Олоҥхо Ыһыаҕа: нэһилиэктэр улуустар дэлэгээссийэлэрин көрсүөхтэрэ

Ааптар: 
13.06.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Олоҥхо Ыһыаҕар Нам улууһун нэһилиэктэрэ улуустар дэлэгээссийэлэрин көрсөргө бэлэмнэнэллэр.

edersaas.ru

Аҕыйах хонугунан Нам улууһун олохтоохторугар эппиэттээх кэм үүнээри турар. Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Олоҥхо Ыһыаҕар ыраахтан-чугастан киһи бөҕө мустуоҕа. Олоҥхо Ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччытын солбуйааччы Мария Макарова иһитиннэрбитинэн, Нам улууһун нэһилиэктэрэ иккилии улуус бэрэстэбиитэллэрин көрсүөхтэрэ.

Ол курдук, улуустар дэлэгээссийэлэрин нэһилиэктэринэн маннык аттардылар:

  • Ленскэй нэһилиэгэ — «Дьокуускай» куорат уокуруга, Жатай бөһ. уонна Алдан оройуона;
  • Никольскай нэһилиэгэ Мэҥэ Хаҥалас  улууһа;
  • Хамаҕатта нэһилиэгэ Абый уонна Уус Алдан улуустара;
  • Партизан нэһилиэгэҮөһээ Бүлүү уонна Муома улуустара; 
  • 1-кы  Хомустаах нэһилиэгэМирнэй оройуона  уонна Бүлүү улууһа;
  • Үөдэй нэһилиэгэӨлүөхүмэ уонна Уус Маайа улуустара;
  • Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ Сунтаар уонна Өлөөн улуустара;
  • Бөтүҥ нэһилиэгэУсуйаана уонна Амма улуустара;
  • Модут нэһилиэгэЧурапчы уонна Эбээн Бытантай улуустара; 
  • Хатырык нэһилиэгэТаатта уонна Аллараа Халыма улуустара;
  • Маймаҕа нэһилиэгэНерюнгри уонна Аллайыаха улуустара;
  • Түбэ нэһилиэгэ Булуҥ улууһа уонна Ленскэй оройуона;
  • Арбын нэһилиэгэӨймөкөөн уонна Анаабыр улуустара;
  • Көбөкөн нэһилиэгэХаҥалас улууһа;
  • Фрунзе нэһилиэгэДьааҥы уонна Эдьигээн улуустара;
  • 2-с Хомустаах нэһилиэгэНьурба уонна Орто Халыма улуустара;
  • Искра нэһилиэгэ — Томпо улууһа;
  • Салбаҥ нэһилиэгэ Кэбээйи улууһа;                                   
  •  Таастаах нэһилиэгэГорнай уонна Үөһээ Халыма улуустара.     

         Мин нэһилиэктэр баһылыктарыттан, ыалдьыттарын ким хайдах көрсөөрү бэлэмнэнэрин ыйыталастым. Онуоха баһылыктар маннык былааннаах эбиттэр:                                          Иван Максимов, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга: 

Биһиги Уус Алдан уонна Абый улуустарыттан 20-лии (уопсайа 40 киһи) киһини көрсүөхтээхпит. Уус алданнары кытта билсэ сылдьыбыппытыгар, Олоҥхо Ыһыаҕын бырагыраамаларыгар кытта 120 киһи иһэр үһү. Биһиги бүгүн нэһилиэкпит 10 уопсастыбаннай тэрилтэтин кытта ыалдьыттары көрсөр аспытын-үөлбүтүн быһаарыстыбыт, сүбэлэстибит. 

Борис Бугаев, Арбын нэһилиэгин баһылыга: 

Биһиги Өймөкөөн улууһун уонна Анаабыр улуустарын 10-нуу киһилээх дэлэгээссийэлэрин көрсүөхтээхпит. Нэһилиэкпит Өлүөнэ Эбэ уҥуор өттүгэр баар, онно 250 киһи олорор. Онон Олоҥхо Ыһыаҕын иннинэ анаан тэринэн кэлиэхпит. Ыалдьыттарбытын алгыһынан, арыылаах алаадьынан, кымыһынан айах тутан көрсүөхпүт. 

Петр Сокольников, Модут нэһилиэгин баһылыга:

— Биһиги Чурапчыттан 20 киһилээх, Эбээн Бытантайтан 10 киһилээх дэлэгээссийэлэри көрсөөрү тэринэ сылдьабыт. Чурапчыларбыт 19 чыыһылаҕа сарсыардаттан айаҥҥа туруналлар. Мин  муус устарга Чурапчыга анаан тиийэн: «Олоҥхо Ыһыаҕар эһиги улуускут дэлэгээссийэтин биһиги нэһилиэкпит көрсөр», — диэн улуус салалтатын кытта көрсө сылдьыбытым. Онтон ыла сибээспитин быспаппыт. Эбээн бытантайдары кытта сибээс нөҥүө билсэ олоробут.  Ыалдьыттарбытыгар  анаан биэ идэһэлээбиппит. Онон   кинилэргэ  сибиэһэй эмис сылгы этин амсатыахпыт. 

Нэһилиэкпитин көрүөхтэрин баҕардахтарына, илдьэ сылдьыахпыт, көрдөрүөхпүт, кэпсиэхпит. Улууспут киинин Нам бэлиэ сирдэринэн экскурсия ыытыахпыт. Олоҥхо Ыһыаҕынан сибээстээн нэһилиэкпит туһунан анаан кинигэ, символика, сувенир оҥотторбуппут. Онон ыалдьыттарбытын көрсөргө ох курдук бэлэммит. Олоҥхо Ыһыаҕа аһыллыытын кэнниттэн түһүлгэбитигэр ыҥыран аҕалан, ыалдьыттарбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүөхпүт. 

Кэлэр нэдиэлэ ортотугар үтүмэн ыалдьыт Нам туһаайыытын тутуспутунан айанныаҕа. Бу күннэргэ үгүс киһи: «Олоҥхо Ыһыаҕар көрсүөххэ диэри!» — диэн самаан сайын биир үтүө кэмигэр бииргэ көрсөргө болдьоһоллор.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Олоҥхо Ыһыаҕын дириэксийэтин архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0