төҥкөйөн турдаҕына сирэйигэр чугаһаа да чугаһаа буоллум. Ийэм онно дьэ итэҕэйэн, үөрүү бөҕө буолла.

Бэрэсидьиэн наһаа да үчүгэй киһи эбиит!

Ахсынньыбын өр да күүппүтүм. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс улуу Ойуунскай 100 сааһын бэлиэ­тии өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн Парижка көттүм. Парижка тиийбитим, остуоруйа дойдутугар кииэрн хаалбыт курдук этэ. Эчи кырасыабайын, ырааһын, астара-үөллэрэ минньигэһин! Эйфель башнятыгар, Луврга, Диснейлеҥҥэ сылдьан, мааһым адьас табылынна. Хас да кэнсиэргэ, ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар олоҥхолоон биһирэнним.

Бэрэсидьиэн Михаил Николаевы кытта “олоҥхолоо­бут оҕобут бу баар” диэн сиэ­тэн илдьэн көрүһүннэрбиттэригэр илии тутуспутум. Хантайан көрбүтүм, олус кырасыабай, мааны. Аны наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр. Михаил Ефимович хайҕаабыта, төбөм оройуттан сыллаан ылбыта уонна Микки Маустаах үрүсээк бэлэхтээбитэ. Онно бу бэрэсидьиэн диэн наһаа да үчүгэй киһи эбиит дии санаабытым. Ол бэлэхтээбит үрүсээгин уура сылдьабын.

Өссө онно сылдьан французтуу ырыаны истэн үөрэппитим. Дойдубар кэлэн баран, көрдөстөхтөрүн аайы харса суох ыллаа да ыллаа.  Ону билигин санаатахпына, күлэбин ээ. Туох-туох диирим эбитэ буолла…

Мусукаан буолбат эбиппин

1995 сыллаахха Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэ кэлбитим. Фортепианоҕа учуу­талларым Попова Анна Алексеевна, Григорьева Виктория Георгиевна наһаа кыһаллан уһуйбуттара. Ол гынан баран, ити мин аналым буолбатах эбит. СГУ юридическай факультетыгар киирэн баран, высшай математикаттан сылтаан тохтообутум. Тоҕо диэтэххэ, Муусука Үрдүкү оскуо­латыгар ахсыс кылаас кэнниттэн математика, физика, химия биридимиэттэрин үөрэппэттэр. Онтукайым охсубута. Инньэ гынан, СГУ филологическай факультетын нуучча тылын салаатыгар киирбитим.

Олоҥхо — мин олохпор

Мин бу саха чулуу айымньытын ЮНЕСКО нөҥүө аан дойдуга иһитиннэрбиппинэн киэн туттабын, олус астынабын. Ол мин өҥөм буолбатах. Түгэнигэр таба көрөн үөрэппит-уһуйбут учууталым Аграфена Ивановна, көҕүлээбит сэҥээрбит эбээлэрим-эһээлэрим, ийэм-аҕам, истээччилэрим үтүөлэрэ дии саныыбын. Билигин сөҕөбүн уонна сүгүрүйэбин бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев кэскиллээх дьаһалларын, далаа­һыннаах дьайыыларын. Михаил Ефимович саҕалаабыта, сахалар ОЛОҤХО диэн айымньыбыт аан дойду кэрэхсэнэр, чулуу айымньыларын кэккэлэригэр айанын.

Түмүк

Мира Самырова билигин Ньурбаҕа Маалыкай орто оскуолатыгар нуучча тылын, литературатын учууталынан тахсыылаахтык үлэлии сылдьар. Кини иллээх ыал тапталлаах ийэтэ.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Мира Самырова хаартыскаларын архыыбыттар

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1