Олоҥхо ыһыаҕын «Кылаан кыайыылааҕар» — үрүҥ көмүс тастаах хомус
Ханнык баҕарар ааттаах-суоллаах, суон сурахтаах ыһыахтарга дьон “дьэ туох бирииһи туруораллар” диэн ыраахтан-чугастан сураһаллар. Быйылгы ыһыахха, чуолаан хомус куонкуруһун “Кылаан кыайыылааҕар” тугу туттарыахтарай? “Эдэр саас” саайт үлэһиттэрэ Хомус аан дойдутааҕы түмэлиттэн туоһуласта.
Олоҥхо ыһыаҕыгар Хомус түмэлэ 2013 сылтан бириис туруорар диэн кэпсиир Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин исписэлииһэ Туйаара Жиркова:
— Олоҥхо ыһыаҕар хомус куонкуруһун Хомус аан дойдутааҕы түмэлэ, киинэ ыытар, бөлөҕүнэн эбэтэр биирдиилээн 18-тан үөһэ саастаахтар киирсэллэр. Кыттааччылар ирдэбил быһыытынан төрүт ньымаларга олоҕуран тардыахтаахтар, маастарыстыбаларын уонна айымньыны арыйыыны көрөбүт. Уопсай түмүгүнэн биир муҥутуур кыайыылаахха “Кылаан бириис” туттарыллар.
Олоҥхо ыһыаҕын хомус куонкуруһугар туттарыллар хомустары норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах, Кэнгириэстэр иилэринэн ыытыллыбыт хомус уустарын күрэхтэригэр кыайбыт маастардар оҥороллор. 1991 сыллаахха ыытыллыбыт Хомус аан дойдутааҕы II кэнгириэһигэр чулуу уустарынан Реворий Чемчоев, Роман Готовцев, Петр Осипов буолбуттара. Ол курдук, 2019 сыллааҕы Олоҥхо ыһыаҕар Реворий Гаврильевич Чемчоев чочуйбут хомуһун бириискэ туруорбуппут. Быйыл Өлүөхүмэҕэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Петр Федотович Осипов – Төлөн Уус оҥорбут хомуһун бэлэх уунуохпут.
Үрүҥ көмүс хахтаах хомус 2019 сылтан – Намҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕыттан ыла киирбитэ. Хомус таһын (чехол) икки бүтэһик ыһыахха “Айар” ювелирнай хампаанньа салайааччыта Николай Потапов – Дабайар Уус оҥордо. Манна Хомус түмэлин эмблематын түһэрдэ уонна үгэс быһыытынан, Олоҥхо ыһыаҕа ханна ыытылларынан, эмблемата оҥоһуллар. Төбөтүгэр цирконий таас киллэһиктээх, эһэ түүтүнэн киэргэтиллибит”, — диэн кэпсээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, тустаах бирииһи Олоҥхо ыһыаҕар илдьиэхтэригэр диэри Хомус түмэлигэр көрдөрүүгэ уурдулар. Онон сэҥээрбит дьон хомус бу күннэри баттаһа түмэлгэ тиийэн көрүөххүтүн сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru