Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар кэмигэр Мииринэй өттүттэн кэлэргэ Бүлүү өрүһү туорааһыҥҥа 13 паром үлэлиэҕэ. Маны таһынан, пассажирдары таһарга анал лицензиялаах сэттэ суудуна эмиэ үлэлиэҕэ.
— Паромнар кыраапык быһыытынан, биирдии чаас буола-буола сылдьыахтара. Барыта 13 паром үлэлиэҕэ. Паромнар 10-тан 42-гэ диэри массыынаны киллэрэр, туоратар кыахтаахтар. Билигин паром тохтуур сирдэрин оҥоро сылдьаллар, онно туалеттаах, суол бэлиэлээх буолуохтара. Паромнарга видеокамералар туруоруллуохтара. Паром сырыытын “Паромы Якутии” мобильнай сыһыарыы көмөтүнэн булан көрүөххэ сөп, — диэн тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев этэр.
Ол курдук, бу күннэргэ Сунтаар — Уустуйа, Кириэстээх — Мииринэй, Күндээдэ, Үөһээ Бүлүү — Хоро хайысханан паромнар тиһигин быспакка үлэлиэхтэрэ. Олоҥхо ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан элбэх ыалдьыт, кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.