Волонтердар тэрээһиннэргэ, үлэҕэ-хамнаска, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөргө инники күөҥҥэ сылдьаллар, көхтөөхтүк, сэргэхтик үлэлииллэр.
Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт улахан далааһыннаах тэрээһиҥҥэ — «Олоҥхо ыһыаҕар» волонтердар өрүү буоларын курдук, эмиэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Дьокуускайтан далааһыннаах ыһыах түһүлгэтигэр тиийэн волонтердары кытары үлэлэспит Евгений Амбросьевы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттим:
—Улуустааҕы култуура, ыччат, дьиэ кэргэн уонна успуорт управлениета быйылгы дуорааннаах түһүлгэҕэ анаан волонтердар куорпустарын тэрийбитэ. Бу управлениены салайар Регина Ларионова волонтердар куорпустарыгар бэрэссэдээтэллээтэ. Мин СӨ Ыччат министиэристибэтигэр өрөспүүбүлүкэ волонтердарын кытары үлэлиир киин исписэлииһэ буоларбынан куорпуһу салайыстым, ыччаты кытары үлэлэстим.
Барыта сүүһүнэн ыччат улуус нэһилиэктэриттэн муһунна. Манна 10-11 кылаас оҕолоро олус көхтөөхтүк кытыннылар. Бары да үлэҕэ-хамнаска түсүһэн иһэр наһаа сүрэхтээх, билиигэ-көрүүгэ дьулуһар, наһаа сэргэх, ураты көрүүлээх, этиилээх, толкуйдаах, көхтөөх, көрдөөх, сырдык ыралаах, биир кэм үөрэ-көтө сылдьар олус үчүгэй ыччаттар түмүстүлэр. Өлүөхүмэ улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииниттэн кэлбит волонтердар Аанньаах хочотун күн ахсын олус үчүгэйдик, киһи эрэ көрүнэн, бэйэ бодотун тардынан, өрө көтөҕүллэн киирэрин курдук бэлэмнээн дьон-сэргэ санаатын өссө өрө көтөхтүлэр, тулалыыр эйгэҕэ ыччат хайдахтаах харыстабыллаах сыһыаннааҕын бигэргэттилэр. Итини сэргэ, успуорт, култуура, пресс-киин хайысхаларынан үлэ тиһиктээхтик тэрилиннэ.
Араас үчүгэй, киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэр, долгутар, болҕомтону тардар күрэстэр, быыстапкалар, тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Улаханнык астынан туран олохтоохтору, ыалдьыттары, ыччаттары кытары сэһэргэстим. Олоҥхону толорооччулар, оһуохайдьыттар, хомусчуттар, уустар түһүлгэлэрэ, быыстапкалар үрдүк таһымнаахтык ыытылланнар ыччат дьон болҕомтотун улаханнык тартылар, сөҕүүнү-махтайыыны ыллылар. Талааннаах дьоммутун уу харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн улаханнык астынныбыт. Бу барыта кэнчээригэ үтүө холобур буолар.
Өссө биир умнуллубат улахан үөрүүбүтүнэн, долгуйуубутунан биһиэхэ, волонтердарга, СӨ Ил Дархана А.С.Николаевы кытары көрсүһүүбүт буолла. Биһиги Ил Дархаммыт ыччакка болҕомтотун уурар. Өрөспүүбүлүкэтин, төрөөбүт дойдутун, тапталлаах нэһилиэгин туһугар кыһанар эдэр дьону кини бэлиэтии көрөр. Ыччаттар, оҕолор хамсааһыннарын өйүүр. Бу ыһыах дуорааннаах түһүлгэтигэр көрсөн сэһэргэһиигэ волонтердар сэҥээрэр ыйытыыларын биэрдилэр, сиэри-туому тутуһуу, үгэс туһунан токкоолостулар. Кэпсэтии сэргэх буолла. Волонтердар маннык көрсүһүү тэриллибититтэн наһаа үөрдүлэр, сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ. Кэлэр да өттүгэр тэрээһиннэргэ барытыгар үөрүүнэн кыттар, кыттыһар, көмөлөһөр баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Волонтердар көхтөөх хамсааһыны таһаарар , бигэ тирэх буолар сүдү күүстээхтэр.
Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ