Эҥсиллэр Эҥсиэли хочотугар кимнээх чулуу олоҥхоһут аатын ыллылар?
“Сүгүрүйэбит, ытыктыыбыт, Улуу Олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтээҕи ХIII Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн күрэхтэһиитигэр – олоҥхону толорууга, этэргэ дылы, оҕолуун-оҕонньордуун, эдэрдиин-эмэнниин барыта 400-тэн тахса киһи кытынна. Куонкуруска оҕолорго, ыччаттарга, аҕа саастаахтарга, ансаамбылларга диэн түөрт дьүүллүүр сүбэ түүннэри-күннэри үлэлээтэ. Итини таһынан, кыттааччы сэрэбиэй тардан, тиэмэтин сонно саҥа көрөөт, баара суоҕа 1 мүнүүтэнэн “тута хоһуйуутугар” бэһис номинация биллэриллибитэ. Онон, быйылгы олоҥхо күрэхтэһиитэ хас да көлүөнэ элбэх кыттааччылаах, олус көхтөөхтүк барда.
Манна даҕатан, Эҥсиэли хочотугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхоһуттарга чиэс-бочуот оҥоһуллубутун, улуус Аҕа баһылыга Юрий Слепцов анаан-минээн көрсүбүтүн, күндүлээбитин-маанылаабытын, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев ытык-мааны олоҥхоһуттарга, олоҥхону эдэр толорооччуларга истиҥтэн-истиҥ тыллары эппитин, дириҥ махталын, эрэлин биллэрбитин бэлиэтиир наадалаах.
Дьэ, кимнээх Нам сиригэр ситиһиилэннилэр, чулуу ааты ыллылар, кыайыылаах таҕыстылар?
Оскуола оҕолоругар — 7-тэн 17-гэр диэри.
Бөлөҕүнэн толоруу:
Кылаан чыпчаал – “Арыллыы” бөлөх, Араҥастаах оскуолата, Ньурба улууһа (сал. А.В.Петрова)
I ст. лауреат — “Кулуһун” , Лөгөй оскуолата, Уус Алдан улууһа (сал. З.П.Лугинова)
II ст. лауреат — “Үрүмэччи”, Тааһаҕар оскуолата, Бүлүү улууһа (сал. М.Е.Григорьева)
III ст. лауреат – “Кулан уоланнара” бөлөх – Антоновка оскуолата. Ньурба улууһа (сал.Т.Ф.Федорова).
Биирдиилээн толоруу:
Кылаан чыпчаал – Никита Аянитов, Балаҕаннаах, Үөһээ Бүлүү улууһа (сал. А.М.Мойтохонова). “Океан” лааҕырга путевка
I ст. лауреат – Настя Барабанова, Бөтүҥ, Амма улууһа (сал. А.Д.Софронова)
II ст. лауреат – Диана Петухова, Лөгөй, Уус Алдан (сал. З. П.Лугинова)
III ст. лауреат – Виталий Сивцев, Нам улууһа (сал.Е.К.Иванова).
Итиэннэ 10 оҕоҕо анал аат иҥэрилиннэ.
Кыайыылаахтар дипломнарынан, харчынан бириэмийэлэринэн уонна Оҕо сынньалаҥ-чэбдигирдэр кииннэригэр путевкаларынан наҕараадаланнылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ олоҥхоҕо уһуйааччылар, биллиилээх педагог-маастардар, фольклор исписэлиистэрэ үлэлээтилэр.
Ыччаттарга – 17-тэн 35-гэр диэри:
Ыччат олоҥхоһуттарга кыайыылаах — Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Петр Попов.
Кылаан чыпчаал – Петр Попов, Нам улууһа, Түбэ
I ст. лауреат – Анастасия Алексеева, Чурапчы улууһа, Чакыр
II ст. лауреат – Виталий Никифоров, Мэҥэ Хаҥалас, I Тыыллыма
III ст.лауреат – Яна Ньургусова, Нам, Хамаҕатта
5 ыччат олоҥхоһукка анал аат иҥэрилиннэ.
Кыайыылаахтарга дипломнар, харчынан бириэмийэлэр туттарылыннылар.
АГИКИ III кууруһун устудьуона Анастасия Алексеева олоҥхону толорууга I таһымҥа таҕыста итиэннэ Олоҥхо тыйаатырын П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» айымньытынан олоҥхо-испэктээккэ Уйуллаан Куо удаҕан оруолун бэрт ситиһиилээхтик толордо.
Юрий Борисов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыччат олоҥхоһут» түмсүү чилиэннэрэ күөн-күрэскэ, хаһан да буоларын курдук, көхтөөхтүк кытыннылар.
35-тэн үөһээ аҕа саастаахтарга:
Кылаан чыпчаал – Елена Маркова, Нам (массыына)
I истиэпэннээх лауреат – Афанасий Попов, Таатта (убаһа)
II истиэпэннээх лауреат – Дмитрий Кривошапкин, Нам (30 тыһ.солк.)
III истиэпэннээх лауреат – Василий Павлов, Горнай (морозильнай камера)
Маны таһынан, бастыҥ олоҥхону толорооччуларга анал ааттар иҥэрилиннилэр, дипломнар, өйдөбүнньүк бириистэр туттарылыннылар.
Тута хоһуйуу
Бүлүүттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан, 35 –тэн 91-гэр диэри саастаах араас көлүөнэ олоҥхоһуттар, олоҥхону толорооччулар кытыннылар.
Кылаан чыпчаал –Дмитрий Кривошапкин, Нам улууһа
I ст. лауреат – Семен Иванов, Бүлүү
II ст. лауреат – Алексей Николаев, Таатта
III ст.лауреат – Петр Тихонов, Мэҥэ Хаҥалас.
Маны таһынан, ситиһиилээхтик кыттыбыттарга анал ааттар иҥэрилиннилэр. Кыайыылаахтарга дипломнар, харчынан бириэмийэлэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Татьяна МАРКОВА.