Сунтаарга «Удьуор утума» олоҥхоһуттар удьуор утумнарын түмэр ахтыы дьоро киэһэтэ быйыл төрдүс төгүлүн ыытылынна. Бу дьоро күн олоҥхоһут, уус Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс Уола 125 сылыгар ананна.
edersaas.ru
Бу тэрээһиҥҥэ сиэннэрэ, хос уонна хос-хос сиэннэрэ кыттыыны ыллылар. «Уол Дуолан Бухатыыр» диэн олоҥхотун кинигэҕэ тиспит филологическай наука доктора В.В.Илларионов саҥа олох ситиминэн Дьокуускай куораттан эфирга тахсан ахтыы оҥордо. Кини: «Бөөдөс олоҥхо туһунан кинигэ суруйарбар аан бастаан сирдээбит киһим». — диэн ахтан ааста.
Кутана нэһилиэгиттэн, Күүкэйтэн, Сиэйэттэн аймахтара кыттыыны ыллылар. Хос сиэнэ Сайаана Үөһээ Бүлүүгэ НПК кыттан хос эһэтин туһунан кэпсээбитин, кини олоҥхотун ырыппытын иһиттибит-сэргээтибит. Улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччыта Г.М.Еремеев, Кутана нэһилиэгин баһылыга Н.В.Давыдов, улуус култууратын салалтата истиҥ эҕэрдэлэрин, махталларын тиэртилэр.
Аймахтар эҕэрдэ тойуктарын, истиҥ ырыаларын сэргэ сиэнэ М.Семенов эһэтин олоҥхотун толордо. Дьоро тэрээһин оһуокайынан түмүктэннэ.
Мария Кобельянова-Тускулаана, edersaas.ru