Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

2022 сыл бэс ыйын 20-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа. Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэтилиннэ.

Бэлиэ ааптарынан Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх худуоһунньук Геннадий Былков буолла. «Олоҥхо ыһыаҕа Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар уонна САССР 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар ыытыллар. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыахтаах. Бэлэмнэнии үлэлэр 2020 сылтан саҕаламмыттара. Ыһыах эбийиэктэрин тутууга уонна өрөмүөҥҥэ улахан үлэ барда», — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтиир.

Бэлиэҕэ Хотун Бүлүү уобараһа, олоҕу бэлэхтиир, дьиэни-уоту араҥаччылыыр Ийэ мөссүөнэ ойууламмыт. Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин: “2022 сыл Үөһээ Бүлүү улууһугар Ийэ тыл сылынан биллэриллибитэ. Онон ыһыах бэлиэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылын уонна улуустааҕы Ийэ тыл сылын кэрэһилиир”, — диэн эттэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0