Олоҥхо Ыһыаҕын биир сүрүн сонун тэрээһининэн Олоҥхоһуттар аллеяларын арыйыы буолбута.
edersaas.ru
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин салайааччыта Александр Жирков Нам улууһун уус-уран тылынан айар талааннаах дьонугар анаммыт аллеяны арыйыы суолтатын бэлиэтээн туран, «Олоҥхо ыллыга» диэн ааттыырга этии киллэрбитэ. Аллеяны арыйаары туран, Александр Жирков: «Кэнэҕэс бу ыллык аартыкка тиийэ кэҥээтин!» — диэн алгыс тылларын анаабыта.
«Олоҥхо ыллыгын» Нам улууһун аатырбыт олоҥхоһута, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ пааматынньыгынан аспыттара.
Онтон салгыы Нам улууһун ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттарын бюст-пааматынньыктара бараллар.
Ыллык устун баран истэххэ, оройуоннааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Майя Софронова бырайыагынан тэриллибит историческай хаартыскалар быыстапкалара киһи болҕомтотун тардар.
Бу 1908 сыллаахха Нам улууһугар ыытыллыбыт ыһыаҕы соҕурууттан кэлбит фотограф идэлээх Аким Курочкин түһэрбит эбит.
«Олоҥхо ыллыга» аһыллыытыгар мустубут дьоҥҥо Майя Софронова РАН Петр Великай аатынан антропология уонна этнография (Кунтскамера), Емельян Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуойдары кытта чинчийэр үлэтин бырайыагын билиһиннэрбитин Олоҥхо Ыһыаҕын ыалдьыттара олус сөбүлээбиттэрэ.
Аким Курочкин үйэлэри уҥуордаан, Нам улууһун үйэтиппит 40 хаартыската саха норуотун ыһыаҕы ыһар былыргы үгэһин бу баардыы көрүү-истии, кырдьык да, туохха да кэмнэммэт күндү бэлэх.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Мария Васильева уонна ааптар түһэриитэ.